Ханнык баҕарар норуот атын омугу кытта биир өйүнэнсанаанан салайтаран холбостоҕуна сүдү күүстэнэр, бигэ тирэхтэнэр.
Ол курдук, саха омуга түҥ былыргыттан атын у уһу кытта уруурҕаһан, улуу нуучча норуотун кытары ыксалаһан, кинилэртэн иккис тылы иҥэринэн, үөрэҕи баһылаан, баай муудараһы иҥэринэн, «Үс саханы үөскэтэн, түөрт саханы төрөтөн» кэллэҕэ. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ атын омук ааттаахтарын кытта алтыһыы, или-эйэни түстээн сомоҕолоһуу Судаарыстыбаны бөҕөргөтөр, быстыбат кыахтыыр, уостубат уйгулуур. Ол иһин уос номоҕор «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн киэҥ өйдөбүлгэ туттуллар. Сомоҕолоһуу норуоту биир сыалга, санааҕа доҕордуу түмэр ураты күүстээх.
Үгэс быһыытынан Былатыан Ойуунускай аатынан норуодунай тыйаатырга Сомоҕолоһуу күнэ иккис сылын сэргэхтик ыытыллан, көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылла.
Үөрүүлээх тэрээһин тапталлаах Тааттабытын иккис дойду оҥостубут талааннаах тарбахтаах кийииттэрбит, күтүөттэрбит, ураты дьарыктаах кэллиэксийэньиэрдэрбит быыстапкаларыттан саҕаланна.
Быыстапкаҕа ыалдьыттар Саха сирин араас муннугуттан төрөөбүт дойду ахтылҕаннаах аһын амсайдылар, айылҕа бэлэхтэринэн мааныланнылар, төрүт түөлбэ киэн туттууларын кытары билистилэр, талба талааннаахтар оҥоһуктарын көрдүлэр. Сомоҕолоһуу күнүн көрсө хас биирдии улуус түмсүүтэ төрөөбүт дойдуларын билиһиннэрэр хомоҕой хоһооннору аахтылар, төрүт түөлбэ кэрэтин туойар ылбаҕай ырыалары бэлэхтээтилэр. Көрөөччүлэргэ Олоҥхо дойдутунан аатырбыт, өбүгэ төрүт үҥкүүтүн өрө туппут Сунтаар, айылҕа маанылаах сирэ Ленскэй, өлгөм быйаҥнаах, төрүт дьарыгы тэнитэр Эбээн Бытантай национальнай оройуон, көмүс кумах кытыллаах, сардааналаах хочолоох Кыыс Амма, тоҕус томтордоох Чурапчы, Ньидьили эбэлээх кэрэ дойду Кэбээйи, уос номоҕор киирбит Майаҕатта Бэрт Хараттан төрүттээх Уус Алдан, булчут хоһууннаах Эдьигээн түмсүүлэрэ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Сыл ахсын Сомоҕолоһуу күнүгэр киһи истэ эрэ олоруох курдук саҥаттан-саҥа кэрэ куоластаах эдэр ырыаһыттар эбиллэн иһэллэрэ Таатта сирэ-дойдута мааны кийииттэринэн, сатабыллаах күтүөттэринэн байан, кэҥээн, тэнийэн иһэрин туоһулаан, хас биирдии сүрэҕи үөрдэр.
Талыы талба тапталлаах Тааттабыт бар дьонун хомоҕой хоһоон кэһиилээх, ылбаҕай ырыа бэлэхтээх «Таатта — иккис дойдум» дьоро киэһэтэ Сомоҕолуу түмтэ.
Мария Павлова.