Олунньу 29 күнүгэр дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин норуокка туһаайыы оҥордо.
Икки аҥаар чаастан ордук истэн баран, аан дойдуга бэһис экономикалаах Улуу Арассыыйаҕа олорорбутуттан киэн тутуннум.
Дойдубут 2030 сылга диэри балысхан сайдыытын былаана ырылыччы ойууланна. Арассыыйа омуктара бары дьукаахтаһан дьоллоохтук олоробут, өссө да туох да тас дьайыылартан куттаммакка иниикибит этэҥҥэ буолуоҕа. Анал байыаннай дьайыыга кыайаммыт, кэнэҕэс эйэлээх олох кэлиэ диэн эрэнэбит. «Дьиэ-кэргэн», «Арассыыйа ыччата», «Кадрдар» саҥа нацпроектар олоххо киирэллэрэ сөп. Министерстволар көмөлөөн (кластер) дойду национальнай проектарын олоххо киллэриэхтээхтэрин бэлиэтээтэ. Ыаллары дьиэлээһиҥҥэ, хотугу муора сырыытыгар ССРС кирбиилэрин куоһарбыппытын истэн астынным. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү, ийэ хапытаала, дьиэ-кэргэн ипотеката, Уһук Илин федеральнай уокурук ипотеката уо.д.а. олоххо олус туһалаах программалар 2030 сылга диэри уһаабыттара олус үчүгэй. Биир кэлим эксээмэҥҥэ биир предметы хат туттарыыны эмиэ сэҥээрдим. Суол-иис, экология, промышленность, туризм былааннара үчүгэйдэр. Уһуйааннары, оскуолалары, норуот айымньыларын дьиэлэрин, түмэллэри, оҕо искусствотын оскуолаларын, библиотекалары өрөмүөннүүр программалар үлэлэрэ өссө тэтимнээхтик барыахтааҕын бэлиэтээтэ. Эрдэтээҥҥи демографияны өйүүр программа көдьүүһэ көстөн, ыччат ахсаана элбээбитэ үөрдэр. Сотору кэминэн эдэр үлэһит киһи дойду хайа баҕар муннугар сайдар кыахха киирииһи. Аныгы технология, промышленность, наука араас көрүҥэр инженердары, специалистары иитии дойду биир сүрүн хайысхата буолла.
Култуура эйгэтигэр ытык-бэлиэ сирдэр сокуоннарын улгум оҥоруу сөп этии. Биһиги Таатталар, элбэх памятниктаах, ытык-бэлиэ сирдээх, түмэллэрдээх дьон итини сэргээтибит. Бу эйгэҕэ дойдуттан үбү көрүү улаатарын бэлиэтээтэ. Кыра куораттары, улуус кииннэргэ тупсаҕайдык олорууга (комфортная среда) тутуулар барыахтара. Аны бырааһы, учууталы сэргэ «Земский работник культуры» программа, дьэ үлэлиир буолла. Эдэр култуура үлэһиттэринэн тэтимнээхтик хааччыллыахпыт. «Пушкин картата» 2030 сылга диэри уһаата. Норуот айымньытын дьиэлэригэр, түмэллэрбитигэр, судаарыстыба суотугар, элбэх оҕо-ыччат инникитин сылдьыаҕа, дойдуну таптыырга, ытыгылыырга иитиллиэҕэ. Улуу киһибит А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй эппит тылларын тутуһа олордохпутуна инникибит кэскиллээх буолуоҕа.
Үс дойду
Өйүн түмэн
Өрөгөйүн үрдэт!
Нуучча ньургунун кытта
Туруулаһар доҕор буол,
Саха талыытын кытта
Самдайдаһар атас,
Үрдүк үөрэхтээхтэри кытта
Өйөнсөн үөскээ,
Бэрт мэйиилээхтэри кытта
Тэҥнэһэн сэргэстэс.
Гаврил Вырдылин, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта.