Оҕо үөрэҕи ыарырҕатара урут да баара, билигин да баар. Бу боппуруос билигин даҕаны олус сытыытык турар.
Хас биирдии кыра оҕо оскуола боруогун үөрэ-көтө атыллыыр, кини үчүгэйдик үөрэниэн баҕарар. Оҕо үөрэнэн иһэн көрдөҕүнэ сатаабата, кыайбата элбээн иһэр, атын оҕолортон хаалан иһэрин билэр, санаата түһэр. Үчүгэйдик үөрэниэн баҕарар, ол эрээри кыайбат. Буукубаны-буукубаҕа холбуурун, сүһүөххэ холбоон тыл таһаарарын ыарырҕатар, буукубаларын буккуйар, тылы сүһүөххэ араарарын өйдөөбөт, буукуба хайдах сурулларын умнар, суруйарыгар тарбахтара сылайаллар, учуутал этэрин, быһаарарын өйдөөн истибэт, түргэнник умнар, бытаан буолан оҕолортон хаалар, истибитин быһааран кэпсээбэт, түргэнник сылаарҕыыр, устунан кынньар, утуйар уута кытта кэһиллэр. Бу бастакы кылаас оҕото оскуолаҕа көрсөр кыһалҕата.
Туохтан маннык буоларый? Оҕо ситиһиилээхтик үөрэнэригэр туох мэһэйдиирий?
Сүрүн биричиинэтэ араас буолар. Олортон биирдэстэринэн оҕо оскуолаҕа киирэригэр психическэй процесстара, ол аата болҕомто, өйгө тутар дьоҕур араас көрүҥэ, оҥорон ойуулаан көрүү, ырытыы, толкуй ситэ сайдыбатаҕыттан, бытааннык сайдарыттан тутулуктаах. Кини өй үлэтин араас көрүҥүн баһылыы илик буолуон сөп. Сайыннарыылаах үөрэҕи төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Д.Б. Эльконин этэринэн, оҕо ситиһиилээхтик үөрэнэригэр, бастатан туран, бэйэтин дьайыытын уопсай ирдэнэр оскуола быраабылатыгар сөп түбэһэр курдук сатаан салайынар, былаанныыр, учуутал этэрин истэн, чуолкайдык барытын бириэмэтигэр толорорун сатыахтаах. Ол иһин, оҕону кыра эрдэҕиттэн дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһүннэрэн, бэйэтин көрүнэр-дьаһанар, оҕолору кытта биир тылы булан, эйэлээхтик оонньуур, дьонугар илии-атах буолан, туһалыырга үөрэтиэхтээхпит.
Уруокка үөрэнээччи учуутал быһаарарын болҕойон уонна тулуйан истэр буолуохтаах. Оҕо саҥаны истэр дьоҕура мөлтөх уонна дорҕоону таба саҥарбат буоллаҕына, ааҕарыгар уонна суруйарыгар үгүс эрэйи көрсөр. Дорҕооннору арааран истибэт эбэтэр атыннык истэр. Буукубаны, сүһүөҕү көтүтэр, буукубалар миэстэлэрин атастаһыннарар, эбии буукубаны суруйар, тылы сыыһа сүһүөхтүүр. Эбэтэр олох да хайдах саҥарарын курдук суруйуо. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн кыра хоһооннору, кэпсээннэри ааҕан, остуоруйалаан тыл сүмэтин иһитиннэриэххэ, сэҥээрдиэххэ, өйдөммөт тыллары быһаарыахха, тылы сөпкө ыраастык саҥарарын ирдиэххэ, эрчийиэххэ сөп.
Сурук үлэтэ кыра оҕоҕо ыарахан үлэ. Суруйуу тулууру, дьулууру, болҕомтолоох буолары эрэйэр. Оҕо тарбахтарын былчыҥа ситэ сайдыбатах буоллаҕына, буукубаны строкаҕа суруйарыгар мэһэйдэри көрсөр. Көнө сурааһына иҥнэри барыа, төкүнүк буукубата ньолбоҕор буолуо, кыһалла сатаан суруйарыттан быччыҥнара күүрүө, хараҕа сылайыа. Буукубаны суруйа олорон ханнык буукубаны суруйарын толкуйдуур, ырытар, хас эмэ үлэ тэҥҥэ ыытылларынан манна мэйии күүскэ үлэлиир. Оҕону кыра эрдэҕинэ кырааскалатан, кумааҕыны, хортуону кырыйтаран, килиэйдэтэн, араас оҥоһуктары оҥорторору сүбэлиибин. Билигин тарбаҕы эрчийэр араас эрчиллиилэр баар буоллулар. Кинилэр мэйии үлэтигэр олус туһалаахтар.
Маны таһынан оҕо ситиһиилээхтик үөрэнэригэр саҥарар саҥата тутаах хайысханан буолар. Саҥарар саҥа киһи тобуллар өйүн кытта ыкса сибээстээх. Уруокка истибитин сатаан быһааран кэпсээбэт, аахпытын ис хоһоонун өйдөөбөт, элбэх тылы билбэт буолан кэпсиирин ыарырҕатар. Бэриллибит задача ис хоһоонун өйдөөбөтүттэн сатаан суоттаабат. Тыла сайдыбатах, кэпсии үөрэммэтэх оҕо бары биридимиэккэ ыарахаттары көрсөр. Ити алҕастары туоратар сыалтан оҕону кыра эрдэҕиттэн элбэҕи саҥарарын, көрбүтүн-истибитин үллэстэрин, кэпсээннэри, остуоруйалары ааҕан уонна айан кэпсиирин тулуйан истэр, сэҥээрэр олус туһалаах. Элбэх билбэт тылларын хайаан да быһааран биэрэр ордук. Маны таһынан өйгө тутар дьоҕурун кыра эрдэҕиттэн сайыннаран, хоһооннору үөрэтэн, ыллатан, өйгө суоттатан, дуобаттатан, сүүрүүлээх-көтүүлээх, остуол оонньууларын оонньотон сайыннарыахха сөп. Оҕо кинигэни ааҕа да илигинэ кинигэттэн, сурунаалтан араас сорудахтары толотторон, икки хартыыҥкаттан биридимиэти, уратыларын, туох уларыйбытын булларан, пазллары хомуйтаран, оҕо өйгө тутар дьоҕурун дьарыктыыр олус туһалаах.
Кинигэни ааҕыы оҕо болҕомтото, өйгө тутар, оҥорон көрөр дьоҕура, толкуйа сайдарыгар суолтата олус улахан. Великобритания учуонайдара чинчийбиттэринэн, кинигэни ааҕыы мэйии үлэтин бүтүннүүтүн эрчийэр, кини хамсаныы былчыҥҥа туһалыырын курдук олус туһалаах. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн төрөппүт уонна оҕо бииргэ олорон кинигэ аахтаҕына кинилэр икки ардыларыгар ураты сылаас сыһыан үөскүүр, оҕо биир тэҥ майгылаах, киэҥ-холку уонна бэйэтигэр эрэллээх буола улаатар.
Оҕо оскуолаҕа киирэн баран үөрэҕин ыарырҕаппатын туһугар бу этиллибит психическэй процесстар төһө сөпкө сайдан иһэллэрин кэтээн көрүөххэ, бириэмэтигэр көмөлөһөр ордук. Ханнык баҕарар оҕоҕо көмөлөстөххө, кини үөрэҕи ыарырҕаппакка үөрэ-көтө үөрэниэ, дьонун үөрдүө.
В.Г.Винокурова, дефектолог.