«Доҕордоһуу»үҥкүү норуодунай ансаамбылын дьоро киэһэтиттэн дьиэбэр дьиэрэҥкэйдээн киирдим, этиэх-кэпсиэх санаам кэллэ.
Оннук астык, киһи кутун-сүрүн көтөҕөр Кэрэни көрдүбүт. Үбүлүөйдээх дьоро киэһэ икки кэнсиэри көрдүбүт. Бастакы кэнсиэргэ ааспыты ахтан-санаан 1970, 1976, 1979 сыллардаахха туруоруллубут үҥкүүлэрин уонна ансаамбыл иккис тыыннанан, ураты суолу тобулар 1999, 2002, 2005 сыллардаах кэмин үҥкүүлэрин көрдүбүт. Түмсүү тирэҕэ, силиһэ-мутуга ууруллуута үҥкүүнэн сырдатылынна. Иккис кэнсиэргэ ситими салҕааччылар бүгүҥҥү кэм тэтимин биэрэр уонна сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэр үҥкүүлэрин биир тыынынан көрдүбүт, сырдаатыбыт, сэргэхсийдибит.
55 сыл-лааҕыта ансаамбылы тэрийбит Августина Федоровна Клакинова Таатта үйэлээх эйгэтин оҥорорун туһунан санаабатаҕа буолуо да, бүгүн «Доҕордоһуу» үҥкүү ансаамбыла уопсастыбаны хамсатар күүс буолбутун көрөн киһи сөҕөр. 55 сыл устата дьарыктаммыт 500-чэкэ оҕо тыһыынчанан төрөппүттэрэ Таатта нэһилиэ-гин 20% ылар улахан араҥа — үҥкүү абылаҥынан олорор дьон буолар. Бу улахан күүс 55-с үбүлүөйдээх кэнсиэргэ туох сонуну, киһини кэрэхсэтэр тугу таһаарда? Бастатан туран, үҥкүүттэн үҥкүүһүт идэтин талбыт, үҥкүү алгыстаах суолун тутуспут, айар үлэни өрө туппут оҕолор саҥа үҥкүүлэри айан таһаарбыттара, саҥа хамсаныылары, сонун тэтимнэри туппуттара буолар. Иккиһинэн, оҕолор бары дойдуга бэриниилээх иитиллибиттэрэ көстөр, доҕордоһуу суолунан араас омук үҥкүүлэрин туруорбуттара кэрэхсэтэр.
Кэннэки кэмҥэ тылбыт сүтээри гынна диэн куттанар кутталым көтө быһыытыйда, кэнсиэри көрө олорон эрэл баар эбит диэн санаа күүһүрдэ. Валентин Козлов таатталыы ураты толкуйа оҕолорго сахалыы тыыны ииппитин, иитэрин итэҕэйдим. Утумнааччыларын, уһуйуллааччыларын үҥкүүлэригэр «Мин Тааттабын», «Мин итэҕэллээх сахабын», «Мин Доҕордоһууну өрө тутабын» диэн үҥкүү тыынынан, хамсаныынан, ис хоһоонунан тиэртилэр ээ. Дьэ, астык!
Ытык киһибит Мандар Уус биир уус этиитин өрүү санааччы: «Тарбаҕыҥ имигэс буоллаҕына, өйүҥ-санааҥ да тобулугас буолуохтаах». Ол этэринии 13 көлүөнэ оҕолорун 87% А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицейгэ үөрэнэр оҕолор буолаллар. Урукку да өттүгэр үҥкүүһүттэр үксүлэрэ гимназияҕа, лицейгэ үөрэммиттэрин билэбит. Ити курдук көлүөнэлэр үгүстэрэ үөрэҕи, дьарыгы барытын тэҥҥэ тутан, бириэмэни сөпкө аттарарга үөрэнэн, олоххо оннуларын булууларын ааһан, айар-тутар суолунан ыччат дьону сирдииллэр.
Көрөөччү, сүгүрүйээччи аатыттан бары түмээччилэргэ, тэрийээччилэргэ, уһуйааччыларга, айааччыларга, өйөөччүлэргэ, батыһааччыларга махталбын тиэрдэбин. Бу күүстээх хамаанда үлэтэ! «Доҕордоһуу» алгыстаах айанын тэтимэ ыһыллыбатын, бытаарбатын, оһуордаах олоҕун кыыма ыччаты кэрэҕэ умсугута, угуйа турдун, уһуун-уһун үйэлэргэ быстыбат ситимнэннин!
Үрүҥ күҥҥэ
Үҥкүүнэн үҥэр
«Доҕордоһуу»
Үтүө мааны ыччатын
Дорҕоонноохтук алгыыбын!
Изабелла Сивцева, п.н.к., А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей дириэктэрэ.