Хатыҥ мастан талыллан,

Хатарыллан, кыһыллан,

Сылы-сыллаан хараллан

Чороон төрүүр табыллан…

(Арылы Дуйдаах)

Кырдьык даҕаны Саха Чорооно саха норуотун култууратын, итэҕэлин бүтүннүү арыйан кэпсиир үтүмэн элбэх устуоруйаны тиһэр. Онтон Тааттабыт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Лопатин Саха Чороонун устуоруйатын бүтүннүү үөрэтэн, билиитин, көрүүтүн кэлэр кэнчээри ыччатыгар тиэрдэр. Кини мындыр толкуйдаах, сахалыы тыыннаах, ураты көрүүлээх буолан айылҕалыын биир силистээх, биир ситимнээх буолан саха Чороонун чочуйан оҥорон таһаарара хас биирдиибитигэр сүдү кылаат буоллаҕа.

Муус устар  4 күнүгэр  СӨ Норуотун маастара, чороону чинчийээччи, уһуйааччы Афанасий Петрович Лопатин өбүгэ үгэһин утумнаан «Традиционная технология и современные методы изготовления кумысного сосуда Чороон» диэн баай ис хоһоонноох 4 кинигэтин биһирэмэ буолан ааста.  Кинигэ  300 ахсаанынан бэчээттэнэн икки тылынан кэпсэнэн тахсыбыт.  Манна ааҕааччы чороон оҥоһуутун кистэлэҥин, оҥоһуутун устуоруйатын бүтүннүү билиэн-көрүөн, үөрэтиэн сөп.

Тэрээһини Таатта улууһун киин бибилиотеката иилээн-саҕалаан ыытан олус истиҥник ааста. Манна Афанасий Лопатин  аймахтарын, доҕотторун, бииргэ үлэлээн ааспыт дьонун тула алгыстаах эҕэрдэ тыл этилиннэ, ылбаҕай ырыа ылланна, мааны астаах сандалы тардылынна. Бу күн уратыта диэн сарсыардаттан саҕалаан оҕолорго, улахан дьоҥҥо аналлаах өбүгэбит дьарыгын кэпсиир, үөрэтэр туһалаах маастар кылаастар ыытылыннылар.  Дьокуускай куораттан наан-минээн  «ЧороонXXIүйэ» тэрилтэтэ, Софья Попова салайааччылаах айар кэллэктиип кэлэн Таатта улууһун дьонугар, ыалдьыттарыгар олус туһалаах дьарык ыытан оҕо-аймах үөрэн-көтөн тарҕаста. Саха төрүт дьарыгын норуокка тиэрдэр сыалтан маастар кылаас оскуолата айар-тутар дьоҕуру  дьоҥҥо  сайыннарар сыалтан күн бүгүнүгэр диэри үтүмэн элбэх киһини үөрэтэн,  ураты сахалыы тыыннаах иһиттэри оҥорон үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Софья Трофимовна бэйэтин хамаандатын олус истиҥник сырдатан 4 хайысхаҕа арахсан бэрт үчүгэй үлэни ыыттылар.

  • Узбекистан курдук ыраах сиртэн сылдьар Мухиддин Набиев – керамист, археолог, худуоһунньук Саха сиригэр аан маҥнай туой иһити оҥоруу дьарыгын өйдөбүлүн киллэрбит, саха сирин туойун чинчийэн, өбүгэлэрэ биэрбит дьарыгын саха сирин олохтоохторугар тиэрдэр сыаллаах. Кини көмөлөһөөччүтэ, үөрэнээччитэ Марина Бандарева инникитин Мухиддин Набиев билиитин, уопутун тарҕатааччы, утумнааччы.
  • Кэһэх оһуору үөрэтээччи, ситэрэн, олохтоох туойтан оҥорууга уһуйааччы, саха оһуорун ис кистэлэҥин арыйааччы, СӨ аҕа сэбиэтин чилиэнэ Николай Баишев.
  • Сунтаартан төрүттээх  норуот маастара Лидия Николаева 18 сыл тухары бииргэ үлэлэһэн кэлбит кэрэ эйгэ үлэһитэ. Лидия фарфор, керамика иһиккэ араас дьэрэкээн ойууну хайдах  ньыманы туһанан, сөптөөхтүк түһэрэргэ уһуйда. Кини таас иһиккэ түһэрбит ойуулара Арассыыйа үрдүнэн тарҕанан турар.
  • «Алгыс Томтук» диэн киһи санаатын ыраастыыр, күүһүрдэр чааскыны оҥорууга Софья Попова бэйэтэ уһуйда. Бу бииргэ үлэлээн ааспыт Петр Петрович бырайыагынан киирбит хайысха. Петр Петрович  байыаннай дьайыыга сылдьарынан кини олохтообут үлэтин киэҥ эйгэҕэ тарҕата, уһуйа сылдьаллара үтүө холобур буоллаҕа. Бу курдук олус күүстээх састааптаах хамаанда кэлэн Афанасий Лопатин кинигэтин биһирэмэ олус ураты тыыннаах ааста диэн ыҥырыылаах ыалдьыттар санааларын үллэстэллэр.

Маны тэҥэ Былатыан Ойуунускай аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Дьокуускай куораттан Афанасий Лопатин доҕоро Руслан Габышев кырыымпаҕа үөрэниэн баҕалаахтары түмэн уонтан тахса киһини уһуйда. Кини айылҕаттан талааннаах буолан кырыымпа оҥорор, ону таһынан кырыымпаҕа айылҕа тыаһын, кыыл саҥатын  оонньоон дьон сэҥээриитин ылла.

Бу дьоро күн Таатта нэһилиэгин аҕа баһылыга Егор Павлов “Таатта нэһилиэгин сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын иһин» анал бэлиэни Афанасий Петровичка туттарда,  ыҥырыылаах ыалдьыттар, тэрилтэ салайааччылара эҕэрдэ тылларын анаатылар.

Афанасий Лопатин чахчы ураты талааннаах буолан саха иһитин айан-тутан, оһуордаан, хас биирдии хаамыытын тыыннаан, чочуйан үйэлээҕи оҥорон таһаарар. Саҥа тахсыбыт кинигэ дьон үрдүк сыанабылын ылыа турдаҕа.

Норуот маастара инникитин даҕаны кэрэни айан, кэпсээнин кэҥэтэн, үтүмэн элбэх үлэни тэрийэн, төрүт үгэһи тарҕатан, билиитин, сатабылын кэнчээри ыччакка иҥэриэ турдаҕа.

 

Уруйана

Видеоматырыйаалы бэлэмнээтилэр Михаил Копырин, Галина Павлова