Биһиги биир дойдулаахпыт Родимир Максимов билиҥҥи буола турар анал байыаннай дьайыыга хорсун бойобуой сырыытын истэн, долгуйан, кини туһунан хаһыат нөҥүө итии, сылаас сыһыаммытын биллэриэхпитин баҕардыбыт.

Максимов Родимир Дмитриевич ойуу-бичик тыллаах, олоҥхоһуттарынан аатырбыт Дьүлэй нэһилиэгэр сылгы иитиитинэн утумнаан дьарыктанар дьиэ кэргэҥҥэ иккис уол оҕонон 1997 сыллаахха ахсынньы 17 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Күн күбэй ийэтэ И.Н.Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр салааҕа муусука уһуйааныгар үлэлиир. Дьиэ кэргэн киэн туттар, тапталлаах аҕалара олоҕун Дьөһөгөй оҕотун иитиигэ анаабыта. Максимовтар дьиэ кэргэн үс уолларын уонна кыыстарын дьиэ кэргэҥҥэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа, тапталга иитэллэр.

Родимир кыра сааһыттан барыны-бары билэ-көрө сатыыр, кэрэни кэрэхсиир чараас дууһалаах уол. Кыра кылаастан саҕалаан, оскуолаҕа «4», «5» сыанаҕа үөрэммитэ. Эргиччи талааннаах уол тыл уруоктарыгар дьоҕурдааҕа эрдэттэн биллибитэ. Санаатын уустаан-ураннаан, тылын-өһүн киһиэхэ тиэрдэр гына этэр. Элбэх кинигэни аахпыта. Чинчийэр үлэнэн дьарыктаммыта, «Куолу» араатардар күрэхтэһиилэригэр сөбүлээн кыттара. Маны таһынан Родимир олоҕор арахсыспат буолбут аргыһынан ырыа буолар. Бу дьарык кинини олус абылаабыта. Эбээтэ Кузьмина Анна Ивановна оҕолорун, сиэннэрин түмэн, ырыа ансаамбылын тэрийэн, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан, элбэх ситиһиилээхтэр. Турцияҕа буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы искусство фестивалыгар Гран-При үрдүк аатын ылбыттара дьаныардаах үлэни, ырыаҕа тапталы туоһулуур. Родимир бэйэтэ эмиэ хас да ырыаны айбыта биллэр. Бу ырыалар төрөөбүт дойдуга тапталга, бэриниигэ анаммыттара. 9-с кылаас кэнниттэн Родимир Дьокуускай куоракка музыкальнай колледжка үөрэххэ киирбитэ. Студенныыр сылларыгар төрөөбүт дойдута сайдыытыгар, кырдьык иһин туруулаһар санаата өссө күүһүрбүтэ. Кууһумууннар дьиэ кэргэн «Семья — хранитель традиции — 2019» улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыттыылаахтара, Бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһии финалистара. Родимир улааппыт эйгэтэ, ийэтин да, аҕатын да өттүнэн оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыһыаран иитии буолар. Сүөһү, сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Сайын устата оҕолуун, сиэнниин бары тэҥҥэ оттуур, сир астыыр, Баай Байанайга сүгүрүйэн, айылҕалыын алтыһан, балыкка бары бииргэ сылдьар үтүө үгэстээхтэр. Үлэһит, ыарахантан толлубат буолар санаа манна дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитэ. Ол да иһин Родимир хайа да бэйэлээх ыарахантан чаҕыйбакка, уолуйан хаалбакка хорсун быһыыны оҥордоҕо. Бу барыта иитиллибит эйгэтин төһүү күүһэ. Манна өссө элбэх иллээх дьиэ кэргэн бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр үтүө санаатын, дьоҕурун эбэн кэбис. Онон Родимирга Ийэ дойдуга таптал, бар дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыан кыра эрдэҕиттэн иҥмитэ. Кини ытык иэһин толорон, Российскай Армия кэккэтигэр сылдьан кэлбитэ. Родимир анал байыаннай дьайыыга бэйэтин баҕа өттүнэн барыыта быстах санааттан буолбатаҕа биллэр. Кини хааныгар төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу өбүгэлэриттэн бэриллибит. Ол курдук, икки хос эһээтэ Дмитрий Максимов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Москва куораты көмүскүүр кыргыһыыга хорсуннук охтубута. Ийэтин өттүнэн хос эһээтэ Бүөтүр Щукин уонна Дьөгүөр Кууһумууннар – Бурҕааттар аатырбыт мас уустара этилэр. Кинилэр уһаммыт тутуулара Саха сирин музейдарын киэргэтэллэр.

Боростуой, үлэһит дьиэ кэргэнтэн иитиллэн тахсыбыт, дэриэбинэ уола төрөөбүт дойдутун, норуотун туһугар бары сатабылын көрдөрөн, кырдьык иһин туруулаһа сылдьарыттан төрөөбүт түөлбэтин дьоно-сэргэтэ киэн туттабыт, уолбутугар күүстээх санааны, этэҥҥэ эрэ сылдьарыгар баҕа санаабытын этэбит.

Вера Захарова.

Читайте дальше