Саҥа үүммүт 2024 сылга Тааттабыт улууһугар кыыс оҕо күн сирин көрдө

Бүгүн, Таатта улууһугар саҥа үүммүт айыыһыт сылыгар, Саха сиригэр оҕо саас, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Тааттабыт улууһугар Эрэл, таптал, итэҕэл сылыгар Поповтар уонна Татариновтар дьиэ кэргэттэригэр тохсунньу 9 күнүгэр төрөөбүт кырачаан кыысчааны балыыһаттан үөрэн-көтөн, уруйдаан таһаардылар.
Бу хатыламмат кэрэ бэлиэ түгэни Таатта улууһун ЗАГСа үлэһитэ Нария Пестрякова оҕо сылыгар бастакынан кыыс оҕо күн сирин көрөн удьуору, ууһу тэнитэн, үчүгэй сылы түстээн кэллэ диэн үөрүүлээх чааһы арыйда.
Эдэркээн ийэҕэ уонна кырачааҥҥа чугас дьонун тула үөрүүлээх быһыыга-майгыга Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтата долгутуулаах кэмҥэ эҕэрдэлээн туран сэмэй бэлэхтэрин анаатылар, социальнай тэрилтэттэн Саргылана Николаева «100 сыл оҕолоро» сэртипикээтин уонна ийэ хапытаалын иһирэх истиҥ эҕэрдэлээх туттарда.
Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччыта Святослав Сунхалыров Таатта дьонун-сэргэтин аатыттан эҕэрдэлээн, махтанан туран,эҕэрдэ суругун кытары оҕо маҕаһыыныгар сэртипикээт туттарда, ону тэҥэ оҕо дьолун бэлэхтиир сырдык аанньаллар ааттарыттан Варвара Николаевна Атласова үөрүүлэрин үллэстэ кыһыл оҕоҕо анаммыт таҥас комплегын туттарда.
Поповтар дьиэ кэргэттэригэр кытаанах доруобуйаны, бары үчүгэйи баҕарыаҕыҥ!

Бу курдук Оҕо саас уонна Эрэл, таптал, итэҕэл сылыгар дьиэ кэргэҥҥэ кырачаан норуот дьолу түстүү эбиллэ туралларыгар баҕарыаҕыҥ.

Читайте дальше