Норуот үөрэҕириитин туйгуна Е.Е.Петрова төрөөбүтэ 70 сылыгар…
Алампа аатынан оскуола устуоруйатыгар элбэх даҕаны чаҕылхай түгэннэр бааллар! Олортон биирдэстэрэ — 1971 с. Ытык-Күөл орто оскуолатын бүтэрээччилэр аттестат тутар долгуйуулара, эҕэрдэлэр, алгыстар. Физмат кылаас I выпуһа буолбут 10 “в” кылаастан Дуня Таппахова, Еля Афанасьева Хайҕал грамотаны кытта СГУ физмат факультетыгар быһа киириигэ ыҥырыы туппуттара. Дьэ бу маннык үрдүк үөрүүнэн доҕуһуолламмыта Дуня Таппахова улахан олоххо үктэниитэ.
Бу ситиһии хайдах түстэммитэй? Алта оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ убайын кытта балтын, бырааттарын көрбүт-харайбыт, пионерскай оҕо сааһыгар звеньевойдаабыт, оскуолатааҕы сылларыгар актыбыыстаабыт буолан, Дуня дьаһаллаах, эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх, билиигэ-көрүүгэ, үөрэххэ-сайдыыга күүстээх тардыһыылаах этэ. Тааттаҕа Ытык-Күөл орто оскуолатыгар маҥнайгынан тэриллибит физмат кылааска бастыҥ үөрэнээччилэртэн биирдэстэрэ Дуня Таппахова научнай-практическай конференцияларга кыттара, физика, математика, черчение олимпиадаларыгар бастыыра.
Ол да курдук дьаныардаахтык үөрэнэн, үрдүк үөрэх кыһатыгар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта, университет студпрофкомугар, 3 сыл “СОФИМ” тутар этэрээккэ үлэлээбитэ. Манна кини олоҕун аргыһын Дмитрийи көрсөн, 1975 с. дьоллорун холбоон, Уус-Алдан кийиитэ буолбута.
1976 с. үлэтин суолун бэрт ситиһиилээхтик Дьокуускайдааҕы колония-оскуолаттан саҕалаабыта. Салгыы 9-с, 7-с оскуолаларга үлэлээбитэ. 1978 с. 2 оҕолоох кэргэннии Петровтар Евдокия Егоровна дойдутугар Тааттаҕа ананан, 1 сыл Чөркөөххө, салгыы Ытык-Күөл орто оскуолатыгар айымньылаах үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Евдокия Егоровна кылаас салайааччытынан, саҥа тэриллиэхтээх кабинет сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Кэргэнин Дмитрий Петровиһы, коллегаларын А.В.Винокурованы, Л.М.Потапованы кытта күнүстэри-түүннэри үлэлээн, кабинет былааннаммытын курдук силигэ ситэн испитэ. Евдокия Егоровна бэйэтэ суруйан-бичийэн оҥорбут стендэлэрэ, световой таблолар, кодопозитивтар, тирэх таблицалар, электропроводкалаах омтуоллар – барыта саҥа ирдэбиллэргэ толору эппиэттиирэ. Элбэх дидактическай матырыйаал, көмө пособиелар мунньуллубуттара, картотеканан дьаарыстаммыттара. Кабинет оскуола радиоузелын үлэлэтэрэ. Сотору кэминэн кабинет паспортизацияланан, оройуоҥҥа “Бастыҥ кабинет” анал аакка тиксибитэ, 1984 с. айар отчуотун ыыппыта. Бу кабинекка кылаастар холбоһук тэрээһиннэрэ, араас хабааннаах коллективнай үлэлэр, семинардар ыытыллаллара, бэл диэтэр, мааны ыалдьыттарбытын манна көрсөрбүт. Ол курдук, 1986 с. З.П.Багынанова Варвара Потапова хоһооннорунан композициятын учууталлар уонна улахан кылаас оҕолорун иннилэригэр бу кабинекка үрдүк иэйиилээхтик аахпытын умнубакка өйдүүбүн.
Евдокия Егоровна талааннаах тарбахтаах оформитель-худуоһунньук этэ. Кини тушь кыраасканан чуолкай шрибинэн 1982 с. тэриллибит Албан аат хоһун стендэлэрин эмиэ суруйбута. 1989 с. Р.Ф.Кулаковскай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан кини олоҕун сырдатар 22 лиистээх планшеты оҥорбутун көрбүт эрэ үрдүктүк сыаналыыр. Кини ити талаана бырааттарыгар Алексейга, Гошаҕа уонна 2 оҕотугар удьуордаан бэриллибитэ. Гоша Таппахов Чөркөөх музейыгар баран, самородок-худуоһунньук И.И.Сивцев-Мытыйыкы Л.Н.Толстой мэтириэтин оҥорбутун куопуйалаан аҕалбытын А.В.Белина 1978 с. Л.Н.Толстой 150 сылыгар аналлаах Бүтүн Россиятааҕы литературнай бырааһынньыкка илдьэ баран, салайар делегациятын биир чилиэнин дакылаатыгар сыһыары тутан көрдөрбүттэрэ биһирэнэн, телевидениеҕа уһулбуттара. Куопуйаны Толстой музей-дьиэтигэр бэлэхтээбиттэрэ. Оттон Евдокия Егоровна оҕолоро Дима Нам педучилищетыгар үлэ, уруһуй, черчение учууталын идэтигэр үөрэммитэ, Степа черчение олимпиадаларыгар ситиһиилээхтик кыттара.
Евдокия Егоровна үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэр дириҥ махталларын ылбыт улахан буукубаттан суруллар Учуутал буолар. Кини оҕолору Шаталов ньыматынан үөрэтэн, 2 сыл инниттэн экзамеҥҥа бэлэмниирэ, тиэмэлэринэн зачеттары тутара, дириҥэтэн үөрэтэн наука эйгэтигэр киллэрэрэ.
Кылаас салайааччытын быһыытынан Евдокия Егоровна 5 выпуһу олоххо бэлэмнээбитэ. Ким туохха дьоҕурдааҕын таба көрөн, салайан-аттаран сайыннарара, үөрэххэ, олоххо бэлэмниирэ. “Биһиги кылааска учкуом бэрэссэдээтэлэ, командир, знаменосец бааллара. Киниэхэ үөрэммиппит тухары биирдэ да бэрээдэги кэспэтэхпит”, — диэн ахтар 1984 с. иитиллээччитэ Д.А.Алексеев. Космофизик идэтин баһылаабыт Г.П.Решетников махталын маннык эппит: “Мин физик буолбуппар сүҥкэн оруолу учууталым, кылааһым салайааччыта, биир идэлээҕим Евдокия Егоровна Петрова ылбыта”.
Евдокия Егоровна 1981, 1983 сс. выпусктара бастыҥ көрдөрүүлээх буоланнар, кылааһынан Арменияҕа, Грузияҕа, Украинаҕа, Белоруссияҕа күүлэйдии барар чиэскэ тиксибиттэрэ. 1984 с. оҕолоро Сэбиэскэй Эйэ фондатын Махтал суругунан наҕараадаламмыттара. 1986 с. 10 “г” кылааһа тутуспутунан “Сайдыы” совхозка тахсан, оройуон үөрэнээччилэригэр бачыым көтөхпүттэрэ.
Евдокия Егоровна уһуннук-кылгастык үлэлиириттэн тутулуга суох биир тэҥ эппиэтинэстээхтик үлэлиирэ. 1990 с. выпуск 10 “г” кылааһа IV чиэппэргэ салайааччыта суох хаалбытыгар Евдокия Егоровна ылсан, 28 оҕону, төрөппүттэри түмэ тардан, экзаменнарга үтүө түмүктэри ситиһэн, умнуллубат банкеты тэрийэн, оҕолорго өйтөн сүппэт үрдүгү, кэрэни бэлэхтээбитэ.
Киэҥ далааһыннаах тэрийэр-салайар дьоҕурун Евдокия Егоровна дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы быһыытынан арыйбыта. Кылаас салайааччытын үлэтин педагогика сүрүн олуктарыгар тирэҕирэн тэрийии, үлэни “кэскиллээх, нэдиэлэтээҕи, бүгүҥҥү” диэн үс түһүмэҕинэн былааннааһын, кылаас актыыбын инициативнай бөлөх быһыытынан үлэлэтии, идэҕэ туһаайыы, оҕону духуобунай өттүнэн сайыннарыы – Евдокия Егоровна бу ирдэбиллэрэ иитии үлэтигэр сонун тыыны киллэрбиттэрэ.
1987 с. Евдокия Егоровна оскуола профсойууһун бэрэссэдээтэлинэн талыллан, үгүс өрүттээх үлэтинэн коллектив махталын ылыан ылбыта.
Оройуон физик учууталларын методхолбоһугун эмиэ үрдүк көдьүүстээхтик салайбыта: 4 оскуолаҕа физиктэр семинардарын, VII кылаастан ыла саҕалаан үөрэнээччилэргэ физика олимпиадаларын, турнирдары тэрийэн ыыппыта. Национальнай оскуола концепцията олоххо киириитин даҕаспытынан физика задачаларын ис хоһоонугар олохтоох матырыйаалы киллэрэн, коллегаларын кытта пособие оҥорбута. Ытык-Күөл 1 №-дээх, Игидэй, Чымынаайы, Уолба оскуолаларыгар VII-VIII кылаастарга сахалыы үөрэтиини киллэрбитэ. Методическай дакылааттарыгар бэйэтин уопутун сырдатан, өрөспүүбүлүкэтээҕи куурустарга 3 төгүл лектор быһыытынан ыҥырыллыбыта.
1990-1992 сс. Евдокия Егоровна үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар бастыҥ уопуту тарҕатыыга методист-инспекторынан ананан элбэх сонун идиэйэлэри олоххо киллэрбитэ. Кини аатын кытта быһаччы сибээстээхтэр: кини төрүттээбит “Сыл учуутала” куонкурус, “Бастыҥ оскуола” көрүү, оҕолорго аналлаах “Ача” диэн олохтоох телестудия биэриитэ, оройуон хаһыатыгар бастыҥ учууталлар уопуттарын сырдатар анал балаһа, араас таһымнаах семинардар. Саҥаны, бастыҥы тарҕатыыга бириэмэтин, доруобуйатын харыстаабакка элбэхтик айанныыра.
1992 с. күһүнүгэр саҥа аһыллыбыт Тааттатааҕы гимназияҕа физика учууталынан ыҥырыллан үлэтин тэтимнээхтик саҕалаабыта. Оҕолору кытта биирдиилээн үлэни тэрийии, диагностирование, кинилэр ситиһиилэрин сабаҕалааһын, кэтээн көрүү, кэлиҥҥи түмүктэри тэҥнээһин, ырытыы курдук ис хоһоонноох научнай тиэмэни ылсан, хас да сыллаах чинчийии үлэтин саҕалаабыта.
Итиччэ үлүгэр күүстээх үлэтин быыһыгар Евдокия Егоровна алаһа дьиэ хаһаайката, бастыҥ саха ыалын ийэтэ, дьиҥнээх Далбар Хотун этэ. Кини сатаабата диэн суоҕа. Этэрбэһи, бэргэһэни, көстүүмү иҥнибэккэ тигэрэ, этэрбэс билэтин оҕуруонан тиһэрэ, быысапкалыыра, баайара, уһанара. Сир астаан, от мунньан, сүөһү ииттэн, толору дьоллоох кэргэн, ийэ этэ. Айылҕаттан күүс ылар, бэриэт көрөр, өтө сэрэйэр дьоҕурдаах чараас эйгэлээҕэ. Чугас дьонун араҥаччылыы сылдьарга ананан төрөөбүт аанньал курдук ыраас дууһалааҕа. Аҕатын эдьиийин Екатерина Алексеевнаны, тапталлаах ийэтин Мария Порфирьевнаны күннэтэ көрөрө-харайара, ыарыылыыра
Бэйэтин харыстанар туһунан санаабакка, төһө да ыарытыйдар, үлэ, олох умсулҕаныгар сылдьан, 1993 с. муус устар 27 күнүгэр, баара-суоҕа 39 сааһыгар соһуччу сүрэҕинэн ыалдьан биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Киниэхэ улахан махталлаах Л.Р.Кулаковская эппитинии, Евдокия Егоровна “өрүһүспүт курдук тэтимнээхтик олорон, аҕыйах сыл иһигэр үрдүк үөрэхтэнэн, кэргэннэнэн, оҕолонон, дьон кэрэхсиир улахан авторитеттаах учуутал буолан” сирдээҕи олоҕун түмүктээтэр даҕаны, кини сырдык ыра санаата, олоххо таптала, үлэҕэ дьаныара, дьулуура, кырдьыксыт, көнө майгыта хаан-уруу ыччатын өйүгэр-санаатыгар иҥмитэ.
Убайын Иван Егорович уола, Евдокия Егоровна иитиспит-такайыспыт быраата Ваня Таппахов аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, 1993 сыл сайыныгар өлөр-тиллэр күчүмэҕэй түгэҥҥэ саллаат бирисээгэтигэр бэриниилээҕин көрдөрөн, тыйыс саха уолунуу туттан, эдэркээн 20 сааһыгар сырдык тыынын толук уурбута.
Евдокия Егоровна ырыаҕа, кэрэҕэ сүгүрүйэр буолан, икки оҕотун, быраатын Алексей уолун Алешаны музыкаҕа сыһыарбыта. Алеша А.М.Савватееваҕа дьарыктанан, музыкаҕа элбэҕи ситиспитэ, Дьокуускайга Таатта күннэригэр сольнай кэнсиэр биэрбитэ. Алексей Алексеевич 2018 с. кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ, 2021 с. эдэр учуонай быһыытынан В.П.Ларионов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбута, билигин ХИФУ мединститутун неврология уонна психиатрия кафедратын доцена.
Төрөппүт уола Степан Дмитриевич Петров ийэтин утумнаан, дойдутун туһугар бэриниилээх туруу үлэһит, саҕалаабытын тиһэҕэр тиэрдэр, толкуйдаабытын олоххо киллэрэр бигэ майгылаах, дьон-сэргэ махталын ылбыт эрэллээх киһибит. “Тааттаавтодор” подрядчигын быһыытынан Халыма суолугар муоста тутуутугар, Уус-Таатта, Харбалаах суолларын өрөмүөнүгэр үлэлэспитэ. Куулаҕа түөлбэ олохтоохторун көрдөһүүлэринэн тутуута саҕаламмыт хочуолунайы ситэрэн-хоторон, 2019 с. сэтинньитигэр үлэҕэ киллэрбитэ, быйыл күһүн Дьоруойдар сквердэрин тутуутугар буор, сварка үлэтин сүрүннээбитэ. Пааркаҕа Оҕо былаһааккатын туппута, таһынааҕы хочуолунайы 2022 с. үлэлэппитэ. 2021 с. тыа баһаарын утары охсуһууга, 2023 с. Кыйы быһытын оҥорууга утуйарын умнан туран, бэйэтин техникаларынан үлэлэһэн, ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратарга дьоһун кылаатын киллэрбитэ. Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран кыттыыны ылан ытык иэһин толорбута, билигин онно гуманитарнай көмөнү тиэрдиигэ үлэлэһэр. Итини таһынан Евдокия Егоровна дьиэ кэргэнэ кини кэриэһигэр аналлаах үөрэнээччилэр физтурнирдарыгар, ийэлэрэ олохтообут “Сыл учуутала” куонкуруска спонсордыыр үтүө үгэһэ олохсуйда.
Евдокия Егоровна олохтон барбыт ыар күннэригэр кинини кытта алтыспыт дьон бары наһаа хараастыбыппыт. Евдокия Егоровна туһунан коллегаларын, үөрэнээчилэрин ахтыыларын улахан альбомҥа тиһэммин, кини олохтон барбыта биир сылыгар илдьэ тиийбитим. Бу матырыйаалы Надежда Васильевна Петрованы кытта ситэрэн-хоторон, 2011 с. оскуолабыт 110 сылын көрсө Евдокия Егоровна туһунан “Учуутал! Эн үрдүк ааккар…” диэн А.А. Морхоева редактордаабыт кинигэбит тахсыбыта.
Уһун кэмҥэ үлэлээбит оскуолатыгар “Умнуллубат күндү дьоммут” стендэҕэ үйэтитиллибит, СӨ Педэнциклопедиятыгар киллэриллибит, олох инники күөнүгэр сылдьан, төрөөбүт Тааттатыгар чаҕылхай суолу хаалларбыт Евдокия Егоровна Петрова үтүө саҕалааһыннара саҥалыы тыыннанан сайдыыны, кэскили кэрэһилииллэр. Үтүмэн үгүс үөрэнээччилэрэ кини сырдык аатыгар сүгүрүйэллэр.
Сиэннэрэ олох быстыбат ситимэ буолан, күннэтэ улааталлар: Диматтан хаалбыт Маша VIII кылаас үөрэнээччитэ, Степа улахана Егорка эмиэ VIII, эбэтин аатын сүгэр Дуняша III, Димушка II кылаастарга үөрэнэллэр, Дьулуур – уһуйаан иитиллээччитэ. Күндү эбэлэрин туһунан кэрэ кэпсээн сүрэхтэн сүппэт өйдөбүл буолан, кинилэри үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйа туруоҕа.
Евдокия Егоровна чугас коллегата К.А.Хатылыкова