Муус устар 19 күнүгэр нэһилиэкпитигэр Сомоҕолоһуу сыла биллэриллибитэн биһиги «Дьоһун дьарык» коллекционердар түмсүүлэрэ Хотун Төҥүлү «Абылаҥ»түмсүү коллекционердарын кытта уонча сылларга бодоруһан эн-мин дэһэр доҕордуу, аймахтыы курдук көрүстүбүт. Түмсүүбүт биир бастыҥ коллекционербыт Надежда Местникова үбүлүөйбээх быыстапкатын көрүүнэн саҕаланна. «Абылаҥ» түмсүүнү 28-с сылын салайар Екатерина Васильевна Михайлова Надежда Никифоровнаҕа үбүлүөйдээх сааһынан дьоһун кинигэ бэлэх туттарда.
Коллекциянан дьүөгэлэрэ Уус Амма нэһилиэгиттэн Октябрина Тистяхова, Амма нэһилиэгиттэн Роберта Миронова, Мария Софронова истиҥ эҕэрдэлээх бэлэхтэрин туттардылар. Салҕыы остуол тула олорон чэйдии-чэйдии инники бииргэ үлэлээһин, сэһэргэһии буолла. Ыалдьыттарбыт олус интэриэһинэй быыстапкаларын билиһиннэрдилэр. Салайааччы Е.В.Михайлова өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» бастакы кыттыылааҕа, үгүс наҕарааданан бэлиэтэммит үлэлээх общественник Дьөһөгөй оҕотугар — Сылгыга анаммыт кэллиэксиятан билиһиннэрдэ, 100-кэ ат статуэткалардаах, икки улахан аты анаан сахалыы киэргэппит эбит. Манна эбии Сылгыга ананар хартыына арааһын мунньар эбит. Маны таһынан 800-кэ брошь мунньар коллекционердар истэригэр «Мадам Брошкина» ааттанар. Библиотечнай үлэ бэтэрээнэ Валентина Егоровна Захарова ааспыт кэм кинигэлэрин уонна «Олимпиада-80» баай мунньуулаах. Манна эбии хос-хос-хос аймахтарын малын харайан, ууран сылдьар. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Людмила Афанасьевна Борисова сорохторун киһи лупанан ааҕар тыҥырах саҕаттан саҕаланар мини-кинигэлэри мунньар. Онтон биир 4 тыһ. солк сыаналаах кинигэтин болҕойон көрбүтүм, дьиҥнээх кинигэ кинигэнэн,ааттаахтык ааҕыллар, тирии тастаах, иһэ иллюстрациялаах. Илин эҥэргэ бу бастыҥ коллекция. Норуот маастара, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ульяна Николаевна Баишева «суруйааччылар»открытка комплектарын, советскай кэм оҕоҕо аналлаах открыткаларын, малютка-кинигэлэрин, диафильмнарын, маркаларын мунньар эбит. Дэгиттэр уус, иистэнньэҥ: туойтан оҥоһуктары, кус түүтүттэн хартыыналары быыстапкалыыр эбит. Салҕыы бэйэбитин билиһиннэрэн киэҥ, сэргэх кэпсэтии буолла.
Түмсүүбүт иккис чааһа: бэлэхтэһии, атастаһыы, атыылааһын. Хайа да түмсүүбүт саамай өрүкүтүүлээх, үөрүүлээх түгэнэ. Коллекциябыт хоһо «оргуйан» олорор күлүү-үөрүү! Маннык бүччүм тэрээһин түмүктээҕин икки өттүттэн биһирээтибит. Бииргэ үлэлээһиҥҥэ ыҥырыыбытын ылынан суолу-ииһи аахсыбакка кэлбит «Абылаҥ» салайааччытыгар Екатерина Васильевнаҕа махтанан дойдубут тэллэйинэн, эмтээх отторунан сэмэй бэлэх туттардыбыт.
Бары бу көрсүһүүбүтүттэн үөрдүбүт, сөбүлүүр дьарыкпытынан үлэбитигэр саҥа санааланан инникитин көрсө,түмсэ тутарга диэн түмүктээтибит. Хас биирдии коллекционер соҕотох бэйэтэ бэйэтин тула элбэх киһини сомоҕолуур. Биир коллекция остуоруйатын ситимнэнэн аймах, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду историята буолан оҕону, ыччаты иитиигэ сүҥкэн суолталаах. Коллекционердар биир интэриэһинэн, санаанан түмсэ, сомоҕолоһо сылдьарбыт — биһиги ситиһиибит.
«Дьоһун дьарык» коллекциянан түмсүү салайааччыта Изабелла Харлампьева.