Аҕыс уонус сыллар саҕаланыылара Ытык Күѳлгэ «даачалар» диэн тыл баар буолбута, бу ыал оҕуруот аһын, хортуоппуйу үүннэрэн бэйэ аһын эбинэргэ туһуламмыт тобул этэ. Түѳрт уонча сыл устата даачалаах дьон абыранан, кэлин кыстыыр дьиэлэнэн, «Даача» түѳлбэ билигин сайдан-чэчирээн олорор.

Самаан сайын оройо, от ыйын ѳҥүрүк куйааһа сатыылаан турар кэмэ оҕуруотчуттарга олус эппиэтинэстээх уонна маҥнайгы аһы ылар үѳрүүлээх кэмнэрэ. Ол эрээри кэлин айылҕа да, олордор үүнээйи да араас күчүмэҕэйэ үксээн, сүбэ ыла даача тѳрүт олохтооҕор Екатерина Давыдовна Егороваҕа ыалдьыттаатыбыт, сүбэ-саргы биэрэригэр кѳрдѳстүбүт.
— Екатерина Давыдовна, эн уопуттаах оҕуруотчуккунан биллэҕин, хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
Ийэм баарыттан, сэттэ уонус сыллартан Ытык Күѳлгэ кѳһѳн кэлиэхпититтэн, онон бэйэбин ѳйдүѳхпүттэн оҕуруотунан дьарыгырабын. Ийэм оҕуруот аһын олордон ыалларбытын сѳхтѳрѳр буолара, оннооҕор «эһиги хотуттан кѳһѳн кэлбит дьон кэриэйдэргит дуу, тугуй дуу?» диэн күллэрэллэрэ. Оҕурсу, помидор, хортуоппуй олордуутун эрэ буолбакка, перец, арбуз, моркуоп, сүбүѳкүлэ курдук үүнээйилэри олордорго ийэм дьону үѳрэппитэ.
Ытык Күѳлгэ, бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар помидору хаһан олордон саҕалыахха сѳбүй?
Билигин сиэмэ арааһын атыылыыр буоллулар. Ол иһин Саха сирин сиэмэлэрин ылабын, холобур, Чурапчы Хайахсытыгар, Сунтаарга дьарыктанар дьон баар буоллулар, анаан дьарыктаналлар, бу суорт помидордар намыһахтар, уһун уга суох, таһырдьа тѳһѳ баҕарар үүнэллэр, былыргыттан үүннэрэр помидордарбыттан эмиэ аккаастаммаппын, быйыл солун бытархай астаах помидору үүннэрэн боруобалаатым, бу сибэккилии аҕай турар. Рассаадалыах иннинэ сиэмэни «перекись водорода» сытыара түһэр туһалаах, онтон кэлин улаатта да, рассааданы муус устар ыйтан таһырдьа таһааран, тымныыны тулуйарга эрдэттэн үѳрэтэбин, оччоҕо тулуйумтуо буолар, ыам ыйыгар теплицаҕа олордон саҕалыыбын, таһырдьааҥҥылары тымныы намырыырыттан кѳрѳн.
Сиэмэлэри хантан ылаҕын?
Барытын куорат маҕаһыыннарыттан кѳрдѳѳн булабын.

Баклажан, перец, помидор сэргэстэһэр үүнээйилэр

Помидоруҥ, переһиҥ уонна ѳссѳ баклажан бары бииргэ үүнэ тураллар эбит дии, ас бѳҕѳ куппуттар?
Бу кинилэр бары майгыннаһар үүнээйилэр, ааттаахтык ыаллаһан үүнэллэр. Дьон үксүн сэбирдэҕэр, отугар ылларан кэбиһэр, ол иһин сибэккитэ сиппэт. Кинилэри сибэккилээх сиригэр диэри сэбирдэҕин кырыйаҕын, аллара уктара сэбирдэҕэ суох, сыгынньах буолуохтаахтар, сибэккитэ тэрэйдэ да буоһатаҕын, холобур, баклажаны сибэккилии турар кэмигэр бэрт судургутук уруһуй киистэтинэн сотоҕун, онтон помидор уонна перец кѳннѳрү хамсатыыттан куоппаһыраллар уонна теплица күнүһүн түннүгэ, аана аһаҕас туруохтаах, оччоҕо тыал, үѳн-кѳйүүр киирэн эмиэ кѳмѳлѳһѳр.
От ыйыгар оҕуруокка тугу гынабыт?
Сѳбүгэр кѳрѳн эбии аһатыахха наада. Мин бэйэм аһыыр аспар атыыланар уоҕурдуулары ончу куппаппын, ол оннугар күлү туттабын. Туох баар үүнээйи күлгэ эрэ наадыйар, суурадаһына судургу биир ыстакаан күлү уон лиитэрэ ууга суурайан биир хонук туруоран баран кыралаан үүнээйилэргэ кутаҕын, кураанахтыы эмиэ ыһан биэриэххэ сѳп.
Ноһуому наһаа туттубаппын, ол оннугар үс хас хонукка оту сытытан ол уутун кутабын.

Салгыы олус сѳбүлээн сиир оҕурсубут туһунан кэпсэтэбит.
Быйыл дьиэ хаһаайкалара оҕурсу сэбирдэҕэ саһарда диэн айманаллар, маннык түгэҥҥэ тугу гыныахха сѳбүй?
Бастатан туран олордор сиэмэни кѳрүѳххэ наада, эппитим курдук билигин араас сиэмэни атыылыыр фирмалар олус элбэхтэр, наар кэлии сиэмэни туттабыт, урут тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар кэлэр биир суортаах сиэмэни ылар буолан, ыарыы аҕыйах буолара. Сэбирдэх саһарыыта, ас куппата бу ыарыы, онон эмтиэххэ наада, олордорго элбэх суорду биир сиргэ эмиэ олордуллубат, биир ыарыылаах сиэмэни олортун да, теплица иһин сутуйар. Оҕурсуга хайаан да сылаас ууну кутабыт, оҕону сууйар уу кэриэтэ. Сылаас күннэргэ сарсыарда кутабыт, түргэнник силиһэ хаппатын диэн, тымныы күннэргэ киэһэ кутабыт. Теплица иһэ куруук сииктээх буоларын ситиһиэхтээхпит. Ааны арыйан салгылатабыт, сылааска куруук аһаҕас туруон сѳп, салгын хамсаабатыттан сэбирдэх эмиэ саһарар.

Оҕурсу хайдах буорга сѳбүлээн үүнэрий?
Оҕурсу үүнэр сиригэр буорун үс хас сыл буолла да, уларытабыт, түгэҕэр оту-маһы быраҕан сиртэн тымныы кэлэрин кыччатабыт, сылгы сааҕын эбэбит, ол сылааһы биэрэр, эргэ буору уонна үчүгэй хара буору кутабыт, сылаас ууну кутан үѳнүн ѳлѳрѳбүт.
Аны саһарбыт сэбирдэхтээх оҕурсубутун хайдах быыһыыбыт?
Былырыын эмиэ саһара сылдьыбыттара, ол эрээри ас биэрбиттэрэ. Биричиинэтинэн туһалаах эттиктэр тимир, магний тиийбэтиттэн буолуон сѳп, ону толкуйдуохха наада, тугу эбии аһатары. Бары да интернеттэн кѳрѳн туһанабыт, мин үүттээх суурадаһыны туттабын, олус туһалаах, тоҕо диэтэххэ үүт уу курдук сүүрэн хаалбат, сэбирдэххэ хаалан эбилик иҥэмтиэтэ үрдүүр. Бүгүн маннык суурадаһыны оҥордум: уон лиитэрэ ууга биир лиитэрэ үүт, биирдии кыра ньуоска куркума, йод куттум уонна биир хонук туруорабын, бу суурадаһыммын угар, сэбирдэҕэр ыстарыам.

Минньигэс барыанньалаах ревень үүнээйи

Екатерина Давыдовна тэлгэһэтигэр араас үүнээйитэ элбэх, моонньоҕон, дьэдьэн уонна сэдэх үүнээйи ревень үүннэрбитэ хас да сыл буолбут эбит. Сайын устата ревени иккитэ быһан умнаһыттан барыанньа оҥорор. Кини аны үүнээйилэригэр тля уонна кымырдаҕас ыспатын диэн эмиэ судургутук эрдэттэн доруоһа кутан дьаһанар эбит. Араас үѳнү, ыарыыны кымырдаҕас аҕалар, оҕурсу эмиэ ол иһин ыарытыйарын туһунан хаһаайка үллэстэр.
Екатерина Давыдовна, кэпсээниҥ, сүбэлэриҥ иһин махтал!
Хаһан эрэ салалта сѳптѳѳх дьаһал ылыммыта бу сыллар тухары олохтоохторго туһаны эрэ аҕалла. Дьон-норуот оҕуруот аһын үүннэрэн, бэйэ аһылыгын сиэн, доруобуйатын бѳҕѳргѳтѳр, дьиэ кэргэн экономикатын тупсарар, оҕо-аймаҕы үлэҕэ сыһыарар. Бу кѳрсүһүүттэн сиэттэрэн «даачалар» тэриллиилээх олохторун сырдатар санааланныбыт, онон кэпсээммит-сэһэммит салҕанар дьылҕаланна.

Кэпсэттэ Александра Прудецкая,

«Таатта» хаһыат общественнай кѳмѳлѳһөѳччүтэ.

Читайте дальше