Таатта улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов:
— СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитин сөбүлээн иһиттим. Ол курдук , Таатта улууһун элбэхтэ холобур оҥостон ахтан ааста, уһун үҋэлээх 103 сааһын туолбут Пермякованы, Ытык Күөлгэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут саҥа үс этээстээх, 4000 кв.м. иэннээх, күҥҥэ 200 киһини көрөр кыахтаах поликлиниканы, атын улуустарга суох баараҕай тутуу олус үчүгэйдик түргэнник үлэҕэ киирбитин бэлиэтээтэ.
Кэлэр сылга болҕомто тыа хаһаайыстыбатыгар, бэйэ оҥорон таһаарыы хайысхаларыгар ууруллуо диэн эттэ. Уонна кэлэр сылы Оҕо Саас сылынан биллэрдэ. Пушкин каартатыгар майгынныыр оҕо каартата баар буолуоҕун, 7 саастарыттан 14 саастарыгар диэри «Саха сирин олохтооҕо» картаны идэҕэ киллэрэргэ, оҕо аһылыгар күүстээх хонтуруол, «Мин бастакы хамнаһым” оскуола оҕолоругар аналлаах пилотнай бырайыагы 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр үлэлэтэргэ диэтэ.
Елена Слепцова.