Саха тылын уонна литэрэтиирэтин бастыҥ учууталлара өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс төгүлүн ыытыллар күрэскэ

Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Варвара Константиновна Ефимова дойду үрдүнэн ыытыллар «Лучший учитель родного языка и родной литературы — 2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи этабыгар Лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ уонна «Учууталлар учууталлара» бэлиэнэн наҕараадаланна.

Варвара Константиновна баай билиитэ, сатабыла үрдүктүк сыаналаммытынан, ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит. Саха тылын уонна литэрэтиирэтин бастыҥ учууталлара өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс төгүлүн ыытыллар күрэскэ, Таатта улууһун чиэһин эрдээхтик көмүскээтэ.

Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 13 учуутал кэлэн кыттыыны ылла. Кэтэхтэн Медиавизитка көрүү күрэһэ.

3 күн устата түөрт көрүҥүнэн: 1.Учуутал үлэтин педагогическай мастарыскыайа;

2.Уруок;

3.Кылаас чааһа;

4.Маастар кылаас.

Бу көрүҥэринэн олус тыҥааһыннаах күрэс ыытылынна. Учууталлар үрдүк таһымнаах, бииртэн биир киэҥ өрүттээх, сонун хайысхалаах үлэлэрин көрдөрөн, эрбии тииһин курдук утуу-субуу күрэстэһии буолла.

Таатта улууһуттан өйөөн мындыр салайааччы Оксана Прокопьевна Андросова — А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Э.К.Пекарскай аатынан бэйэм үлэлиир Игидэйим оскуолатыттан, психолог, Захарова Анастасия Константиновна, Сивцева Мария Владимировна- А.Е.Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Бондарева Мариетта Петровна — П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын эдэр, талааннаах, кэскиллээх учуутала — эрэллээх, бэриниилээх, үлэһит хамаанда биир ньыгыл сутурук буолан үлэлээтэ. Таатта улууһугар кыайыы кэлэрин ситистилэр. Маны таһынан күүс-көмө, сүбэ-ама, тирэх, өйөбүл буолбут үлэлиир оскуолата, Миронов Андрей Александрович салайааччылаах, администрацията уонна коллектива, улуустааҕы үөрэх управлениетыттан салайааччы Дягилев Иннокентий Иннокентьевич, Луковцева Мира Николаевна, улуустааҕы үөрэх управлениетын профсоюһа Борисов Прокопий Васильевич улахан өйөбүл, тирэх буоллулар.

Күрэстэһии олус тыҥааһыннаах, эмиэ да сэргэх. Долгутуулаах түмүк тахсыытыгар, Таатта улууһун чиэһин көмүскүүр учуутал Варвара Константиновна Ефимова биэс бастыҥ учуутал иһигэр киирэн, «Лауреат» үрдүк аатын сүктэ, олус долгутуулаах түгэҥҥэ үөрэх министерствотыттан «Учууталлар учууталлара’ анал бэлиэни үрдүк трибунаттан тутта.

Үһүс төгүлүн ыытыллар күрэскэ Таатта улууһун ааттатарга сыал-сорук туруоран кыттыбыт, эрэллээх, үлэһит хамаанда көмөтүнэн, туруоруммут сыал ситиһилиннэ.

Түүннэри-күнүстэри бииргэ үлэлэспит хамаандатын дьонугар ис сүрэхтэн тахсар истиҥ, барҕа махтал тыллары анаата. «Бука барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, эрчимнээх үлэни баҕарабын. Маны таһынан, күүс-көмө буолбут дьоммор махтал тылларын аныыбын. Бары биир сутурук курдук куолаан үлэлээммит ситиһии сиэттиһэн кэлэ турдун, улууспут аатын ааттата туруохха. Саха тылын уонна литэрэтиирэтин «Сыл бастыҥ учуутала» күрэскэ суол аһылынна, кэллиэгэлэрим сыллата бу тэтими ыһыктыбакка кыттан «Кыайыылаах үрдүк аатын» биһиги улууспутугар аҕалыахтара диэн эрэнэбин» диэн түмүк санаатын иһитиннэрдэ.

Сандаара.

Читайте дальше