ППМИ — (программа поддержки местных инициатив)

Олохтоохтор инициативаларын өйөөһүн программатынан республикаҕа сыллата араас хайысхалаах бырайыактар оҥоһуллан үлэҕэ киирэ тураллар. Билиҥҥи кэмҥэ олохтоох дьаһалталарга үп-ас көрүллүүтэ кыччаан турар кэмигэр, нэһилиэнньэ уонна дьаһалта субсидия уопсай сууматыттан 5-15% эрэ дылы кыттыһан субсидияны харчытыгар тиксэбит.

500-1000 нэһилиэнньэлээх сирдэргэ субсидия сууммата 1, 5 мөл.

2018 с. — Дьүлэй нэһилиэгэ күрэххэ кыайан  сынньалан зоната,

2019 с. – Мэмэн-Түөрэ чааһынай ыаллара киин ититиллэр ситимҥэ холбоноругар материал ылыыта,

2021 с. — Кыайыы скверин киин уулуссаҕа оҥоруу, 2022 с кладбищелары күрүөлээһин курдук үлэлэр оҥоһуллан тураллар.

Кэлэр 2024 сылга «Үтүө дьыала чэрчитинэн» норуот күүһүнэн 2000 сыллаахха  тутуллубут культурнай-спортивнай киин кыһыҥҥы кэмнэргэ олус тымныйарынан убаҕас теплоизоляционнай аныгы тутуу матырыйаалынан ыстаран ититии үлэтин бырайыагынан нэһилиэнньэни, спонсордары кытта харчынан, үлэнэн кыттарга бэлэм.

Читайте дальше