И.Н. Гуляев аатынан Туора- Күөл орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Таня Алексеева дьон-сэргэ биһирэбилин, киэҥ сэҥээриитин ылар хартыыналары айар.
Кини уруһуй уоннатехнология учуутала Анна Артуровна Бережноваҕа уһуйуллан, араас таһымнаах уруһуй куонкурустарыгар кыттар, эбии дьарыктанан үгүс үөрүйэхтэри ылан, сатабылын сайыннарар.
Таня үлэтин биир хайысхатын норуот сүгүрүйэ ааттыыр, Тааттаттан тахсыбыт саха Саарыннарыгар ананар.
Ааспыт сылга IV төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Пою мое отечество» уруһуй күрэҕэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах аныгылыы «Дьокуускай» диэн композициятынан 3-с истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүтэ.

Тааттаҕа саха бастакы профессиональнай худуонньуга Иван Васильевич Поповка аналлаах уруһуй күрэҕэр 1 миэстэни ылбыта.

Быйыл норуот чулуу уола төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “IIS-UUS, AS FEST” этнографическай бэстибээлгэ улуу суруйааччы күн сирин көрбүт дойдутун, архитектура хайысхатыгар плэнергэ кыттан, Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай музейы гуаһынан уруһуйдаан, дипломунан наҕараадаламмыта.

Таатта улууһугар Байанай ыйа Платон Алексеевич Ойуунускайга анаммытынан улуу суруйааччы саха аймахха оҥорбут үтүөтэ, саҥа саҕалааһыннара олоххо чиҥник киирбититтэн дуоһуйбут эдэр мөрсүөнүн өйүттэн оҥорорго холонно.


Бу курдук үүнэр көлүөнэ олох уйгутун олохтообут Улуу дьоммут сырдык ааттарын үйэтитэ, үүнэр көлүөнэ кинилэр тэлбит суолларын салгыы, кэс тылларынан сирдэтинэ, эдэр талааннар саҥаны айа-тута туралларыгар баҕарыаҕыҥ.

Читайте дальше