Реас Кулаковскай «Аҕам олоҕо» романыгар ахтыллар Чөркөөх дьоно

Ханнык баҕарар норуот омук сүдүтүттэн, кыратыттан тутулуга суох сирдьит, тумус туттар дьонноох. Кинилэр олохторун хас биирдии түгэнэ үөрэтиллэн, сурукка-бичиккэ тиһиллэн, чөмчөтүллэн иһэрэ норуот баайа буолан харыстанар, үөрэтиллэр аналлаахтар. Биһиэхэ сахаларга оннук аналлаах күн сирин көрбүт киһинэн А.Е.Кулаковскай Өксөкүлээх Өлөксөй буолар. Кини икки үйэ ыпсыытыгар төрөөн, олоҕо баайдар уонна дьадаҥылар кылаассабай охсуһууларын уотун ортотунан ааспыта. Сэниэ ыалга төрөөн үөрэхтэммит, көскө кэлбит народниктары, бассабыыктары кытта доҕордоһон, бу охсуһуу ис хоһоонун эрдэ өйдөөбүт, үөрэҕэ суох сахатын дьонун батталтан үөрэх эрэ босхолуур кыахтааҕар бүк эрэммитэ, үөрэхтээһин туһугар олоҕун анаабыта. Кини олорбут олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, дириҥ бөлүһүөктүү ис хоһоонноох айымньылара ситэри үөрэтиллибиттэрэ диир кыахпыт суох. Онно эпсэн бэлиитикэ уларыйыыта ол түмүгэр үрүҥү хара, хараны үрүҥ диир буккуурдаах кэмнэр Өксөкүлээх Өлөксөй биографиятыгар мөккүөрү тардыбыттара, билигин да тардаллар. Онно харда курдук Алексей Елисеевич уола Реас Алексеевич «Аҕам олоҕо» диэн ахтыы-сэһэн айымньыта 2006 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Ахтыы-сэһэҥҥэ Өксөкүлээх Өлөксөй былыргы төрүттэриттэн саҕалаан Москва куоракка ыарахан ыарыыттан олоҕо быстыар дылы «бэйэтин көрдөрүүлэригэр, аймахтарын ахтыыларыгар уонна араас чахчыларга, докумуоннарга олоҕуран» (Реас Алексеевич Кулаковскай) дириҥник хорутуллан суруллубут. Ахтыы-сэһэҥҥэ биһиги Чөркөөхпүт уруккута хаста да ахтыллар, сирэ-дойдута уустук-ураннык хоһуйуллар. «Бу кэпсэнэр кэм саҕана Чөркөөх илин томторугар сабыс-саҥа тутуллубут таҥара дьиэтин кириэһэ күн уотугар чаҕылыҥныы оонньуура. Арҕаа өттүгэр сүүсчэкэ сыл устата үҥпүт чочуобуналара хараара барыарара». Таҥара дьиэтин кириэһэ билигин да күлүмүрдүү турар. Биир дойдулаахпыт Социалистическай Үлэ Геройа Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн, норуот күүһүнэн тутуллубут Саха сиринээҕи политсыылка музейын сүрүн экспоната буолан, улуу Арассыыйа, аан дойду айанньыттарын угуйа турар. Кинигэҕэ дьон, сирдэр ааттара уларыйбакка сирэйинэн сылдьара улахан суолталаах. Г.БэстиинэпБэс Дьарааһын «Бойобуой» диэн очерк –арамааныгар майгынныыра кыраайы үөрэтээччилэргэ туһалаах буолара сэрэйиллэр. Чөркөөх былыргаттан муҥхаһыттарынан аатырар. Билигин да улуус дьоно күһүн ахсын Чөркөөххө мустан, күөх далайтан бэриһиннэрэр үгэстэрэ быстыбат. Билиҥҥи Чөркөөх муҥхаһыттарыгар туһалаах буолуон сөп кэрчиги ыаллар кэпсэтиилэриттэн киллэрэбин: «Сүөдэрэп Маппый Мындайбантан иккитэ түһэрэн икки «ынах ханнын» ылла. Хадырҕааччыттан эмиэ икки туона оҥорон, бастакы түһэриитигэр «ынах ханнын», иккис түһэриитигэр үс хоппону ороото». Бу ахтыллар Маппый Сүөдэрэп Арамаан, Маай Сүөдэрэптэр хос эһээлэрэ. Чөркөөх биир бэлиэ, ытык киһитин Слепцов (Владимиров ) Елисей Ивановиһы кытта Өймөкөөҥҥө көрсүһүүлэрэ «муна-тэнэ, хааны хабан харсыларыттан тахса сылдьар» дьону эйэлэһиннэриигэ кырата суох суолталаммыта биллэр. Өксөкүлээх Өлөксөй айанныы барарыгар кэргэнин, оҕолорун аймахтарыгар, чугас дьонугар олохтоон хаалларар майгылаах эбит. Оннук ыалларынан Чөркөөххө Маппый Сүөдэрэп буоларын туһунан кинигэҕэ хас да сиргэ ахтыллар. Ол курдук Умсаҥҥа олордохторуна кыстаабыттарын, кинилэргэ Алампа Соппуруонап сылдьарын туһунан атын ахтыыларга суруллан турар. Кинигэттэн Алексей Елисеевич дуобатчытын, саахыматчытын биллибит. Чөркөөх оскуолатыгар оҕолору дуобакка, саахымакка үөрэппитэ, эрчийбитэ быйыл сүүс сааһын туолбут Н.Т.Слепцов ахтыытыгар сөп түбэһэр. Кини этэр: «Миигин саахымакка Тихон Семенович Таппыров үөрэппитэ, кинини П.А.Ойуунускай үөрэппит, онтон Ойуунускайы Өксөкүлээх Өлөксөй үөрэппит». Чөркөөх орто оскуолатыгар саахымакка сэттэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ үөрэнэн, иитиллэн тахсыбыттарыгар төрдүн олохтообут киһинэн Өксөкүлээх Өлөксөй буолар диирбит сөп. Алексей Елисеевич уонна Платон Алексеевич сыһыаннара истиҥин, икки өртүттэн ытыктабыллаах эбитин «биһиги киһибит, Сэккээччи Хоочугур Өлөксөй уола…» диэн хас да түһүмэххэ ахтыллан ааһарыттан билэбит. Бакуга түүр омуктар бастакы сийиэстэригэр бараары сылдьан анаан көрсүспүттэрин, онно тугу этиэхтээҕин, туруорсуохтааҕын сөҥнөспүттэрэ айымньы хаамыытыттан сэрэйиллэр. Өксөкүлээх айар үлэнэн уонна науканан дьарыктаммыта сүүрбэ биэс сылын туолар тэрээһинтэн олус астыммыта, долгуйбута. Аптаныамыйаны саҥа ылбыт сэбиэскэй Саха сирин эдэркээн баһылыктарын оҕолорун курдук таптаан «…Максимушка…», «Сэккээччи уола …» диэн сыһыаннаһара, «…мин эһиэхэ улаханнык эрэнэбин» — диирэ үөрэҕэ суох, хараҥа норуотун үөрэхтиир туһугар уһун сыллаах сырата таах хаалбатыгар бигэ эрэллээҕэ көстөр. Кулаковскайдар сүрдээх эйэҕэс, үөрүнньэҥ ыалларын дьадаҥы, ол гынан баран олоҥхоһут Филимон Слепцову көрсөллөрүгэр, чэйдэтэллэригэр көрөбүт. Дьиэлээх хотун Филимоҥҥа уолун эргэрбит таҥаһыттан биэрээри туран: «биһиги саастыыта уоллааххын дии» — диэн чуолкайдаһар. Онно Филимон: «Баар, сэттэ курдаах Сэрэмээт Боотур диэн». Дьэ бу сэттэ курдаах Сэрэмээт Боотуртан элбэх ыччат дьон төрөөн-үөскээн олорбуттара, олороллор. Кинилэртэн СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Е.А.ФилатоваСыгыйык айа-тута төрөөбүт Чөркөөҕөр олорор. Реас Алексеевич суруйуутугар аҕата саҥа саҕалаан эрэр эдэр олоҥхоһут Дэниис Элбэрээкэби үрдүктүк тутарын кылгастык ахтан аһарар. Кэлин Дэниис Таатта биир бөдөҥ олоҥхоһута буолбутун билэбит. Дэлиһиэйдээх (Кулаковскайдар) уолларыгар Иваҥҥа кэргэн кэпсэтэ Чөркөөх биир сэниэ ыалларыгар Бэспиэлэйдэргэ сырыыларын, бу ыаллар олохторун-дьаһахтарын туһунан суруйуу балачча миэстэни ылбыт. Бу Бэспиэлэйдэр төрүт-уус сэниэ, куортук бааммыт, Маҥаас аҕатын ууһун түсбас ойуун-удаҕан, олоҥхоһутун уутуйан үөскээбит ыаллар. Кинилэртэн Көһөҥө диэн ааттаах олоҥхоһут ааспыт үйэлэргэ төрөөн-үөскээн ааспыт сураҕа үһү-тамах курдук иһиллэр. Ол оннугар аныгы үйэ киһитэ сэбиэскэй-партийнай үлэһит, учуутал П.Е.РешетниковКөһөҥө Бүөтүр аата дорҕоонноохтук иһиллэр. Ийэ олоҥхоһут, ЮНЕСКО стипендиата, элбэх олоҥхолор автордара, Таатта улууһун, Октябрьскай нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо. Кинини утумнаабыт төрөппүт кыыһа Р.П.Докторова олоҥхоҕо, тойукка элбэх күрэхтэр кыайыылаахтара. Алексей Елисеевич кэргэнин, оҕолорун итэҕэйэн хаалларар Умсаҥҥа олохтоох Федоровтартан – Таппыыннартан юридическай наука доктора, профессор М.М.Федоров, уо.д.а. элбэх үөрэхтээх, үтүөлээх дьон үөскээбиттэрэ, үөскүүллэр. Мантан көстөрүнэн Алексей Елисеевич Кулаковскайы, кини сырдык аатын кытта алтыспыт дьоно бары да Чөркөөххө, төрөөбүт эйгэлэригэр, бар дьонноругар туһалаах олоҕу олорбуттар эбит. Поэт, прозаик, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Реас Алексеевич Кулаковскай Чөркөөххө учууталлыы, олоро сылдьыбыт. Улахан кыргыттар Рива, Рая Чөркөөххө төрөөбүттэр. 1957 с. Чөркөөххө орто оскуола аһыллыбытыгар Амматтан тахсаннар 8-9-10 кылаастарга үөрэммиттэр. Реас диэн туох дьикти аатай диэн сонурҕаан ис хоһоонун таайа сатаабыт элбэх буолара. Араас омуктар ааттарыгар ханыылыы туталлара. Кэлин эрэ улуу киһи дириҥ ис хоһоонноох ааты биэрбит эбит диэн сөҕөллөрө. «Реас» — сахалыы «эрэйи аас» диэн иһиллэр уонна оннук да суолталаах курдук. Реас хас да бииргэ төрөөбүттэриттэн соҕотох ордон, аҕыс оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, үтүө дьон оҥортуур. Аҕатын улуу Өксөкүлээх удьуорун уһуннук салгыыр ыччаттары норуотугар хаалларар. Кини олоҕор аҕатын сырдык аатын хараардыы, айбыт кинигэлэрин уоттааһын курдук ыар баттабылы илэ көрүү, буржуазнай-националист оҕотун быһыытынан үрдүкү былаастартан сэнэбил, атаҕастабыл кытта бааллара. Олору барытын дьоһуннук тулуйан, этэргэ дылы эрэйи муҥунан тыыран этэҥҥэ, дьоллоохтук олорон олоҕун түмүктээбитэ.