Педагог уонна Уһуйааччы сылын түмүктүүр тэрээһин маҥнайгы күнэ

Таатта улууһуттан үгүс көлүөнэни сырдыкка сирдээбит, үөрэх эйгэтигэр саҥа саҕалааһыннары олоххо киллэрбит киэн тутта ааттыыр уһуйааччылар тахсыбыттара, үүнэр көлүөнэҕэ билии киэҥ аартыгын арыйар талааннаах учуутал үксүү турара үөрдэр.

Педагог уонна Уһуйааччы сылын түмүктүүр тэрээһин норуот үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала Аиза Николаевна Миронова сырдык аатыгар аналлаах баай үөрүйэҕин тарҕатар педагогическай маастарыстыба I аһаҕас бэстибээлэ киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.

Педагогическай бэстибээл маҥнайгы күнүгэр династиялар үбүлээһиннэринэн идэлэрин толору баһылаабыт уһуйааччылар ааттарынан биридимиэттэринэн аһаҕас олимпиадалар ыытылыннылар.

Учууталлар учууталлара, методист учуутал, СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Михаил Алексеев аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Аиза Николаевна Миронова аатынан математика;

РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна,  Учууталлар учууталлара, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Николай Степанович Миронов аатынан история;

Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Алексеевскай оройуон лектора, «Знание» уопсастыба чилиэнэ, «Бастыҥ дириэктэр» бэлиэ хаһаайына Александр Александрович Слепцов аатынан химия;

«Таатта» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, СӨ үтүөлээх учуутала, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Любовь Васильевна Андросова аатынан нуучча, саха тылынан «Көмүс бөрүө» суруналыыстыка;

РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үөрэҕириитин Бочуотунай грамотатын хаһаайката Евдокия Егоровна Петрова уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Барҕарыы» пуонда стипендиата, «Үөрэх хаачыстыбата» анал бэлиэ хаһаайына  Василий Иннокентьевич Гоголев сырдык ааттарынан физика;

Бэстибээл иһинэн улуустааҕы «Сыл бастыҥ учуутала» күрэс, аһаҕас уруоктар, маастар-кылаастар үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.

Киэҥ ис хоһоонноох Педагог, Уһуйааччы сылын түмүктүүр тэрээһин маҥнайгы күнэ кэлэр кэнчээрилэргэ киэҥ билиилэри, умнуллубат алтыһыылары, бэйэни сыаналаныыны, инники сайдар саҕах аартыгын арыйарга төһүү күүһүнэн буолуохтун. Кэлэр кэскиллэрбитин уһуйар педагогтар баай үөрүйэхтэри ылбыттара саарбаҕа суох.

Читайте дальше