Тааттатааҕы «Эдэр натуралистар ыстаансыйаларыгар» атырдьах ыйын 1 күнүттэн үһүс сезонун 5 оҕо нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйар киин нөҥүө үлэлээтэ.

Кэлэр кэнчээрилэрбит сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык атааран, хамнас аахсан, оҕолорбут оҕуруоту үүннэриигэ, дьиэ кыылын иитиигэ бастыҥ сатыбылы иҥэриннилэр.

Эдэр үлэһиттэр оҕуруот аһын, кыһыҥҥы, сайынны сибэккилэри, кыыллары көрүүгэ-харайыыга үөрэннилэр. Ол курдук оҕуруокка улахан кылаас үөрэнээччилэрэ сыыс оту ыраастаатылар, үүнээйигэ уу куттулар, кыыллары аһатан, турар сирдэрин ыраастаатылар. Оҕолорбут үүнээйи отун быһан, бириэмэтигэр кырыйан, сиппит астары хомуйан, атыыга таһаардылар. Ону таһынан укроп, петрушка отун куурдан-хатаран, кыһыҥҥы хаһаастары бэлэмнээтилэр.

Үүнэр кэнчээрилэрбит үлэни өрө тутан, оҕону сайыннарар тэрилтэ тэлгэһэтигэр үүммүт сайыҥҥы сибэккилэринэн араас композициялары оҥорон, кэрэ эйгэтин үөскэтэн, сир симэхтэрин быһыытынан, көрүҥүнэн көрөн тупсаран кырыйдылар.

Бу курдук оҕону сайыннарар тэрилтэ кэлэр кэнчээрилэрбитигэр туһалаах сынньалаҥы тэрийэн, олох оскуолатыгар уһуйара кэрэхсэнэр.

Мария Павлова.

Читайте дальше