Атасыкова Марфа Ксенофонтовна – Атас Мааппа 100 cааһа.

(Ахтыы)

Киһи сааһыран истэҕин ахсын ийэтин туһунан саныыра элбиир эбит… Эдэр сааска үөрэх, үлэ быыһыгар кинини кытары алтыһыы аҕыйаан истэҕин аайы истиҥник кэпсэппэккэ хаалбыккыттан, ийэҥ олорон ааспыт олоҕун кэпсээнин толору истибэтэххин кэмсинэриҥ элбиир.

Ийэм барахсан оҕо сааһыгар элбэх эрэйи көрөн улааппыта. Оччотооҕу кэмҥэ кини эрдэ тулаайах хаалан, бииргэ төрөөбүттэрин көрөр кыһалҕатыгар ыктаран, элбэхтэ тоҥон-хатан, аччыктаан, кыһалҕаны билбитэ. Ону билигин сааһыран баран, санаан-ахтан кэлэбит. Ийэбит биһиги дьоллоох оҕо сааспыт этэҥҥэ ааһарыгар төһөлөөх баҕарбыта буолуой?! Аҕабыт ыарахан ыарыыттан эрдэ олохтон туораан, ийэбит аҕыс оҕолоох огдообо хаалан, барыбытын соҕотоҕун атахпытыгар туруорбута. Бу барыта кини санаата күүстээҕиттэн, тулууруттан, инникигэ дьулууруттан тахсар. Ийэбит санаатын түһэрбэккэ сүөһү-ас иитэн, детсадка үлэлээн, үгүс сыратын биэрбитэ. Кини биһигини үлэни таптыырга, бэйэ-бэйэҕэ истиҥник сыһыаннаһарга, убай-быраат, эдьиий-балыс хардарыта көмөлөсүһүүтүгэр, ытыктаһыыга барытыгар ийэбит ииппитэ. Хас биирдии бэйэбит ийэбит баарыгар кини итии чэйин иһэн, сылаас иҥэмтэлээх аһын аһаан, доруобайдык улааттахпыт. Мин үөрэнэ сырыттахпына, куруук сурук суруйсар этибит. Ол суруктар билигин 50 сыл ааспытын да кэннэ сыа-сым курдук харалла сыталлар. Күүтүүлээх суруктарга кини куруук үчүгэй сонуну тиһэн, нэһилиэккэ туох үчүгэй тэрээһин ыытыллыбытыттан саҕалаан, чугас ыалларын, оҕолор ситиһиилэрин суруйара. Ийэм суругун ааҕан, мин сүргэм көтөҕүллэн, куруук үөрэ-көтө сылдьарым. Ити барыта ийэ киһи оҕотугар кыһамньытыттан тахсар иитии биир үтүө өрүтүнэн буолар дии саныыбын. Бу барыта биһиги оҕолоро этэҥҥэ сылдьарбыт туһугар буоллаҕа эбээт! Дьиҥэ, биэс уолу иитии манан аҕай дьыала буолбатах ээ. Ийэбит биһигини ханнык да үлэттэн толлон турбат үлэһит, тулуурдаах, дьону-сэргэни ытыктыырга ииппитэ. Үс уол армияҕа сулууспалаан, Ийэ дойдуга иэстэрин төлөөбүттэрэ. Ийэбит нэһилиэккэ үтүө майгытынан, үлэһитинэн биллэрэ, барыныбары сатыыр хаһаайка бастыҥа этэ. Бу курдук кылгастык ахтан туран, ийэм төрөппүттэриттэн саҕалаан, ахтыым саҕаланнаҕа буолуохтун…

Ийэбит Марфа Ксенофонтовна Атасыкова ийэтэ Елена Афанасьевна Бойтунова, аҕата Илья Никитич Барахсанов диэн этэ. Ийэм ийэтэ кэргэниттэн арахсан, иккистээн кэргэн тахсыбыта. Ийэбин кытта бииргэ төрөөбүт Мэхээлэ уонна Ньукулай диэн уолаттар бааллара. Онтон ийэлэрэ Өлөөнө иккиһин Ксенофонт Атасыковка кэргэн тахсыбыта. Ксенофонт эмиэ уолаттардаах этэ. Онон икки өттүттэн оҕолордоох дьон холбоһон, улахан дьиэ кэргэн буолбуттара. Өлөөнө Ксенофонтан Уйбаан диэн уолламмыта. Оҕолор араспаанньалара кииринньэҥ аҕаларынан уларыйбыта, ол иһин ийэбит Атасыкова буолбут. Быраата Мэхээлэ аҕатынан Барахсанов араспаанньаланан, аҕатын дойдутугар Арыылаахха кэргэн ылан, ыал буолан олорбут. Ньукулай эмиэ Атасыков этэ. Кэргэнэ Боккуойалыын Еля Атасыкова диэн кыыстаахтара. Ньукулай эрдэ өлөн, Боккуойа огдообо хаалан, Ылдьаа Марковка кэргэн тахсан, элбэх оҕоломмута. Ксенофонт уолаттара детдомунан иитиллибиттэрэ. Кэлин Прокопий Атасыков Алдаҥҥа быраатым Баанньалыын детдомҥа сылдьыбыппыт диэн кэпсиирэ. Мин ийэм Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, бииргэ төрөөбүт үс быраатын көрөөрү Игидэйгэ төннөн кэлбитэ. Онно сэрии кэмигэр тулаайах хаалан, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр эрэй бөҕөнү көрбүттэрэ. Куруук аччыктыыртан, тоҥортон атыны билбэт этилэр. Колхозка үлэлээн, аймахтарын көмөлөрүнэн син этэҥҥэ сэрии сылларыгар тыыннаах ордубуттар. Ньукулай ыарыһах буолан эрдэ өлбүтэ, биир кыыстаммыта. Онтон ийэлэрэ Өлөөнө өлөн хаалан, оҕолор тулаайах хаалбыттар. Эбэбит кэргэттэрэ иккиэн хаартыһыт эбиттэр. Былыр хаарты содула дьиэ кэргэни эһэрин туһунан кинигэттэн ааҕан билэр буоллахпытына, ол ыар содул Атасыковтар дьиэ кэргэни тумнубатаҕа. Ийэм ийэтин аймахтара Бойтуновтар халыҥ аймах эрээри эр дьоно сэриигэ баран өлбүттэр. Биһиги билэрбитинэн, ийэбит ийэтин кытта Үстүүн Бойтунов, Аана Никифорова, Агафия Захарова бииргэ төрөөбүт буолан, ийэбин өйүүллэрэ. Онон бу хаан уруу аймахтарбыт — Бойтуновтар. Ийэбин Арыылаахха аҕатын аймахтара Барахсановтар билинэллэр этэ. Онон ийэм кэмиттэн кэмигэр аймахтарыгар баран кэлэрэ. Онно миигин илдьэ барааччы, онно аҕата Ылдьаа Барахсановы кытта бииргэ төрөөбүт Куһаҕан Өрүүнэ диэн эмээхсин баарын өйдүүбүн. Кини туох да куһаҕана суох эмээхсин этэ, хос аата эрэ Куһаҕан Өрүүнэ диэн. Кини биир олус үчүгэй майгылаах, ыраас туттунуулаах Настаа диэн кыыстааҕа. Доруобуйата мөлтөх соҕус буолан, Настаа үөрэммэккэ хаалбыта. Дьэ, ол Настаа ийэм балыыһаҕа оҕолоно киирдэҕинэ кэлэн дьиэбитин дьиэлиирэ. Аҕам кинини Арыылаахтан тиэйэн аҕалара. Онно биһигини кэлэн көрөн-истэн, аһатан, сууйан-тараан көрөрө. Эдьиийбит күтүөтүн, аҕабытын, олус ытыктыыра. Настаа оҥоһуу лапсалаах миинин, алаадьылаах күөрчэҕинэн тото-хана аһатан, ийэбитин суохтаппат этэ. Ийэм бииргэ төрөөбүт быраата Мэхээлэ Халымаҕа үлэлии сылдьан өлөн хаалан, кэргэнэ Настаа элбэх оҕолоох огдообо хаалбытыгар оҕолор үөрэнэр кэмнэригэр биһиги дьиэбитигэр олорбуттара. Онон ийэбит киниэхэ эмиэ төһө кыайарынан көмөлөһөрө. Ийэм эдьиийэ Балбаара Потаповтар аймаҕы кытта истиҥник санаһан сылдьыһаллара. Онон Арыылаахтан аймахтар сибээстэрин быспатахтара. Ийэм аҕабар 1946 c. кэргэн тахсан, бэйэлэрэ туспа ыал буолан, уон оҕоломмуттара. Улахан кыыстара Агаша 8 сааһыгар быарынан ыалдьан өлбүтэ. Ол кыыстарын олус аһыйан, мин кэннибиттэн 1954 c. төрөөбүт кыыстарын эмиэ Агаша диэн ааттаабыттара. Ол кыыс баарасуоҕа 2 сааһыгар хам туттаран өлбүтэ. Онон мин биэс уол кэнниттэн хойукка диэри соҕотох кыыс этим. Кэлин икки кыыстанан, аҕам олус үөрэрэ. Ол кыргыттар өлбөтөхтөрө буоллар уон оҕолоох буолуо этилэр. Ийэм оҕолорун хойукка диэри аһыйара. Аҕабыт Гаврил Иванович балта Мария Ивановналыын иккиэ эрэ этилэр. Ийэлэрэ Өкүлүүнэ Павловтар кыыстара этэ, эрдэ өлбүт. Аҕабыт аҕата Иван Иванович Гермогенов 1943 c. сэриигэ ыҥырыллан, үлэ фронугар сылдьан, 1945c. тыыннаах эргиллэн кэлэн, 1949 c. өлбүтэ. Абаҕабыт Көҥүл Көстөкүүн биһигини кытта ыаллыы олорбута, онон көмөлөһөн абырыыра. Кини 1973 с. өлбүтэ. Онтон ийэм барахсан соҕотох огдообо хаалан, детсад ньээҥкэтин быыкаайык хамнаһыгар 8 оҕону үөрэттэрэн, ыал оҥорон, дьонтон итэҕэс ииппэтэҕэ. Сэттэ уонун ааһыар диэри сүөһү иитэн, элбэх сыратын биэрбитэ. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Атасыкова Марфа Ксенофонтовна соҕотох бэйэтэ кэннигэр аҕыс оҕону, 20 тахса сиэни, 40 тахса хос сиэни оҕолоон, көрсөн улаатыннарбыта. Сиэннэрэ улаатан устудьуон буолан, уруу тэрийэн эбэлэрин дьоллообуттара. Урууга кыайан кэлбэт түгэнигэр ийэм ас астаан ыытара. Аҕабыт ыарахан ыарыыга ылларан, уһугулаан сыттаҕына таайа Игнатий Павлов ыарыылаабыта. Мин билиҥҥэ диэри киниэхэ махтанабын. Аҕабыт ийэтэ эрдэ өлөн, ийэтин аймахтарын соччо билсибэккэ хаалбыт курдук сананабын. Арай кэлин Ытык Күөлгэ Сэмэн Павловтааҕы билсэн, уруурҕаһан иһэн, аҕабыт 1967 с. ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Сэмэн Павлов ол да кэннэ биһигини үөрэ көрсөр этэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан күрэхтэһиигэ киирэ сылдьан Сэмэннээххэ элбэхтик сылдьарбыт. Сэмэн кэргэнэ Аана эмиэ олус үөрэ көрсөрө. Милалыын бэркэ дьүөгэлэһэр, билсэр этим. Биһиги ийэбит куруук дэлэй астаах-үөллээх буолара. Биһиги тиийдэхпитинэ куруук минньигэс баахыла астыыра, чохоонноох лэппиэскэни бэркэ сатыыра. Сайын күөстэнэр дьиэҕэ ыһыахха анаан, рулет курдук быыһа-арда арыылаах үрүмэ оҥороро. Анаабырдар, мин кыыһым Надя уруутугар ыыппыт дырыһааҥкатын күн бүгүнүгэр диэри үтүө тылынан ахталлар. Оһох иһигэр килиэп буһарар илиискэ собону туустаах бурдукка биһэн, духуопкаҕа курдук саһарчы буһарара олус минньигэс буолара. Аны иистэнэрэ, күрүчүөгүнэн баайара бэйэтэ туспа кэпсээн. Оччолорго саха таҥаһа саҥа үөдүйэр кэмигэр биир маҥнайгынан хаһыаччыктаах, оҕуруо киэргэллээх сахалыы былааччыйа тиктэн кэппитэ. Эдьиийэ Алааппыйа киниэхэ сахалыы ырбаахы тиктэрбитэ. Сиэннэригэр сылгы, ынах тыһын имитэн, сукунаны оҕуруолаан, этэрбэс тигэрэ. Таба тыһынан тикпит этэрбэһэ олус кэрэ буолара. Ону устудьуоннуу сырыттахпына үҥкүүгэ дьүөгэлэрим уларсаллара. Ийэм ордук кинигэ ааҕарын сөбүлүүрэ. «Хотугу сулуһу», кэлин «Чолбон» сурунаал саҥа нүөмэрэ кэллэҕинэ олус астынара. Сахалыы кинигэни элбэхтэ ааҕар буолан, биһиги киниттэн кинигэ ааҕарга үөрэммиппит. Убайым Ганя оһох кэннигэр олорон, эмиэ кинигэ ааҕара, быраатым Коля билиҥҥэ диэри кинигэни таптаан ааҕар. Ийэбит биир сөбүлүүр дьарыгынан киинэ буолара, индийскэй киинэҕэ көтүппэккэ сылдьара. Аҕабыт биригэдьиирдии сылдьан учаастактарынан, мунньахтарга сылдьан, хойукка диэри үлэлиирэ. Биһиги оҕо көрөр буолан уочаратынан киинэҕэ сылдьарбыт. Онно халбаҥнаабат кытаанах уочарат буолара. Убайым Ганя миэхэ уочаратын туран биэрэрэ. Онуоха Ваня уочараты көстө диэн айдаарара. Дьэ, ол курдук дьиэ үлэтин бары көмөлөөн үлэлиирбит. Муус, мас киллэрии, килиэп астааһына, муоста сууйуута уолаттар үлэлэринэн буолара. Мин иһит, таҥас сууйабын, оҕо көрөбүн. Онон бары тустаах үлэбитин бэркэ толорорбут. Убайдарым кыра кылаастан сайынын оттууллара. Онон дьиэҕэ улахан оҕонон мин хааларым. Кыраларбыт, хата, нэдиэлэни быһа детсадка сылдьаллара. Ийэбит оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин чилиэнэ буолан, уопсастыбаннай үлэттэн туора турбат этэ. Оскуолаҕа ыал улахан оҕолоро бары үчүгэйдик үөрэммиппит, спордунан дьарыктанарбыт. Убайым Ваня ордук ситиһиилэрдээҕэ, мин хайыһарга үчүгэй этим. Ийэбит биһигини барыга бары көҕүлүүрэ: «Кытаатыҥ, үчүгэйдик сылдьан дьарыктаныҥ, үөрэниҥ», — диирэ. Бэйэтэ Чурапчы педучилищетыгар ситэ үөрэммэтэҕин куруук кэмсинэрэ. Ол иһин биһигини, кыаҕа баарынан, үөрэттэрэ сатаабыта. Кэлин сааһыран олорон, олоҕу дуоһуйа олордум, үөлээннээхтэрим өлөн да бүттүлэр диэн дьүөгэлэрин суохтуура. Истиҥ дьүөгэлэрэ Мааппа Захарова, Өлөөнө Никифорова уонна балта Галина Чупрова этилэр. Дьүөгэлэрин кытта күннээҕи кыһалҕаларын, үөрүүлэрин куруук үллэстэллэрэ, үөрэ-көтө кэпсэтэр, истиҥник санаһар, өйдөһөр этилэр. Ийэбит дьүөгэлэрэ бары кыраттан да үөрэр үтүө майгылаахтара. Ийэбит Ваня уруутугар Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан кэлбититтэн олус астынара. Биһиэхэ Павловскайга эмиэ кэлэн, кинигэ бөҕөнү ааҕан барара. Саҥа дьиэ туттан киирбиппитигэр сэттэ уонун ааһан баран кэлэн, үөрүүбүтүн үллэстэн, сынньанан барбыта. Дьэ, ити курдук биһиги ийэбит барахсан Орто дойдуга кэлэн тапталлаах кэргэн, ийэ, эбээ, хос эбээ буолар дьолун билэн, толору олоҕу олорбута. Кини сэрии кэмигэр үлэлээн-хамсаан ааспыта, олох бары ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэн, күүстээх санаатынан барытын тулуйан, кэнэҕэски кэнчээри ыччатын хаалларан, Атас Мааппа дуо дэтэн, дьоллоохтук олорбута. Биһиги оҕолоро, сиэннэрэ ийэбитин санаабатах күммүт диэн суох… Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө санаан-ахтан ааһар ытык иэстээхпит. Ийэбит Марфа Ксенофонтовна сэрии кэмигэр «Түмсүү» колхозка кыладыапсыгынан уонна үүт тутар пууҥҥа таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Оччолорго суотучуот кытаанах кэмигэр бу олус эппиэтинэстээх үлэ этэ. Бэрэссэдээтэл Иван Иннокентьевич Максимов – Торуой Уйбаан этэ. Кинини дьон олус ытыктыыра. Ыарахан кэмҥэ Торуой Уйбаан чахчы да үтүө суобастаахтык үлэлээбит киһинэн буолар. Ол кэмҥэ ийэм Галиналыын аймахтарыгар Аньыыска эмээхсиҥҥэ сыста сылдьыбыт кэмнэригэр элбэхтэ көмөлөспүт этэ. Аньыыска Унарова Галина эбэтэ. Оттон ийэм эһэтин кытта Аньыыска бииргэ төрөөбүттэр. Ол иһин дьоммут сиэннэрин иилээн-саҕалаан, көрө-истэ сылдьыбытыгар мэлдьи махтаналлара.

Ийэбит Улуу Кыайыыны уһансан, колхозка үлэлээн, сэмэй кылаатын киллэрбитин оҕолоро, сиэннэрэ үйэтитиэхтээхтэр. Үүнэр көлүөнэ аҕа көлүөнэни ытыктыы, холобур тутта улааттын.

Марфа Ксенофонтовна улахан кыыһа Елена Гаврильевна Гермогенова, РФ үөрэҕириитин туйгуна,

СР Учууталларын учууталлара, СР үөрэхтээһинин бочуоттаах бэтэрээнэ,

Павловскай сэлиэнньэтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

Читайте дальше