ТААТТА УЛУУҺУГАР ХАМСААҺЫН 80 СЫЛЫН БЭЛИЭТЭЭҺИН
Быйыл Саха сирин уонна Таатта улууһун спортивнай эйгэтигэр үбүлүөйдээх сыл. Ол курдук, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100, биһиги улууска физкультура уонна спорт кэмитиэтэ тэриллибитэ 80 сыла бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэ уонна улууспут иһигэр ыытыллар бары тэрээһин, үөһэ этиллибит, кэрэ-бэлиэ кэмҥэ ананан ыытыллар. Ол ааспыт, устуоруйаҕа киирбит бастакы хардыылары, ааспыт кэми кылгастык ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
Саха сиригэр физкультурнай хамсааһыны тэрийсибит салайааччылартан биирдэстэринэн биһиги Улуу убайбыт П.А. Ойуунускай буолар. Сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар, 1920 сыл сэтинньи 7 күнүгэр тэриллибит «Саха омук» культурнай-сырдатар уопсастыба физкультурнай хамсааһыны бастакынан саҕалаабыта. Бастакы спортивнай күрэхтэһиилэр ыытыллыбыттара, бастакы сиэксийэлэр, куруһуоктар тэриллибиттэрэ. Ол да буоллар, үөһэттэн Саха сиринээҕи Киин ситэриилээх кэмитиэт (ССКСК) көмөтө ирдэнэр этэ. Саха норуотун биир чулуу уола М.К. Аммосов 1923 сыл балаҕан ыйын 19 күнүнээҕи ССКСК 58№-дээх «ССКСК иһинэн физическэй культура Сэбиэтин тэрийэр туһунан» Уураахха илии баттаабыта. Сэбиэт бастакы бэрэссэдээтэлинэн С.Н. Донской-I талыллыбыта. П.А. Ойуунускай ССКСК бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, 1924 сыл алтынньы 16 күнүгэр «Автономная Якутия» хаһыакка «Саха сиригэр физическэй культура инники соруктара» диэн ыстатыйаны бэчээттэппитэ. Ити сыл кини этиитинэн ССКСК уурааҕа тахсыбыта: «1925 сылга өрөспүүбүлүкэ иһигэр бастакы национальнай спортивнай оонньуулары тэрийэргэ», — диэн. Платон Алексеевич ССКСК иһинэн тэриллибит физкультура Сэбиэтин, 1925 сыл балаҕан ыйын 25 күнүттэн 1926 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри, кылгас кэмҥэ сирэй салайан ааспыта.
Саха норуотун уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, суруйааччыта П.А. Ойуунускай физическэй культураны үрдүктүк тутара. Сүүс сыллаах улуу былааҥҥа суруйбутун курдук: «Саха норуота физическэй культураны кытта доҕордостоҕуна, доруобай, чөл олохтоох буолан, кыайыа-хотуо, элбэҕи ситиһиэ, олоҕун уйгута улаатыа этэ», — диэн санаалааҕа. Платон Алексеевич бэйэтэ сүрдээх эрчимнээх, чэгиэн-чэбдик, иҥиир-ситии көрүҥнээҕэ, сымса-сылбырҕа туттунуулааҕа. Сарсыарда аайы эрчиллэрэ, күннээҕи олоҕор хайаан да, хамсанарга-имсэнэргэ дьулуһара, айылҕаҕа сылдьара, булка көхтөөҕө.
Ол курдук, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын саҕаланан, физкультура Сэбиэтэ тэриллэн, былааннаах үгүс үлэ ыытыллан, бастакы Спартакиада тэриллибитэ. 1935 сыл Саха комсомуолун 15 сылыгар анаан, Бүтүн Саха сирин II Спартакиадата ыытыллыбыта. Онно кэлин улахан суруйааччы буолбут, Реас Кулаковскай атах оонньуутугар ситиһиилээхтик кыттыбыта. Ыстаҥаҕа, куобахха иккис миэстэлэри, кылыыга үһүс миэстэни ылбыта. Таатталар аан бастаан хамаанданан 1937 сыл Бүтүн Саха сирин III Спартакиадатыгар кыттыыны ылбыттара. Өрөспүүбүлүкэ улахан күрэхтэһиитигэр уопсайа 9 хамаанда кыттыбыта. Аан маҥнай кыттар Таатта хамаандата куһаҕана суох ситиһиилэммитэ. Мефодий Слепцов — Бөҕө Ньыппый хапсаҕайга иккис миэстэни ылбыта. Сүүрүктэр Степан Софронов, Архип Ермолаев 5000м. уһуҥҥа сүүрүүгэ иккис-үһүс миэстэлэргэ тахсыбыттара. Атах оонньуутугар Дьокуускайдааҕы педтехникум выпускнига Пантелеймон Васильев кылыыга төрдүс, куобахха үһүс буолбута. Хамаанданы Степанов (аата биллибэт) салайан илдьэ сылдьыбыт.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр физкультурнай спортивнай үлэ тохтооботоҕо. Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр ыччаты бэлэмнээһин, байыаннай үөрэхтээһин тиһигэ суох ыытыллар этэ. Ол кэмҥэ Саха АССР СНК 1942 сыл сэтинньи 30 күнүнээҕи 1362№-дээх уурааҕар олоҕуран, 1943 сыл тохсунньу 9 күнүгэр Таатта оройуонун дьокутааттарын Сэбиэтин исполкомун быһаарыытынан физкультура уонна спорт оройуоннааҕы кэмитиэтэ тэриллибит. Кэмитиэт 5 киһи састааптааҕа, бэрэссэдээтэлинэн Михаил Сыромятников анаммыт. Бу кэмтэн ыла 80 сыл ааста. Элбэх салайааччы үлэлээн ааста, элбэх тэрээһин, күрэхтэһии, Спартакиада, оонньуулар ыытылыннылар, оройуон бастыҥ спортсменнара Аан дойду, Европа, ССРС, Арассыыйа, Саха сирин түһүлгэлэриттэн ситиһиилэри, мэтээл араас көрүҥнэрин аҕаллылар. Ол туһунан элбэхтэ суруйан, сырдатан турабыт.
Бэйэм улуус спордун салайар сылларбар хас да үбүлүөйдээх кэрэ-бэлиэ түгэннэри бэлиэтээн ааспыппыт. Ол курдук 2003 сыл Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 80 сылын, 2006 сыл Саха сиригэр «Урожай» ДСО тэриллибитэ 50, көҥүл тустуу уонна бокса көрүҥнэрэ тэнийбитэ 50 сылын балайда киэҥ соҕустук бэлиэтээбиппит. Олортон быйылгы үбүлүөйдээх сылга сөп түбэһиннэрэн, физкультурнай хамсааһын 80 сылын хайдах бэлиэтээн ааспыппытын ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын.
Өрөспүүбүлүкэ уонна улуус иһигэр ыытыллар тэрээһин барыта физкультура хамсааһынын 80 сылын чэрчитинэн ыытыллыбыттара. Сыл устата барыта 38 күрэхтэһиигэ кыттыбыппыт, 30 күрэхтэһиини тэрийэн ыыппыппыт. Онтон улахаттарын аҕыннахха, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт аан бастакынан тэриллибит 110 км. уһуннаах эстафетаны, үбүлүөйдээх ыһыах спортивнай оонньууларын, хапсаҕайга В.П. Андросов бирииһигэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиини, РФ үтүөлээх тириэньэрэ А.А. Петров 75 сылыгар ананар боксаҕа турниры, дуобакка А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан маастар нуормалаах турниры үрдүк таһымнаахтык тэрийбиппит. Үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр улахан тэрээһин ахсынньы 23-24 күннэригэр Дьокуускай куоракка «Кыайыы 50 сыла» спорт дыбарыаһыгар буолбута. Улуустан сэттэ киһилээх дэлэгээссийэ кыттыбыта: улуус баһылыга Михаил Протодьяконов, улуус спордун салайааччыта Анатолий Мурунов, оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Илларион Федосеев, үөрэх салаатыттан Алексей Неустроев, Дэбдиргэтээҕи КСК дириэктэрэ Петр Ермолаев, тустуу тириэньэрэ Олег Ючюгяев, физкультура учуутала Евгений Иванов.
Ол саҕана спорт салаатыгар үп-харчы олус кырыымчык этэ, хас биирдии тэрээһин элбэх сүүрүүлээх-көтүүлээх, үгүс сыраны-сылбаны ылара. Эбиитин, спортка билиҥҥи курдук, 3-4 киһи үлэлээбэт, барытыгар соҕотоҕун сүүрэҕин-көтөҕүн, өрөбүллэргэ үлэҥ өссө элбиир, ол быыһыгар куоракка командировкаҕа күҥҥүн сүтэримээри, күнүнэн баран кэлэҕин. Оннук харчы тиийбэт буолан, барытын мунньан, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 80 сылын уонна спортивнай сыл түмүгүн 2004 сыл тохсунньу 26 күнүгэр балачча киэҥ далааһыннаахтык тэрийбиппит. Дьокуускайтан бэрэстэбиитэлинэн, ФК уонна спорт управлениетын салайааччыта Николай Цыпандин кэлэн кыттыыны ылбыта, семинар ыытарбытыгар көмөлөспүтэ. Киэһэ өттүгэр үөрүүлээх чаас култуура киинигэр ыытыллыбыта.
Үбүлүөйдээх 2003 сыл «Бастыҥ спортсмен» аатын ылбыттара: Евгений Ефимов – көҥүл тустуу, Егор Малышев – хапсаҕай, Никандр Слепцов, Виктор Протопопов, Михаил Васильев – чэпчэки атлетика, Вячеслав Аввакумов – мас тардыһыы, Василий Захаров – бокса, Зоя Саввина, Любовь Захарова – дуобат, Евгений Охотин – саахымат. Бастыҥ спортсменнары таһынан, тус бэйэм олохтообут анал ааттарбын аан бастаан туттарбыппыт. Ол курдук, «Бастыҥ спортивнай тэрийээччи» аатын П.П. Ермолаев (Дэбдиргэ), «Бастыҥ үлэлээх Федерация» аатын дуобат-саахымат Федерацията (сал. Е.Н. Огонеров, дуобат-саахымат кулуубун үлэҕэ киллэрбитин иһин), «Спорду өйүүр бастыҥ баһылык» аатын М.Л. Архипов (Дьохсоҕон), «Бастыҥ спонсор» аатын «Таатта» КБ (сал. Г.М. Наумова), бэтэринээринэй управление (сал. Н.Н. Пестерев) сүкпүттэрэ.
80 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, улуус бэтэрээн спортсменнарын, спорт салайааччыларын, бастыҥ көрдөрүүлээхтэри чиэстээһиҥҥэ, бэлиэтээһиҥҥэ күүстээх үлэ ыытыллыбыта. Арассыыйа таһымыттан саҕалаан, нэһилиэктэр таһымнарыгар тиийэ, барыларын хабан, бэлиэтиир курдук толкуйдуу сатаабыппыт. Үөһээ салалтаҕа наҕарааданы туруорсуу, көмүскээһин олус уустук, сороҕор табыллар, сороҕо табыллыбат этэ. Ол да буоллар, сүрдээх элбэх киһини хабаммыт, чиэстэммит да дьон, тэрийээччилэр даҕаны астыммыппыт. Оройуоҥҥа 1976-1979 сылларга спорткомитети салайбыт, спорт бэтэрээнэ С.С. Бурцев, ох саанан ытыыга уонна көҥүл тустууга тириэньэринэн ситиһиилээхтик үлэлээбит О.Л. Ючюгяев РФ спортка миниистирэ, олимпийскэй чөмпүйүөн Вячеслав Фетисов илии баттааһыннаах грамотаны туппуттара. Уолаттарга көҥүл тустууга бастакы Аан дойду чөмпүйүөнэ, оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ И.Г. Федосеевка, «Урожай» ДСО-ны уһуннук салайбыт Э.И. Огонеровка, улууска спорду 1958-1959 с. салайбыт В.М. Слепцовка, 1969-1972 с. салайбыт В.Е. Большаковка, 1987-1992 с. салайбыт С.С. Ючюгяевка, уһун сиргэ сүүрүүгэ РФ спордун маастара В.В. Протопоповка, бастыҥ үлэлээх физкультура учууталларыгар Д.В. Поповка, А.А. Неустроевка «Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 80 сыла» анал бэлиэ туттарыллыбыта. Спорт бэтэрээннэрэ Г.Г. Власовка, Д.Е. Дедюкиҥҥа, Н.Н. Слепцовка, К.Е. Владимировка, В.В. Захаровка СӨ Судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ М.Д. Гуляев аатыттан Бочуотунай грамоталар туттарыллыбыттара. Саахымакка Сойууска тиийэ таһаарыылаахтык күрэхтэспит Анна Егоровна Афанасьеваҕа Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аат иҥэриллибитэ. 15 спорт бэтэрээнэ Таатта улууһун баһылыга М.А. Протодьяконов махтал суруктарынан, 20 бастыҥ спортсмен улуустааҕы Спорткомитет грамотатынан, 34 спорт бэтэрээнэ нэһилиэктэр, тэрилтэлэр олохтообут бириистэринэн бэлиэтэммиттэрэ. Онон, уопсайа 100-тэн тахса спорт бэтэрээнэ уонна бастыҥ көрдөрүүлээх спортсменнар чиэстэммиттэрэ. Салгыы остолобуойга бэтэрээннэргэ банкет тэриллэн, үөрүүлэрэ өссө үрдээбитэ. Өр сыл буолан баран, көрсүбүт спорт бэтэрээннэрэ, эдэр саастарын, күрэхтэспит кэмнэрин ахтан-санаан, истиҥник кэпсэтэн тарҕаспыттара, тэрийээччилэргэ махтал тылларын эппиттэрэ. Харчы олох кырыымчык кэмигэр, маннык улахан тэрээһини сүрдээҕин кыайа тутан ыыппыппытын, кэлин сөҕө-махтайа саныыбын.
Маннык ахтан туран, улаханнык ытыктыыр бэтэрээннэрбитинэн Дмитрий Ефремович Дедюкинынан, Петр Никитич Меккюсяровынан, Виктор Мефодиевич Слепцовынан, Василий Егорович Большаковунан, Семен Семенович Бурцевынан, Анна Егоровна Афанасьеванан, Мария Никитична Бырдыннырованан, Николай Николаевич Колодезниковынан, Николай Николаевич Кычкинынан, Роман Дмитриевич Шамаевынан, Семен Семенович Ючюгяевынан, Иннокентий Семенович Кочкинынан, Иван Павлович Слепцовынан, Борис Федорович Неустроевынан, Гаврил Иванович Капринынан, Зоя Степановна Саввинанан, Владимир Ильич Кононовынан, Назар Петрович Турнинынан сирэйдээн, бары спорт бэтэрээннэрин, салайааччыларын, инструктордары, физкультура учууталларын, спортсменнары Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100, тапталлаах Тааттабытыгар 80 сылынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлээн туран, бары үчүгэйи, доруобуйаны, ситиһиилэри баҕарабын!
Анатолий Мурунов, 2003-2007 с. улуус спордун салайааччыта, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ.