Өркөн өйү, тобуллаҕас толкуйу сайыннарар спорт көрүҥэ.
Былыр — былыргыт тан Тааттаҕа номоххо киирбит, улахан саахыматчыттар уутуйан үлэлээбиттэрэ, олорбуттара. Ол үтүө үгэһи, аатысуолу ыһыктыбакка, төһөлөөх үгүс күүстээх саахыматчыттар, төрөөбүт дойдуларын аатын ааттатан ааспыттара буолуой? Ол да иһин кэлиҥҥи кэмҥэ кинилэр ааттарын үйэтитиигэ үгүс тэрээһин ыытыллар.
Ол курдук, «Алгыс» кырдьаҕастар сынньанар балаҕаннарыгар спорт бэтэрээнэ Д.Д. Колесов сырдык кэриэһигэр кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ саахымат турнирын тэрийэн ыыттылар. Кылгастык Дмитрий Дмитриевич туһунан ахтан-санаан аһардахха, идэтинэн история, обществознание учуутала этэ. Бастаан эдэр сааһыгар тустуунан дьарыктаммыт, 1965 с. Уһук Илиҥҥи байыаннай уокурукка бастаабыттаах, Тааттаҕа чөмпүйүөннүү сылдьыбыта. Кэлин саахыматынан умсугуйан, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри саахыматынан үлүһүйбүтэ. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттан, чөмпүйүөннээбит да түгэннэрдээх, оннооҕор Кытай гроссмейстерын кытта тэҥнэспитэ. Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сыла биллэриллэн, утумнааһыны күүһүрдүүгэ, саахымакка интэриэһи тардыыга, сайыннарыыга, үүнэн иһэр кэнчээри ыччакка аналлаах сэргэх тэрээһин ыытылынна. Дьокуускайтан, Чурапчыттан кырдьаҕастыын-оҕолуун уопсайа 44 оонньооччу көхтөөхтүк кытынна.
Турнир аһыллыытыгар Таатта, Уолба нэһилиэгин баһылыктара Е.И. Павлов, А.А. Винокуров, үөлээннээҕэ М.Н. Колодезников, биллэҕэ Г.Г. Колодезников Дмитрий Дмитриевич Колесовы ахтан-санаан аастылар.
Сынньалаҥ кэмигэр оҕолорго саахымат түөрүйэтигэр, Таатта саахыматчыттарыгар туһуламмыт биктэриинэ ыытылынна. Хатылы, Чурапчы оҕолоро дириҥ билиилээхтэрин көрдөрөн, бириискэ тиксэн үөрдүлэр-көттүлэр.
Хатыйсыылаах, эрийсиилээх күрэхтэһии кэнниттэн эр дьоҥҥо Данилов Николай (Хатылы) — I м., Сыромятников Иван (Баайаҕа) — II м., Соров Степан (Чычымах) — III м., дьахталларга Аржакова Матрена (Дьокуускай) — I м., Кириллина Александра (Ытык Күөл) — II м., Сысолятина Людмила (Ытык Күөл) — III м. ыллылар.
Оҕолорго Колесов Айвар (Ытык Күөл) — I м., Михайлова Наташа (Ытык Күөл) II м., Бурцева Валерия (Дьокуускай) — III м. буоллулар. Бастаабыт оҕолору сэргэ 6 оҕоҕо биһирэбил миэстэ ананна, бары кыттыбыттарга туоһу сурук, сэмэй бириис туттарылынна.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр күүстээх саахыматчыт Дмитрий Дмитриевич убайа Андрей Дмитриевич Колесов уола Андрей Колесов туруорбут «Сааахыматчыт дьиэ кэргэн» бирииһин Мурунов Афанасий 4 оҕото, саахымат Федерациятын дириэктэрэ Соров Степан, Колесова Евгения анал бириистэрин Афанасьева Милана (Баайаҕа), «Саамай түргэн кыайыы» Никитин Антон (Ытык Күөл) ыллылар. Акыымап Ньукулай күтүөттэрин ааттарыттан кырдьаҕас күтүөт Г.Г. Колодезников «Таатта эрэлэ» диэн алгыстаан, Бырдыка Уус оҥорбут саха быһаҕын Павлов Айтал (Чычымах) туттарда. Улахан дьоҥҥо 70-тан үөһэ саастаахтарга үчүгэй көрдөрүүлээх Василий Федоров (Чурапчы) Уолба нэһилиэгин, ОДьКХ бастыҥ оонньооччутугар анаммыт бэлэҕигэр Анатолий Никитин, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтэ туруорбут бирииһигэр Василий Цыпандин тигистилэр. Маны сэргэ Дмитрий Дмитриевич үөлээннээҕэр чаҕылхай оонньооччу Мирон Колодезниковка уонна түөлбэлэрин саахыматчыттарын утумнааччытыгар, күүстээх оонньооччуга Василий Поповка ини-бии Айаар, Николай Акимовтар анал бириистэрин анаатылар. Успуорт бэтэрээнэ Василий Цыпандин «чахчы, саахымат бырааһынньыга буолла» диэн истиҥ-иһирэх тылларын этэн туран, «Үчүгэй» диэн ырыанан бэйэтин музыкальнай эҕэрдэтин тиэртэ. Тэрээһин олус чэпчэкитик, бар дьон санаата кэлэн, биир тыынынан ыытылынна.
«Алгыс» балаҕаныгар буолар бары тэрэээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллалларыгар үгүс сыратын биэрэр, үгүс түбүгү көрсөр уораҕай хаһаайына К.И. Христофоровка, бары күүс-көмө буолбут аймахтарыгар, доҕотторугар тэрийээччилэр дириҥ махталларын тиэрдэллэр. Сылдьыбыт дьон үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, дуоһуйа астынан тарҕастылар.
Мария Павлова.