Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн иэнигэр араас улахан, кыра дэриэбинэлэргэ олус сүрэхтээх уонна бэйэлэрин хаһан да «мин аҕай» дэммэт олус сэмэй үлэһит дьон баар буолаллар…

Мин бүгүн Дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылларынан сырдатыахпын баҕарар киһим Уолбаттан төрүттээх, Дьохсоҕон нэһилиэгин олохтооҕо дьоҥҥо-сэргэҕэ үлэһитинэн, оҕуруотчутунан, сибэккиһитинэн биллибит Дария Семёновна Наумова буолар.

Оруобуна үйэ чиэппэрэ анараа өттүгэр кини Дьохсоҕон орто оскуолата экспериментальнай былаһаакка буолан турдаҕына, оччолорго эдэр биолог учуу- тал, билигин ХИФУ профессора Родион Павлович Софронов кыһыннары сибэккини уонна отонноох мастары үүннэрэр оранжереятыгар үлэһитинэн киирбитэ. Онтон ыла кини бу үлэтин сөбүлээн, харыс да сири хамсаабакка туох баар билиитин, сатабылын ууран, үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.

Дария Семёновна бу үлэлээбит сылларыгар  оскуола  экспериментальнай былаһааккаттан саҕалаан, агро хайысхалаах  буола үүннэ. Онон бу сылларга олордуллубут араас үүнээйи, от-мас, сибэкки эгэлгэтэ барыта Дария Семёновна кичэллээх илиитин иһиттэн үүнэн таҕыстаҕа, дьаныардаах, сатабыллаах үлэтин туоһутунан буоллаҕа. Сайыҥҥы кэмҥэ сыллата оскуола иһинээҕи «Силис» сайыҥҥы лааҕыры салайан, хас да көлүөнэ оҕолорго үүнээйини  олордуу, көрүү-харайыы уо.д.а. оҕурүот үлэтин элбэх сатабылларыгар үөрэтэн-такайан кэллэ.

Агро оскуола хортуоскаттан, хаппыыстаттан саҕалаан, араас үүнээйилэри, отонноох талахтары, оҕуруот астарын барытын олордон, эксперименнээн подсолнух хонуутугар тюльпаныгар тиийэ үүннэрэн боруобалаатылар.

Оскуолабыт, нэһилиэкпит искибиэрдэригар мас, сибэкки араас көрүнҥэрин олордуталаан, олору көрөн  Дария Семёновна эдэр кэллиэгэлэринээн кэнники сылларга олорор, үөрэнэр сирбитин көҕөрдүүгэ таһаарыылаахтык үлэлээн кэллилэр.

Маны таһынан Дария Семёновна нэһилиэкпит биир уран тарбахтаах, кичэллээх туттунуулаах, көнө сииктээх бастыҥ иистэнньэҥнэриттэн биирдэстэринэн буолар.

Нэһилиэккэ, оскуолаҕа буолар араас куонкурустар, бэстибээллэр көстүүмнэрин, сценаҕа кэтиллэр таҥас арааһын, кэллэктииптэр тустаах корпо- ративнай таҥастарын, сахалыы былааччыйалары, соннору тигэрин таһынан, кулууп сценатын сабыытын, портьера- ларын, оскуола штораларын тигии уо.д. а. үлэ кинитэ суох буолбат.

Онтон бу кэлиҥҥи икки сылга оскуола иистэнньэҥнэрэ Дария Семеновна салалтатынан анаан-минээн анал байыаннай дьайыыга ытык иэстэрин толоро сылдьар ыччаттарбытыгар по- ходнай  усулуобуйаҕа сөптөөх, наадалаах маллардаах «Алгыстаах бэлэх» диэн набуору тигэн  ыыппыттара уонна бэй- эбит оскуолабыт выпускниктарыгар СВО-ттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар уолаттарбытыгар бэлэхтээн биэрбиттэрэ. Бу набуорга, флисовай  материалтан балаклава бэргэһэ, кээнчэ тигэн, убаһа кылыттан стелькэ оҥорон, өссө харысхал, кучу чэйин, буруолатан арчыланар ыраастанар боҕуруоскай, үөрэ отторун уо.д.а. атын эмтээх оттор араастарын укпуттара. Оҕолорбут барахсаттар улаханнык махтанан барбыттара…

Дария Семёновна ыллыыр дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн-үөскээн  сцена киһитэ ийэтинээн, бииргэ төрөөбүт балтынаан, эдьиийдэринээн оҕо эрдэҕиттэн эл- бэхтэ араас кэнсиэрдэргэ кыттааччы. Нэһилиэкпитигэр «Иэйии» түмсүү оскуолатын, «Сардаҥа» вокальнай ансаамбылларын кыттыылааҕа, агрошколалар икки ардыларыгар сыллата ыытыллар куонкурустар лауреаттара уонна дипло- маннара буолаллар.

Наумовтар дьиэ кэргэн нэһилиэккэ биир холобур буолар тупсаҕай тутуулаах типовой санузеллаах саҥа дьиэ туттан дьэндэтэн киирбиттэрэ. Ыал аҕа баһылыга Иосиф Владимирович, өрөспүүбүлүкэҕэ автомобильнай тырааныспар бочуоттаах үлэһитэ, 40 сыл устата массыына уруулугар олорбут  суоппар билигин олохтоох баһаарынай чааска ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

Кинилэр оҕолоро иккиэн доруобуйа харыстабылын эйгэтин үлэһиттэрэ. Улахан кыыстара доруобуйа харыстабылын туйгуна, Тааттатааҕы поликлиника үлэһитэ Наталья Иосифовна кэргэннээх, үс оҕолоох.

Кыра кыыс куоракка доруобуйа Национальнай киинин бырааһа Сахая Иосифовна кэргэннээх, үс оҕолоох. Дариялаах, Иосиф кэнчээри ыччаттара, кэскиллэрэ улахан сиэннэрэ Максим устудьуон, кыралара оскуола, детсад дьоно. Наумовтар дьиэ кэргэн амарах, аһыныгас санаанан салайтаран, бэйэлэрин кырдьаҕас ийэлэрин, эбэлэрин СӨ бочуоттаах кырдьаҕаһын, сэрии тулаайаҕын, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Евдокия Иосифовнаны уонна доруобуйатынан хааччахтаах бырааттара В.Ф. Сысолятины көрөн-истэн, дьиэлэригэр бииргэ илдьэ олороллор.

Тыа сиригэр олорор саха ыалын сиэринэн Наумовтар кэтэх хаһаайыстыбаны туталлар. Төбөтүнэн сүүрбэттэн тахса сүөһүнү, алта ыанар ынахха тиийэ ыаннар, сайынын оттоон-мастаан күн солото суох үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Дариялаах, Иосиф тиэргэннэрэ эмиэ тупсаҕай көстүүлээх: саҥа дьиэ тут- тааччыларга, эдэр ыалларга холобур буолар тиэргэн. Ол курдук Иосиф тиэргэнин иһигэр букатын эрдэ кэрэ көстүүлээх сайыҥҥы беседканы тутан, араас быһыылаах сибэкки иһиттэрин оҥорон, Дарията онно сыллата эгэлгэ бэйэлээх сибэкки арааһын олордоро көрүөхтэн кэрэ көстүүнэн буолар. Сиэннэригэр анаан сынньанар сир, хаһаайыстыбаннай тутуулаах гараж, ба- анньык, от уурар навес барыта орун оннугар турар, ыраас, чэнчис көстүүлээх, чэ, быһата хайдах хаһаайын олороро таһырдьаттан биллэр.

Дария Семёновна күһүҥҥү түбүктэриттэн биирдэстэринэн оҕуруот аһыттан араас суол кэнсиэрбэлэри оҥорон хаһааныы уонна да эһиилги сайыҥҥа үүнээйитин олордор иһиттэрин, теплицатын бэлэмнээһинэ буолар.

Сибэкки Даша күһүҥҥү тэттик сүбэлэрэ:

Бастатан туран, аныгы поликарбонаттаах теплицаҕыт буорун хоруудатыттан ороон, кытыытыгар чөмөхтөөн, теплица аанын, түннүгүн  кыһыннары аһаҕас туруораҕыт оччотугар сайынын үүнээйи ыарыыга ылларбат, тляҕа ыстарбат. Ону таһынан фитоверм, табачнай дым диэн сириэстибэлэринэн обработкалааҥ;

Иккиһинэн, сыллата сибэккилэр сиэмэлэрин маннык ньыманан бэйэлэриттэн ылыахха сөп. Холобур анютины глазки, флокс, петуния сиэмэлэрин кыракый маарыла кырыйан, баайан, сиэмэлэрин хомуйуҥ. Кохия умнаһын быһан теплица иһигэр аллараа таҥас ууран баран таҥнары ыйаатахха сиэмэтэ үчүгэйдик түһэр. Бу курдук сыллата сибэкки сиэмэтин ылан куурдан, саҥаттан олордуохха сөп эбит.

Вера ХАРАЙДАНОВА, Дьохсоҕон.

Читайте дальше