Педагог уонна Аҕа сүбэһит сыла саҥа сүүрээҥҥэ сирдиир бэстибээлинэн түмүктэннэ

Педагог уонна Уһуйааччы сылын түмүктүүр тэрээһин норуот үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала Аиза Николаевна Миронова сырдык аатыгар аналлаах баай үөрүйэҕи тарҕатар педагогическай маастарыстыба аһаҕас бэстибээли, педагогическай уопсастыбаннаһы түмэн, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэй научнай˗методическай сэбиэтин идеятынан киэҥ далааһыннаахтык икки күн ыытылынна.

Педагогическай бэстибээл династиялар үбүлээһиннэринэн идэлэрин толору баһылаабыт уһуйааччылар ааттарынан биридимиэттэринэн аһаҕас олимпиадаларынан саҕаланна. Учууталлар учууталлара, методист учуутал, СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Михаил Алексеев аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Аиза Николаевна Миронова аатынан математика; РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна,  Учууталлар учууталлара, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Николай Степанович Миронов аатынан история; Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Алексеевскай оройуон лектора, «Знание» уопсастыба чилиэнэ, «Бастыҥ дириэктэр» бэлиэ хаһаайына Александр Александрович Слепцов аатынан химия; «Таатта» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, СӨ үтүөлээх учуутала, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Любовь Васильевна Андросова аатынан нуучча, саха тылынан «Үрүҥ бөрүө» суруналыыстыка; РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үөрэҕириитин Бочуотунай грамотатын хаһаайката Евдокия Егоровна Петрова уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Барҕарыы» пуонда стипендиата, «Үөрэх хаачыстыбата» анал бэлиэ хаһаайына  Василий Иннокентьевич Гоголев сырдык ааттарынан физика.

Олимпиадаҕа  сүүсчэкэ талааннаах оҕолору бэлиэтээн, уустук сорудахтары толкуйдаан оҥорбуттарыгар кынат үүннэрии, хайҕал тылынан үрдүккэ көтүтэр тоҕоостоох түгэн буолла. Сахалыы, нууччалыы тылынан суруналыыстыка ”Үрүҥ бөрүө ҕэ” 8-11 кылаас оҕолоругар 32 оҕо билиилэрин тургутан көрдүлэр. Бастакы чааһыгар интервью, сонун лиэнтэ былаанын оҥордулар, иккис чааһыгар журналистика теориятыттан, үһүс чааһыгар бэриллибит тиэмэҕэ эссе эбэтэр уочарка талан суруйдулар. Суруллубут суоруллубат дииллэринии айар талааннаах оҕо бэйэтин холонон көрдө. Физика олимпиадатыгар Евдокия Егоровна Петрова уонна Василий Иннокентьевич Гоголев сырдык кэриэстэригэр ананна. Барыта хамаанданан күрэххэ ахсыс кылааска уон үс оҕо кытынна. Балтараа чаас иһигэр садаача суота, практическай дьарыкка уопут оҥоруута болҕомтоҕо ылылынна. Математиктар түөрт хайысханан уруок, кылаас таһынан үлэ, чинчийэр үлэ уонна МФТИ, саха нефтегаз кылаастарын туһунан үлэ тиһигин систиэмэтин сайдыытын туһунан кэпсээтилэр. А.Н. Миронова аатынан олимпиада иккис сылын ыытыллар. Аиза Николаевна бэйэтэ айбыт метапредметнэй олимпиада сорудахтарынан буолбута. Быйыл классическай олимпиада буолла. Ираида Луковцева Аиза Николаевна тэтэрээттэрин туһанан, биир садаачаны кырата түөрт ньыманан ырыппытын Айта Табунанова 9 кылаас үөрэнээччитэ НПК-ҕа билиһиннэрбитэ.

Бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт муниципальнай профессиональнай “Сыл Учуутала” куонкуруска 12 учуутал аһаҕас уруогу ыытан, маастар кылааһын көрдөрөн, аман өһүн амалыйда. Биһиги оскуолабытыттан Анна Варламова сэттис кылаас үөрэнээччилэригэр омук тылыгар «Future Technology» диэн тиэмэлээх, творческай мастарыскыай технологиятынан оноһуллубут умсугутуулаах уруогу ыытта. Дьарыкка оҕолор омук тылынан холкутук, сана тыллары туттан саҥардылар, финансовай грамотность элэмиэннэрин көрөннөр сэргээн, астынан тарҕастылар. Оҕолор билиилэрин чиҥэтэн, кэҥэтэн биэрбит учууталга махтаннылар. Бары өттүнэн саха кыыһа нууччалыы холкутук, омуктуу тылынан ыраастык саҥаран-иҥэрэн барыларын куоһаран, муҥутуур кыайыылаах буолары ситистэ.

Бэстибээл иккис күнүгэр улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ араас профессиональнай күрэстэргэ кыттыбыт учууталлар аһаҕас уруоктары ыыттылар. Бу күн өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин сайдыытыгар уонна Таатта улууһун үөрэх систиэмэтигэр олук уурсубут Николай Бугаев кыттыыны ылан, тэрээһин таһымын өссө таһаарда, кини инновационнай площадка Чөркөөхтөн саҕаламмытын, ол кэмҥэ саха технологията оҥоһуллубутун, ол үлэни таах хаалларбакка, түмэн бырайыак быһыытынан таһаарарга этии киллэрдэ уонна үлэлэһэргэ былааннааҕын биллэрдэ.

Анна Боппосова тыл лиэксикэлии суолтатын 5 кылааска ыытта. Тыл суолтатын билиигэ  тылдьытынан үлэлэттэ. Оонньуурдарынан тутан-хабан тыл суолтатын өйдүүргэ туһаайда. Таҥылык диэн Уолба үөрэнээччилэрэ оҥорбут сэргэ, харысхал хомуйан таһаардылар. Анисимова Александра Даарыйа эмээхсин остуоруйаларыттан араас омук остуоруйаларын хатылаан, бэйэбит «Сааскы кэм» романтан Амма Аччыгыйа дьоруойа Даарыйа эмээхсин алыптаах кэпсээниттэн тоҕо кыһын уһаабытын, ким буруйдааҕын быһаардылар. Оҕус уонна атыыр сылгы мөккүөрдэрин оонньоон көрдөрдүлэр. Түмүккэ ким ордук эмсэҕэлээбитин чуолкайдаатылар. Кыһын уһун буолбута биир өрүтүнэн туһалааҕын биллилэр. Егор Чуруков практическай дьарыкка талах курдаах Таатта уола диэн бырайыакка талах куру оҥорон таһаарыы технологиятын киллэрбит. Харысхал, тыксаан, хабылык киллэрэн биэрэр. Биир курга аҕыс бэлиэни оҥордулар. Ортотугар Аал- Луук маһы олортулар. Мира Захарова метапредметнэй ньыманан нуучча тылыттан саҕалаан, тулалыыр эйгэни таарыйан, нууччалыы суффиксы хатылаатылар. Хартыыналары ханна көрбүттэрин, ахсааҥҥа биэс хайысханан суоттаатылар.

Тааттатааҕы лицей Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылыгар педагогтар методическай үлэлэрин түмэн, кылаас салайааччыларын бырайыактарын хомуйан, төрөппүттэри кытта үлэлэрин түмүгүн кинигэ оҥорон таһаарбыттарын бэстибээлгэ сырдаттылар, кэпсээтилэр. Лена Яковлева «Мин дойдум-мин тирэҕим» диэн кинигэҕэ эссетэ киирбитинэн астыммытын биллэрдэ, онтон сиэттэрэн ситэрдэххэ, кинини кытта Оксана Андросова «Былатыан суолунан» бырайыакка лиссиэй уонна Чөркөөх үөрэнээччилэрин бииргэ салайан, үлэни ыыталлар. Бэстибээлгэ кини «Кыраайы үөрэтиигэ география биридимиэтэ  дьиҥ олоххо дьайыыта» диэн маастар кылааһы ыытан дьон сэҥээриитин ылла.

Евдокия Петрова билиҥҥи кэмҥэ олус элбэх информация баарыттан, сорох ыстатыйалар оруна суох буолалларыттан сылтаан, ханнык баҕарар информацияны хайдах бэрэбиэркэлииргэ информатика, география уонна тыл биридимиэттэрин холбоон, кыһалҕаны быһаарда. ИКТ, функциональнай грамотноска сатабылларын сайыннарда. Виктор Лопатин учуутал методикатын көрөн, тус-туспа оборудованиены тутталларын сэргээтэ. Математика хомуурунньуга тахсара буоллар диэн, баҕа санаатын эттэ. 3D моделирование информатикаҕа аһаҕас уруогу ыытта.

Дьон болҕомтотун буруолуу сылдьар нуучча тылын уонна литературатын учууталларын методическай холбоһугун учебнай методическай комплектара тарта. БКЭ-ҕэ нуучча тылын бэлэмнэнэргэ өйтөн суруйуу үлэ тэтэрээтин Людмила Сысолятина, үтүөлээх учуутал Александра Быллырытова нуучча тылын уонна литературатын уруоктарыгар метапредметнэй түмүгү ыларга ситиһии ньымаларын үлэтин түмпүт моделынан икки кинигэ, литературнай салон нөҥүө оҕону ускуустубаҕа уһуйуу технологиятын сырдатар көмө кинигэ бэккэ таҥыллыбыттар.

Иккис күн иккис аҥарыгар биирдиилээн педагогтар уонна предметтэринэн методическай холбоһуктар үлэлэрин систематын түмэн кэпсээтилэр. Таатта улууһун үөрэҕириитин үлэһиттэрэ дьыл эргииринэн төрүт үгэскэ олоҕурбут халыыптары аныгы кэм сайдар ньымаларын тобулан үлэлии, учуутал таһымын үрдэтэ сылдьаллара кэрэхсэннэ. «Арылы Кустук» олоҥхо педагогикатынан үлэлиир уһуйаан үлэһиттэрэ түмсүү үлэтин, сахалыы эйгэни тэрийэллэрин сырдаттылар.

Лицей саха тылын уонна литературатын учууталлара  төрүт дьарыкка, төрүт култуураҕа сиэттэрэн, теорияны биэрэргэ дьулуһалларын, уол оҕону  куйуур-муҥха-илим нөҥүө тылга сыһыаралларын, “Ийэ тыл”,  “Ааҕар Таатта” бырайыактары бүтүн улууска хамсаталларын кэпсээтилэр.

Бэстибээлгэ кыттыбыт, сылдьыбыт дьон бары олус астыммыттарын, бэстибээл саҥа санаалары сахпытын бэлиэтээтилэр. Марина Алексеева алын кылааска үөрэппит оҕолоро уруок кэмигэр ситиһиилээхтик кыттыбыттарыттан үөрэр. Ол курдук хас да аһаҕас уруокка толору сылдьан үөрбүт˗көппүт, бэстибээл тэрээһинин сөбүлээбит. Улуус оскуолаларын дириэктэрдэрэ, лиссиэй методист-педагогтар баалларыттан үөрэллэрин, сыл устата таһаарбыт методическай кинигэлэрин уопут курдук тарҕаныан сөптөөҕүн ыйдылар.  Саҥа технологиялары көрбүттэрин биһирээтилэр. Аиза Николаевна ийэлии истиҥ сыһыана, ардыгар кымньыылаан ылар сытыы тыла билигин да туһалыырыгар махтаналлар.

Ити курдук, Аиза Миронова саҕалаабыт бырайыактара «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ», олимпиадник оҕолору анаан, түмэн бэлэмнээһин, идэлээх түмсүүлэри тэрийиитэ улууска үлэлии тураллара көһүннэ. Кини олимпиада нөҥүө иитэн˗үөрэтэн таһаарбыт оҕолоро дойду үрдүнэн учуутал буолан, аҥаардас лиссиэйгэ сүүрбэччэ учуутал айымньылаахтык үлэлиирэ да элбэҕи кэпсиир.

Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ үөрэҕирии, култуура, социум эйгэлэрин түмэн үлэлии турарын дьиҥ-чахчы биллибит. Улуус төрөппүттэрэ, оҕолоро, учууталлара, оскуола салайааччылара биир эйгэҕэ киирэн, теорияттан практикаҕа баар технологиялары толору туһанан, киэҥ хабааннаах үлэни көрдөрдүлэр.

Бэстибээл сыл аайы ыытылыннар ханнык диэн кыттыбыт эрэ барыта баҕа санаатын эппитэ, туолуо диэн эрэнэбит.

 

Оксана Андросова,

 А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей учуутала.

 

Читайте дальше