Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй оскуолатын 1966-1968 сылларга бүтэрбит оҕолортон Сэбиэскэй Сойуус көҥүл тустууга уонна самбоҕа маастардар биллэллэр.
Винокуров Валерий Константинович — сэтинньи 28 күнүгэр 1950 с. Алексеевксай оройуонугар төрөөбүтэ. Ийэтэ Винокурова (Чьямова) Елена Константиновна. Оҕо сааhа Кулаадаҕа ааспыта, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан көҥүл тустуунан дьарыктаммыта, ол үөрэнэ сылдьан 1966 с. көҥүл тустууга Алексеевскай оройуонун бастыыр иhин үөрэнээччилэрин курэхтэhиитигэр бастакы миэстэни 45 киилэҕэ ылбыта, республика заречнай зонатын көҥүл тустууга оҕолорго иккис миэстэни 50 киилэҕэ ылбыта.
Валера Игидэй орто оскуолатын ахсыс кылааhын бүтэрэн баран, Чурапчы спортивнай оскуолатыгар Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тренера. Д.М. Коркиҥҥа үөрэммитэ.
Валера Чурапчыга үөрэнэ сылдьан Ленинград куоракка көҥүл тустууга оҕолорго бастыыр иhин курэхтэhиитигэр үһүс миэстэни ылбыта; Россия «Динамо» түмсүүтүн эдэрдэр күрэхтэригэр иккис миэстэни 57 киилэҕэ ылбыта; Россия «Урожай» түмсүүтүгэр бастыыр иhин улахан дьоҥҥо иккис миэстэни 57 киилэҕэ ылбыта. Кини 1970 сыл от ыйыгар Казахстан киин куоратыгар Алма-Атаҕа физкультурнай институтка туттарса көппүтэ. Кини барыытын Дмитрий Петрович тэрийэн ыыппыта. Алма-Атаҕа институт аттыгар Платон Ермолаев, Семён Дягилев Алексеевскай оройуонун Дэбдиргэ уолаттарын уонна Уолбаттан Кеша Кочкины көрсүбүт. Аны аҕыйах хонугунан Александр Иванов үөрэнэ кэлэр. Александр уонна Валера бииргэ үөрэнэллэр уонна дьарыктаналлар. Александр биэс сыл Алма-Атаҕа олорбут уонна үөрэммит. Саха устудьуоннарын түмсүүтүн тэринэн, Орто Азия куораттарыгар баар устудьуоннар түмсүүлэрин кытта бииргэ алтыhан, Орто Азия куораттарыгар саас сахалар ыhыахтарын тэрийэллэр.
Алма — Атаҕа олорор кэмнэригэр саамай мустар уонна ону тэрийэр дьоно Варя уонна Саша Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллара. Кинилэр саҥа ылбыт дьиэлэригэр устудьуоннар хаhан баҕар кэлэллэрэ. Александр Иванов олох айылҕаттан эрэ күүһүнэн ити сүдү ситиhиини, Олимп чыпчаалын, дабайдаҕа. Онно тирэх, күүс-көмө, кытаанах тыыл буолбут киhинэн тапталлаах кэргэнэ Варя буоларын, кинилэр бииргэ алтыспыт доҕотторо билэллэр.
Валерий Константинович Казахстаҥҥа үөрэнэ сылдьан спортка ситиhиилэрэ: Буравестник түмсүү Киин сэбиэтин иккис призёра; ССРС устудьуоннарын универсиадатын иккис призёра; Казахстан республикатын призера; Киргизия республикатын иккис төгүллээх призера; ССРС устудьуоннарын спартакиадатын призера; Бүтүн Союзтааҕы турнир иккис төгүллээх чемпиона; Алма-Ата куорат үhүс төгүллээх чемпиона; ССРС көҥүл тустууга маастара — 1973 с.
Үлэлээбит кэмнэрэ Сунтаар улууhугар: физкультура учуутала; оройуоннааҕы спорткомитет председателэ; улуустааҕы администрацияҕа 12 сыл үлэлээбитэ; Сунтаар улууhугар Куокуну нэhилиэгэр баhылыгынан үлэлээбитэ.
Наҕараадалара: ССРС көҥүл тустууга маастара — 1973 с.; Саха сирин муниципальнай сулууспатын туйгуна; Сунтаар улууhун Куокуну нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо; Саха Республикатын физкультураҕа уонна спортка үтүөлэрин иhин бэлиэ хаhаайына.
Билигин Сунтаар улууhугар кэргэнинээн Римма Егоровна Сидоровалыын бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Алта оҕолоохтор, элбэх сиэн, хос сиэн эбэтэ, эhэтэ буолаллар.
Пахомов Николай Иванович – 1951 сыллаахха ахсынньы ый 27 күнүгэр Саха Сирин саамай тымныы бириэмэтигэр Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтэ. Аҕата Пахомов Иван Николаевич, ийэтэ Анна Яковлевна Пахомова, Саха АССР үтүөлээх учууталлара.
1958 сыллаахха Игидэй аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Кини аҕатын туhунан ахтар: аҕам, Иван Николаевич, үйэтин тухары үлэ эрэ аргыстанан, үлэни өрө тутан, үлэттэн дьоллонон олоҕун устатын тухары кимиэхэ да сирдэрбэккэ, төттөрүтүн куруук хайҕалга, махталга сылдьан бүтэһик күннэригэр дылы илиититтэн уруучукатын араарбакка суруйа олорбута, кроссворд бөҕөнү таайара, Аан дойду солуннарын барытын истэ, билэ олорор этэ. Бэйэтин бэлэҕин, үтүө өйдөбүнньүгү, хомуйан, таҥан, суруйан хаалларбыта. Ол курдук, үөрэппит оҕотунуун, уруккута Игидэй оскуолатын дириэктэриниин, Лопатин Николай Ильичтыын «Сырдык санаа кыһата» диэн оскуола историята түмүллүбүт ахтыы кинигэтин бэчээттэтэн таһаарбыттара. Бу сүҥкэн үлэ Игидэй оскуолата 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтииригэр дьоһун бэлэх буолбута. Кинигэни арыйталыы олорон араас кэмнэрдээҕи оскуоланы бүтэрбиттэр ахтыыларыгар тохтуугун. Омуна суох ахтыылар 90-тан тахса бырыһыаннарыгар Иван Николаевичка уонна Анна Яковлевнаҕа махтал итии иһирэх тыллара этиллибиттэр. Таҥа, бэрийэ олорон аҕабыт балары аахтаҕа, үөрдэҕэ, олоҕор сыана бэриннэҕэ.
Аҕабыт эргиччи талааннааҕа, оскуоланы бүтэрбиттэр да ахтыыларыттан көрдөххө, биһиги, оҕолоро бары да билэрбитинэн кини ыытар уруоктара дьиҥ бырааһынньык курдук буолаллара, бу кэпсиирэ омунун, өйдөтөрө чиҥин көрүөҥ этэ, сөҕөрбүт эрэ. Айылҕаттан бэрдэриилээх дэгиттэр спортсмен этэ. Эдэр эрдэҕинэ элэс курдук бары дистанцияларга сүүрэрэ, мээчик оонньуутун араас көрүҥэр барытыгар оонньуура, кинитэ суох волейбол күрэхтэһиилэрэ барбат буолаллара, олус сымсатык теннистиирэ. Онтон остуол оонньуутугар барытыгар дэгиттэр үчүгэйдик оонньуура, бүтэһик күннэригэр дылы дуобакка, саахымакка, садуоба диэн саҥа оонньууга Игидэй нэһилиэгин чиэһин көмүскээн күрэхтэһиилэргэ кыттара. Дэбдиргэ оскуолатын оҕолорун спорт араас көрүҥнэригэр куруук күрэхтэһиннэрэрэ, бары көрүҥҥэ төһө да аналлаах спортивнай саала суоҕун үрдүнэн спортивнай секциялар, оскуола иһинэн кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэһиилэр буолаллара.
Биһигини, бэйэтин оҕолорун спортка кыра эрдэхпититтэн уһуйбута, спорт бары көрүҥүнэн дьарыктанарбытын ирдиир этэ. Ол курдук миэхэ 5-с кылаастан кыараҕас диэбэккэ дьиэбит иһигэр боксерскай груша ыйаан дьарыктаннарар этэ, сотору соҕус «Самоучка по Самбо» диэн учебник биэрбитэ уонна истээх ыстааны кытта телогрейканы холбуу тигэн, иһигэр таҥас симэн чуучала оҥорон биэрбитэ, чуучалам аата «Чуучук» диэн этэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар хайыһар, дуобат секциятыгар утумнаахтык дьарыктаммытым, 10-ус кылааска үөрэнэ сылдьан одноклассникпын Гермогенов Ванялыын хайыһарга Бастакы спортивнай разряд нуорматын толорбуппут, Оройуон чиэһин Республикаҕа хаста да кемүскээбиппит. Дуобакка иккитэ оройуоҥҥа бастаабытым. 9-ка сылдьан Республиканскай оҕолор дуобакка күрэхтэһиилэригэр билигин Спорт маастара Зоя Саввиналыын уонна Вася Ефремовтыын (Чөркөөх) кыттан 3-үс миэстэ буолбуппут. Мин бастакы дуоскаҕа оонньообутум (миэстэлэспэтэҕим). Ол күрэхтэһиигэ Зоя бастаабыта, Вася үһүс буолбута. Кэлин аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан учебка кэнниттэн кистэлэҥ чааска ылбыттара уонна кыраныысса таһыгар сулууспалата ыыппыттара. Ол чааска күүскэ рукопашнайынан дьарыктыыллар этэ, оннук көрүҥҥэ гражданскай спортсменнарга күрэхтэһии суоҕа, ол иһин армеецтар бэйэбит икки ардыбытыгар күрэхтэһэр этибит. Кэлин бары результаппытын мунньан баран СССР спорткомитетыттан Мастер спорта СССР по боевому самбо диэн разряды иҥэрбиттэрэ. Кэлин университекка киирэн баран спортивнай ориентированиянан күүскэ дьарыктаммытым, биир дойдулааҕым спорт бу көрүҥэр спорт маастарыгар кандидат Диана Захарова дьарыктыыр этэ, соторунан 1-эй разряд нуорматын толорбутум. КМС ирдэбиллэрин эмиэ толоро сылдьыбытым, онтон үөрэхпин бүтэрэн баран уһун кэмҥэ Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар үлэлээбитим, онно сылдьан нууччалары батыһан Нижнэй Тагилга Уральская школа спортивного туризма дьарыктаммытым уонна элбэх хайалаах сир походтарыгар Ураалынан, Саянынан. Алтайынан сылдьыспытым КМС буолбутум. Республиканскай эдэр туристар станцияларын кытта ыкса сибээстээхпин, билигин да үлэлэригэр кыттыһабын».
Кычкин Николай Николаевич, тохсунньу 9 күнүгэр 1947 с. Саха АССР Алексеевскай оройуонун Игидэй (Дьиэрэҥнээх) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Васильева Мария Ивановна 2 саастааҕар ыалдьан өлбүт.
Аҕата Николай Хрисанфович Кычкин 3 оҕолоох тулаайах хаалбыт. Оҕо сааһа Кулаадаҕа ааспыт. Э.К. Пекарскай аатынан Игидэйдээҕи аҕыс кылаастаах оскуолаҕа, интэрнээккэ олорон 8 кылааһы 1966 сыллаахха бүтэрбитэ.
Игидэй оскуолатыгар спорду, үөрэҕи таба дьүөрэлээн сылдьарга уһуйуллубут. Оччолорго утумнаах үлэлэр ыытыллалларын түмүгэр, оскуола, оройуон күрэхтэһиилэригэр миэстэлэһэн, кыайыы үрдүк чыпчаалларыгар дабайыы саҕаламмыт. Ол курдук кини сүүрүүнэн, көҥүл тустуунан дьарыктаммыта. 1963 сыллаахха Алексеевскай оройуон үөрэнээччилэрин ортотугар көҥүл тустуу курэхтэhиитигэр 57 киилэҕэ бастакы миэстэ буолбута. 1965 сыллаахха оскуолаҕа бастыырын иhин курэхтэhиигэ 400 м. уонна 200 м. бастакы миэстэлэри ылбыта. 1965 сыллаахха Алексеевскай оройуон оҕолорго Спартакиадатыгар 68 киилэҕэ көҥүл тустууга бастакы миэстэни ылбыта. Киһи быһыытынан сайдыытыгар, билии -көрүү, өй — санаа өттүгэр улахан оруоллаах учууталларынан Петр Георгиевич Нестеров, Иван Николаевич Пахомов, Андрей Васильевич Андросов, Надежда Федоровна Габышева о.д.а. буолаллар. 8 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, Надежда Федоровна Габышева сахалыы кинигэлэри аҕалан аахтара биэрэрин истиҥник саныыр. Саха литературатын классикатынан буолбут «Сааскы кэм», «Көмүстээх үрүйэ», «Оҕо куйуурдуу турара», «Төлкө» курдук айымньылар спорт суолун тэлэр киһиэхэҕэ күүскэ күүһү эбэр, булгуруйбат эрчим санааны саҕар күүстээх айымньылар буолалларын билбит. Онтон ыла кинигэлэри сөбүлээн ааҕара, үөрэнэр, киһи буолар кэмигэр күүс — көмө буолбуттара.
«Биһиги аҕабыт Кулаадаҕа, балтыгар Чьямова (Саввина) Дарья Титовнаҕа, дьукаах биһигини илдьэ олорбута, ийэбит өлбүтүн кэннэ ону таһынан кыыһа Винокурова (Чьямова) Елена Константиновна икки уолунаан Валералыын уонна Гришалыын бааллара. Сайынын кыра эрдэхпиттэн Кулаада, Дьиэрэннээх, Хоту Лыппа алаастарынан, үрэхтэринэн, отчуттар биригээдэлэригэр киэһээтин үс туман түһүөр диэри үлэлиирбит. Сарсыарда эрдэ ат хомуттара ыыталлара. Биир сайын холкуос бэрэссэдээтэлэ Семен Гаврильевич Жирков: «Үчүгэйдик оттоотугут» диэн киирсэбэй саппыкынан бириэмийэлээн турар. Ахсыс кылааһы бүтэрээт, тустуунан салгыы дьарыктанар баҕаттан, Чурапчы спортивнай оскуолатыгар үөрэнэ барбытым. Саха омугу албан ааттаппыт, суон сурахтаппыт айылҕаттан айдарыылаах тренер Д.П. Коркин оскуолата аан дойдуга биллибитэ. Бу кыһаҕа сахалартан олимпийскай чемпионнар, биллиилээх тустууктар уһаарыллан тахсыбыттара. Роман, Гаврил Дмитриевтэр, Владимир Андросов, Николай Захаров, Илларион Федосеев, Павел Пинигин, Александр Иванов, Алексей Пахомов, Илья Григорьев, Валерий Иванов о.д.а. саха тустуутун үрдүкү чыпчаалга таһаарбыттарын билэҕит.
Советскай Союз хайа баҕарар куоратыгар тиийдэхпинэ, Чурапчы оскуолатын бүтэрбитим диэтэхпинэ, убайдарын — бырааттарын курдук көрсөр буолаллара. Маныаха тренербит Дмитрий Петрович үтүөтэ — өҥөтө тугунан да кэмнэммэт», — диэн ахтар.
1968 сыллаахха Уус-Таатта орто оскуолатыгар физкультура учууталынан анаммыта. Онтон Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Дембеллэнээри сылдьан биир киэһэ остуолга Советскай Союз картатын ууран баран, хараҕын симэн олорон “ханна барабын” диэн боппуруоска уруучуканан картаҕа точка туруорбут. Көрбүтэ Фрунзе куоракка түбэспит. Дембеллэнэн баран поеһынан Фрунзе куоракка айаннаабыт. Уһун синньигэс айан кэнниттэн Киргизскэй ССР киин куоратыгар тиийэн кэлбит. Онно политехническай институт бэлэмнэнии отделениятыгар докумуоннарын туттарбыт. Ол эрээри, Фрунзе аатынан тыа хаһаайыстыбатын техникатын оҥорор заводка формовщигынан үлэҕэ киирбит. Υчүгэйдик үлэлии сырыттаҕына аҕата ыалдьан дойдутугар төннөн кэлбит. Казахскай ССР Павлодар куорат пединститутун физкультурнай отделениятын устудьуона буолбута. Бастакы сүрэхтэниитэ 1972 с. алтынньы ыйга буолбута. Казахскай ССР үрдүкү спортивнай оскуолатын бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр 74 кг. тустан үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Советскай Союз Геройа Нуркен Абдиров бирииһигэр Карагандаҕа ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы турнирга тустан үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэн Советскай Союз спордун маастара буолбута. 1974 с. Казахстан тыатын сирин 2-с оонньууларыгар Казахстан «Кайрат» ДСО КС кубогар иккис миэстэҕэ тиксибитэ. Самбоҕа уонна дзюдоҕа эмиэ дьарыктаммыта. 1977 с. самбоҕа 66 кг. «Кайрат» ДСО күрэхтэһиитигэр 2-с миэстэ, дзюдоҕа 65 кг. Казахстан чемпионатыгар – 3-с миэстэ, дзюдоҕа «Еибек» ДСО КС 4-с сайыҥҥы спартакиадатыгар Казахстан тыатын сирин 3-с оонньууларыгар 3-с миэстэни ылан маастарга кандидат буолбута. 1975 сыллаахха Павлодардааҕы пединституту бүтэрэн Красноармейскайдааҕы тыа хааһаайыстыбатын техникумугар физкультураҕа преподавателинэн ыыппыттара.
1974 с. Өймөкөөнтөн төрүттээх Кривошапкина Агафья Тарасовнаны көрсөн, ыал буолбуттара. 1979 с. Саха сиригэр Ытык Күөлгэ көһөн кэлбиттэрэ. Күһүнүгэр Туяра, онтон 1985 сыллаахха Коля диэн оҕолоро күн сирин көрбүттэрэ. Аҕа буолар дьолун билбитэ.
Үлэтигэр оройуоннааҕы спорткомитет бэрэсэдээтэлинэн анаабыттара. 1982 сылтан 1996 сылга диэри оройуоннааҕы оҕо хоһун инспекторынан, быткомбинат главнай инженерынан, оройуоннааҕы сибээс тэрилтэтигэр, Сахателеком филиалыгар салайааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Билигин Республикатааҕы специальнай (коррекционнай) оскуола-интернакка физкультура учууталынан үлэлии-хамсыы, олох үөһүгэр иллэҥэ суох сылдьар. Эдэр ыччакка тус олоҕунан спорду пропагандалааччы, көҕүлээччи, элбэх киһи ааҕан сиппэт үгүс ситиһиилэрдээх спортсмен оҕолордоох.
Николай Николаевич наҕараадалара: көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин физкультураҕа уонна спортка үтүөлээх улэhитэ, Саха сирин үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара.
Кычкина Т.Н.
Кычкин Н.Н.