«Тыйаатырдар кэлэллэр үһү” диэн сураҕы ый анараа өттүгэр истиэхпиттэн, хайдах эрэ сыттык анныгар кэмпиэтин кистээн баран хаһан сиирин кэтэһэ сылдьар оҕо туругар түспүтүм.
Дьэ, испэхтээх буолар күнэ үүннэ. Артыыстар эбиэт саҕана ПАЗик автобуһунан айаннатан кэлэн, кулууп айаҕар астаран кэбистилэр. Үөрүйэх дьон быһыытынан сып-сап малларын-салларын таһа охсон, кулууп хосторун утуйарга, аһыырга анаан, хоп курдук оҥоһуннулар.
Маҥнайгы күн Карел Чапек “Ийэ” драматын көрдөрдүлэр. Сүрүн оруолу СӨ норуодунай артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Зоя Петровна Багынанова толордо. Бу драмаҕа төһө да Испанияҕа буола турар гражданскай сэрии ойууланнар, хас биирдии киһи дууһатын кылын таарыйар Ийэ оҕолоругар таптала, дууһа мөккүөрэ көстөр. Хара саҕаланыаҕыттан дьоруойдары кытта биир долгуҥҥа киирэн, эр киһи — дьахтар, Ийэ — оҕо сыһыанын көрдөрөр кэпсэтиилэри бэйэбит олохпутугар, билигин тулалыыр эйгэбитигэр буола турар түгэҥҥэ сыһыары тутан көрдүбүт.
Иккис күн Таатта улууһун олохтоохторугар анаан талыллыбыт, улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай айымньыларыттан таҥыллыбыт “Оҕоҕо баҕарбыт” испэхтээҕи көрдүбүт. Бу испэхтээҕи тыйаатыр сыанатыгар көрдөрүөхтэрин иннинэ, Таатта олохтоохторугар сүрэхтээбиттэрэ улахан суолтаны биэрдэ. Тус бэйэм, испэхтээх туруоруутун олус сэргээтим. Платон Алексеевич Ойуунускай айар-тутар үлэтэ көстөрүн быыһыгар, айымньыларын дьоруойдара бөрүө анныттан тиллэн тахсан, тэҥҥэ хаамсан, саҥаран-иҥэрэн, ыллаан-туойан, бары биир ситимҥэ тиһиллэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрдилэр. Испэхтээххэ тыйаатыр бары көлүөнэ артыыстара кыттан, режиссер Руслан Тараховскай толкуйдаабыт торумун толору арыйдылар.
Тыйаатыр артыыстара тустаах үлэлэриттэн быыс булан, олунньу 26 күнүгэр VI-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тыыннаах тыл” ааҕыы күрэһигэр кыттыыны ыллылар. Ол курдук, күрэс арыллыытыгар артыыс, СӨ Культуратын туйгуна Матрена Христофорова ураты иэйиилээхтик хоһоон ааҕан, эдэр артыыс Нарыйа Колесова алаас уола Алампа “Таптал” драматыттан Кэтириис ырыатын ыллаан, оҕо да улахан да дьон дууһатын таарыйдылар. Театральнай труппа салайааччыта артыыс Илья Стручков күрэс дьүүллүүр сүбэтин састаабыгар киирэн, оҕолор ааҕыыларын барытын истэн, бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитигэр барҕа махталлаахпыт. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха академическай тыйаатыра “Тыыннаах тыл” күрэскэ алтыс төгүлүн тэрийсээччи быһыытынан үлэлэһэр, үлэбитин өрүү өйүүр сүрүн партнербутунан буолар.
Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал. Эрэл. Итэҕэл сыллара биллэриллэн, “Тыыннаах тыл” күрэспит онно ананна. Ону сэргэ, эмиэ бу хамсааһын чэрчитинэн тыйаатыр артыыстара М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын, ону сэргэ коррекционнай интернат-оскуола үөрэнээччилэрин кытта көрүстүлэр. Атах тэпсэн олорон артыыс идэтин уратытын, сыанаҕа көстөр охсуһуу түгэннэрин сүрүн кистэлэҥин, испэхтээххэ туттуллар мал-сал туһунан сиһилии кэпсээтилэр. Гримнээччи Айталаана Сергеева бу күн көрсүһүүгэ кэлбит оҕолортон үс уолу талан ылан, сонно тута көрдөрөн туран гримнээтэ. Өссө эбии уобарастарыгар сөп түбэһэр таҥаһы таҥыннаран, уолаттарбыт Таатта улууһун киэн туттар улуу убайдара Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Алампа буолан тахсан кэлбиттэрэ соһуччу көстүүнэн буолла.
Тыйаатыр эйгэтигэр уһуйаан иитиллээччилэрэ эмиэ кыттыстылар. СӨ үтүөлээх артыыската Зоя Петровна Багынанова бэйэтин кытта илдьэ сылдьар куукулаларынаан уһуйааҥҥа ыалдьыттаата. Оҕолор бу күн артыыстары кытта ыкса алтыһан, кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн, олохторугар биир умнуллубат күн ааста.
Култуура дьоно олохтоох түмэли эмиэ тумнубатылар. Лука Турнин аатынан түмэл салайааччыта Светлана Николаевна Собакина тэрийиитинэн, артыыстар кыраайы үөрэтээччилэри кытта көрүстүлэр. Зоя Багынанова саха тыйаатырын сыанатыгар турбут Иван Гоголев суруйбут “Кэрэ көмүскэлэ” драма туһунан олус интэриэһинэйдик олохтоохторго кэпсээтэ. Ол драмаҕа оонньообут эдэр артыыстар Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, оччолорго театральнай училищеҕа үөрэнэ сылдьыбыт Пелагея Борисова төрөппүт кыыһа Полина Андриановна Моттуеваны кытта көрсөн, ийэтин туһунан ахтыытын сэргээн иһиттилэр. Көрсүһүү кэннэ артыыстары сэргэ олохтоохтор улуу киһибитигэр Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт сквери тиийэн көрдүлэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.
Тыйаатыр салҕыы график быһыытынан Таатта улууһун нэһилиэктэринэн айанныыр, кулун тутар 18 күнүгэр диэри талыы-талба Таатта сиригэр ыалдьыттыыр. Онон биир дойдулаахтарбытыгар, маннык бүтүн тыйаатыр көһөн кэлэн, тыа дьонугар анаан испэхтээхтэри көрдөрөрүн мүлчү тутумаҥ, хайаан даҕаны сылдьыҥ, көрүҥ, сэргээҥ диэн ыҥырыахпын баҕарабын. Бары артыыстарга ытыһым дохсун тыаһын аныыбын, талба талааҥҥытыгар сүгүрүйэбин, күннээҕи түбүктээх олохпутун сэргэхситэн, долгуйуу, уйадыйыы, үөрүү иэйиитин бэлэхтээбиккитигэр махтанабын.
Бэйэм буоллар, били сыттыгым анныгар кистээбит кэмпиэппин аргыый дуоһуйа амсайан, минньигэс амтана билигин даҕаны биллэр диэхпин баҕарабын…
Галина ПОЛУСКИНА,
“Алгыс” норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта,
Арассыыйа Суруналыыстарын союһун чилиэнэ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.