Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха туһаайбыт этиитин туһунан Таатта улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов санаатын үллэһиннэн:
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуотугар алта сыллаах үлэтин былаанын сырдатта.
Дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар туһуламмыт реформалары билиһиннэрдэ. Аан Дойдуга Дьиэ кэргэн сылыгар анаан туһаайан социальнай эҋгэҕэ үлэлии турар бырагыраамаларын болдьохторун уһатарга, эбии саҥа бырагыраамалары үлэҕэ киллэрэргэ ол эбэтэр «Дьиэ кэргэн», «Арассыыйа ыччата», «Кадрдар» саҥа национальнай бырайыактар олохтоноллорун туһунан эттэ, ону таһынан кыра куораттарга күүстээх болҕомто уурарга, тыа хаһаайыстыбатын уонна тулалыыр эйгэни харыстыыр үлэһиттэр хамнастарын үрдэтии былааннанарын туһунан чопчу эттэ.
Уһуйааннары сэргэ оскуола-садтарбыт тутуулара, оройуоммут киинигэр саҥа эбийиэк тутуутун боппуруостара, инникитин быһаарыллар кэскилэ улаатта.
Быстах байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дойдуларыгар эргиллэн кэлэн судаарыстыба бөдөҥ тэрилтэлэригэр, салайар эйгэҕэ бэйэлэрин миэстэлэрин булар кыахтаналларын биллэрдэ.
Күөх уматыгы сүрүннээн Саха Сиригэр дьоҥҥо тиэрдэргэ диэн, бэйэ оҥорон таһаарыыны бүтүн дойду үрдүгэр күүһүрдэргэ, тэрийэргэ диэн этиилэрэ биһиги дойдубутугар инники сайдыыбытыгар күүстээх өйөбүл буолара туоһулуур.