«Саппыйаҕа» 1947 сылга тэриллибит кистэлэҥ ыһыах түһүлгэтин туһунан бэлиэтээһиннэр

Тааттаҕа «Саппыйа» алааска Майор Кулаковскай балаҕанын уонна 1947 с. кистээн тэриллибит ыһыах түһүлгэтин чөлүгэр түһэрии сыала-соруга — ыччаты төрөөбүт дойдутун, норуотун историятынан иитии.

Хаартыскаҕа Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон түһэриитэ

Саха норуодунай суруйааччыта Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон Халымнаайы эбэ хоту өттүгэр баар сирин-уотун «Саппыйа» алааһын төрүт быһа ааспат этэ. Чөркөөхтөн Ытык Күөллээн иһэр буоллаҕына, айан суолун уҥа өттүгэр, алаас ортотугар үүнэн тахсыбыт булгунньахха, эргийэ хааман кэлэн, Майор Кулаковскай балаҕаныгар аргыый-сыыйа киирэн, дьэ элбэҕи толкуйдаан, санаан, ааспыты ырытан, сүрэҕинэн-өйүнэн кэпсэтэн, бу алаас өтөхсүйбүт, эркиннэрэ суох балаҕаныгар киирэн,  балаҕан немецкэй муннуктарын илиитинэн имэрийэ-имэрийэ:  «Оо, бу балаҕаны, барахсаны чөлүгэр түһэттэрбит киһи баар ини, манна 1937 с. Платон Алексеевич Ойуунускай ССРС Верховнай Сэбиэтин маҥнайгы ыҥырыылаах сэбиэтигэр дьокутаакка кандидатынан туран, быыбардааччыларын, биир дойдулаахтарын, үөлээннээхтэрин бүтэһик көрсүбүт балаҕана буолар», — диэн  ол көрсүһүү  туһунан дьонтон истибитин, билбитин  кэпсиирэ.

Манна 1937 с. ССРС Верховнай Сэбиэтигэр дьокутаакка кандидат П.А. Ойуунускай  быыбардааччыларын көрсүүтүн туһунан краевед Уваров Иннокентий Алексеевич кэпсээнинэн Платон Алексеевич Ойуунускайы, икки колхуос дьоно, икки күнү быһа күүтэн баран, дьэ көрсүбүттэр. Маҥнай булгунньах тэллэҕэр эрдэ кыһыл таҥас лозуннаах, былаахтаах сирдэригэр Ойуунускайы аҕалан миитиннээбиттэр.  Былаас үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаакка кандидатын П.А. Ойуунускайы өйөөн, эҕэрдэлээн, үөрэн-көтөн туран тыл эппитигэр тыл этээччи элбэх буолан, колхуос бэрэссэдээтэлэ Тимофей Сивцев этиитинэн:  «Майор Кулаковскай балаҕаныгар тиийэн эбиэттии эбиэттии  көрсүһүүбүтүн,  мунньахпытын салгыаҕыҥ», — диэн этиинэн аны Платон Алексеевич Ойуунускайы кытта көрсүһүүнү балаҕаҥҥа салҕаабыттар.

Балаҕаҥҥа көрсүһүү туһунан сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ Афанасий Васильевич Захаркин 2003 с. бэс ыйыгар Чөркөөх музейын салайааччытыгар Жерготова Изабелла Яковлевнаҕа бу курдук кэпсээбит: “Майор Кулаковскай диэн киһи ортоку булгунньах илин өттүгэр балаҕаныгар мунньахтыы диэн бары бардыбыт. (200-чэкэ миэтэрэ тэйиччи турар). Уһун остуол тардыллыбыт эбит, ол остуол ортотугар Платон Алексеевич соҕотоҕун олорор, каракуль соннооҕун устубут, кубаҕайдыҥы соҕус көстүүмнээх, колхуос бэрэссэдээтэлэ үөрэҕэ суох ачыкылаах Тимофей Сивцев киниэхэ тыл биэрдэ.

Ойуунускай тыл этиитигэр: «Бу  үтүөҕүтүн, үчүгэйдик көрсүбүккүтүн хаһан да умнуом суоҕа, тугунан эмэ хайаан да төлөһүөм» —  диэн баран хараҕын уута сүүрэн түстэ, өр баҕайы саҥата суох турбута. Онтон былаатын ылан хараҕын соттон киһибит этэн чөллөрүтэн барда эбээт: «Тимир суол, комбайн кэлиэхтээх, Саха сирэ сайдыаҕа» – диэн туран Сахабыт сирэ хайдах сайдыахтааҕын туһунан туох да үтүмэни уһуннук кэпсээбитэ.

Егор Андросов этэринэн бу мунньахха Платон Алексеевич Ойуунускай бэйэтин айымньытын 100 сыллаах былаанын толору кэпсээбитэ үһү.

Норуодунай суруйааччы Дмитрий Кононович Сивцев —  Суорун Омоллоон кыраайы үөрэтээччилэр Уваров Иннокентий Алексеевич  уонна Андросов Егор Дмитриевич этэллэринэн Платон Алексеевич быыбардааччыларыгар: «Доҕоттоор, миигин сымыйа буруйдааһыҥҥа – норуот өстөөҕө  диэн дьыала тэрийэ сатыыллар, ону итэҕэйимэҥ. Мин норуот уолабын, бар дьонум,  норуотум, дойдум туһугар үлэлээбитим курдук үлэлиэм, эһиги үрдүк итэҕэлгитин хайаан да толоруом, үтүөҕүтүн үтүөнэн төлүөм»  — диэбитэ диэн кэпсииллэрэ.

Көрсүһүү кэннэ Ойуунускай түмүк тылын этиититтэн быыбардааччылар олус санаалара-оноолоро көнөн, сырдаан, чэпчээн, саха кэскилигэр, сайдыыга, үүнүүгэ, эрэллэрэ өссө күүһүрэн тарҕаспыттар.  Мунньах кыттыылаахтара бары даҕаны «Платон Алексеевич Ойуунускай Верховнай Совет дьокутаата буолла!» – диэн астына кэпсииллэрэ. Ити этэ туран, сымыйаҕа дьыала оҥоро, эккирэтэ сылдьалларыттан хомойон хараҕын уутун түһэрбитэ дииллэрэ.

Саппыйа алааска Майор Кулаковскай балаҕанын чөлүгэр түһэрии сүрүн сыала-соруга билиҥҥи ыччаты, оҕону, төрөөбүт норуотун историятыгар олоҕуран иитии буолар. Ол курдук:

  1. ССРС Верховнай сэбиэтигэр Саха сириттэн норуот талбыт дьокутааттарын оччотооҕу Советскай Сахабыт сирин бастыҥ дьонун дьиҥнээх патриоттарын холобурдарыгар, төрөөбүт норуоппут, ийэ дойдубут тустарыгар ис сүрэхтэн бэриниилээхтик үлэлииргэ, олорорго эдэр ыччат дьону сыһыаран иитии.
  2. Былатыан Ойуунускай ССРС маҥнайгы ыҥырыылаах Верховнай Сэбиэтин дьокутааттарыгар кандидат быһыытынан быыбардааччыларыгар, биир дойдулаахтарыгар эппит бүтэһик тыла төрөөбүт норуотун туһугар тугу да кэрэйбэккэ үлэлииргэ, бэйэтэ суруйбут норуот олоҕун тупсарыыга, 100 сыллаах былаанын толорууга ис сүрэҕиттэн эппит андаҕарын үйэтитии.

Платон Алексеевич бар дьонугар биэрбит улуу андаҕарын, олоххо буолбут түгэни үүнэр, кэлэр көлүөнэ  ыччаттарга тиэрдии.

  1. Аныгы көлүөнэ норуот итэҕэлин ылбыт дьокутааттарын, салайааччыларын Ойуунускайдыы «эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин» — диэн туран, норуоппут олоҕун тупсарыыга үлэлииргэ иитэр, ыҥырар суолталаах соруктаах.
  2. Платон Алексеевич Ойуунускай оҕо сылдьан «Муҥха Дэлбэрийбиккэ» уонна Чөркөөххө үөрэнэр кэмнэригэр ыҥырыыга сылдьар оҕо олоҥхоһут бу Майор Кулаковскайдаахха үгүстүк хоно сытан олоҥхолообутун норуодунай суруйааччы Д.К. Сивцев куруутун кэпсиирэ.

Онон оҕолору олоҥхоҕо угуйар, кырачаан олоҥхоһут дьоммутун, П.А. Ойуунускай хомуйан оҥорбут олоҥхотун тыыныгар бухатыырын Дьулуруйар Ньургун Боотур төрөөбүт норуоттарын көмүс-кээччи, араҥаччылааччы буолууларыгар иитэр-үөрэтэр балаҕаммытынан буолуохтаах.

 

Тааттаҕа Саппыйа алааска кистэлэҥ ыһыах 1947 сыллаахха тэриллэн ыытыллыбытын туһунан

Норуодунай суруйааччы Д.К. Сивцев, кыраайы үөрэтээччилэр Уваров Иннокентий Алексеевич, Андросов Егор Дмитриевич уонна Попов Николай Иванович уо.д.а. этиилэринэн 1947 с. күһүөрү сайын Платон Алексеевич Ойуунускай сымыйаҕа буруйданыытынан сибээстээн оччотооҕу кэмҥэ сталинскай репрессия күүскэ бара турар кэмигэр, бэрт улаханнык сэрэнэн-сэрбэнэн, Платон Алексеевич Ойунускайы кэриэстээччилэр мустан, сүбэлэһэн, үрдүк айыылартан төрөөбүт-үөскээбит сирдэриттэн-уоттарыттан ааттаһан туран, тоҕус сэргэни, тойон сэргэлээн туруоран, ымыы таттарыылаах, алгыстаах, түөрэх түһэриилээх ыһыаҕы Майор Кулаковскай балаҕанын арҕаа өттүгэр ыспыттара эрэ биллэр.

Дмитрий Кононович Платон Алексеевич аатын көмүскээһиҥҥэ, кини сырдык аатын тилиннэриигэ, төрөөбүт норуотугар төнүннэриигэ, Платон Алексеевич Ойуунускай ырылыйан турар кырдьыгын булууга анаан Ойуунускайы кэриэстээһин ыһыаҕын тэрийбиттэрин букатын кэлин истибитин этэрэ.

Николай Иванович Попов,  Андросов Егор Дмитриевич этэллэринэн ити Былатыан Ойуунускай албан аатыгар ыытыллыбыт кэриэстэбил ыһыаҕын кистэлэҥин ити ыһыахха туруоруллубут  тоҕус сэргэлэр эрэ тутан тураллар дииллэрин умнубаппын. Өссө миигин таба көр, аах дииллэрэ. Арай Иннокентий Уваров ити тоҕус сэргэҕэ тоҕо биир да бэлиэ,  оһуор-бичик, сыыппара суоҕа дьэ элбэҕи этэр, кэпсиир диэн быһаарбыта.

Саппыйа алааска 1947 сыллаахха Сталинскай репрессия дойду үрдүнэн өрөгөйдөөн үлэлиир кэмигэр сымыйаҕа буруйдаммыттар сырдык ааттарын, ол иһигэр П.А.Ойуунускай сырдык аатын сымыйа, сыыһа буруйдааһынтан, киртитииттэн ыраастаан, төрөөбүт норуотугар төнүннэриигэ анаан ыытыллыбыт кистэлэҥ ыһыах түһүлгэтин чөлүгэр түһэрии суолтатын-соругун туһунан, атыннык эттэххэ, саха омук, син биир атын омуктар курдук, күүстээхтик, дьиҥнээхтик итэҕэйээччилэрдээҕин туоһулуур, көрдөрөр түһүлгэ быһыытынан ураты суолталаах. Бу түһүлгэ көннөрү ыһыахтар түһүлгэлэриттэн уһулуччу уратытык ыытыллыбыт ыһыаҕа буолар.

Ити диэн кыра, өссө улахан уратыта тоҕус сэргэ биир ыһыахха бииргэ туруоруллубуттара буолар. Кимнээххэ, тоҕо туруоруллубуттара биллибэт. Бу кистэлэҥ ыһыах тоҕус сэргэтиттэн ортоку тойон сэргэ Платон Алексеевич Ойуунускай албан аатыгар, кинини кэриэстээбит буолуохтарын сөп. Онтон тойон сэргэ уҥа, хаҥас өттүгэр кини курдук репрессияламмыт чугас, дьиҥнээх доҕотторугар Максим Кирович Аммосовтан саҕалаан анаммыт курдуктар. Кинилэр сырдык ааттара ырааһыран, тиллэн, төрөөбүт норуоттарыгар төннөллөрүгэр анаммыт буолуохтаахтар.

Дьиҥэр даҕаны тоҕус сылынан кинилэр ааттара П.А.Ойуунускайтан саҕалаан төрөөбүт норуоттарыгар төннүүлэрэ күүскэ саҕаламмыта. Мин санаабар, 1947 с. бу кистээн тэриллибит ыһыах Платон Алексеевич Ойуунускайга уонна кини доҕотторугар тэриллибит, соругуттан көрдөххө, улахан былыргылыы алгыс оҥоһуллубута чахчы. Көннөрү алгысчыкка ыһыах алгыһын оҥотторботох буолуохтаахтар. Санаан көрдөххө даҕаны, сир дойду хаһаайыттарын кытта кэпсэтэри, ымыы таттарары, түөрэх түһэрэри сатыыры ааһан, аны үрдүкү айыыларга тиийэр дьоҕурдаах, көрдөһүүтүн ылыннарар кыахтаах, сөптөөх ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, дьон-сэргэ ытыгылыыр алгысчыта буолуохтаах.

Итинэн сибээстээн, бу алгыс боппуруоһугар тугу да билбэппин билинэн туран этэбин, сэрэйэбин, бу ыһыах түһүлгэтэ эмиэ туһунан эйгэлээх, ытык сирбит-уоппут буолар. Ытык түһүлгэбитин эдэр көлүөнэ ыччаппыт билиэхтээх, билэрин ааһан ытыктыахтаах.

 

Хаартыскаҕа Айсен Дойду түһэриитэ.

Николай Попов.