Оскуола иитэр үлэтэ өбүгэ үтүө үгэһигэр олоҕуран, кэм-кэрдии хаамыытынан салайтаран, сиэрдээх-майгылаах, киһилии киһини иитэн таһаарыыга сыал-сорук туруорунан үлэлиир.

Хас биирдии үөрэхтээһин систиэмэтэ таһаарыылаахтык үлэлиирин туоһутунан оҕо-педагог-дьиэ-кэргэн биир ситиминэн алтыһыылара буолар. Биһиги оскуола 2013 сылтан «Индивидуальный образовательный маршрут обучающегося с разными возможностями» диэн ис хоһоонноох анал бырагырааманан үлэлиир. Бу бырагыраама уратыта диэн оҕо төрүччүтүгэр олоҕурбут сатабылларын сайыннарыы буолар. Биһиги  улуустааҕы “Сатабыл” оҕону сайыннарар киини кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. Ол курдук сүрүннээн биһиги алтыһыыбыт “Оҕо сатабыла – JuniorSkills” күрэстэригэр бэлэмнэниигэ, ситиһиилээхтик кыттыыга  көстөр.

 

«Сатабыл» күрэс араас кэмпэтиэнсийэтин кыттыылаахтара

 

 

Дириэктэри  иитэр үлэҕэ солбуйааччы Нария Петровна Васильева хас биирдии дьиэ кэргэни кытта үлэлэһэн,  кини сатабыллаах салайыытынан бу күрэскэ  бэрт бэлэмнээхтик кытталлар.

Сылын аайы элбэх көрүҥ түмүгүнэн  биһиги оскуола хамаандата  кыайыылаах аатыттан түһэ илик.

Туора Күөл оскуолатын учууталлара.

Читайте дальше