Судаарыстыбаннас күнүгэр – Иван Жегусовка мэҥэ өйдөбүнньүк

Бүгүн Сахабыт сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Таатта улууһун кырдьаҕас Чөркөөҕөр  кэрэ бэлиэ күн тосхойдо. Таатта эбэ хонноҕо-быттыга маанылаан улаатыннарбыт, саха биир ньургун уола Иван Пудович Жегусов  үтүө аата төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр көмүс буукубанан  суруллан үйэтитиллэр долгутуулаах тэрээһинэ ыытылынна.

Иван Пудович Жегусов  туһунан кыратык бэлиэтээтэххэ, кини  1898 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр Буут Андреевич уонна Ирина Афиногеновна Жегусовтарга күн сирин көрбүтэ. Кэрэ айылҕалаах Тана алааһыгар кыстаан, Отордообукка сайылаан оҕо саас чаҕылхай күннэрэ элэстэнэн ааспыттара. Уол 10 сааһын туолуута аҕата чугастарыгар олорор политсыылынайы көрдөһөн үөрэттэрэр. Уол биир сыл иһигэр иҥнибэккэ ааҕар-суруйар буолар. Үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ баҕалаах Иван мантан уот саҕынан үөрэх үрдүк кирилиэһин бииртэн биир дабайан испитэ. Кини үөрэххэ-билиигэ аартыга куруутун көнө буолбатах этэ. Төһө да олох очурдарын көрүстэр, үрдүк үөрэх кирилиэһин дабайан Москватааҕы Надежда Крупская аатынан Коммунистическай иитии академиятыгар туттарсан үөрэх дириҥ байҕалыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэх билии аартыгын баһылаан Иван Пудович Жегусов төрөөбүт дойдута Саха сирэ барҕара сайдарыгар бэйэтин сүдү кылаатын киллэрбитэ. Кини норуот хаһаайыстыбатын хайа да салаатыгар үлэлээтин саҥаны, сонуну киллэрэрэ. Иван Пудович Үөрэх наркомунан, МТС директорынан үлэлии сылдьыбыта.  Оччотооҕу республика салайааччыларын Былатыан Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржаковы уо.д.а. кытары үлэлэһэн, буһуу-хатыы оскуолатын барбыта, норуотун өйүн-санаатын чэбдигирдиигэ элбэҕи оҥорбута.

Ол ыраах 1934 сыл алтынньы 8 күнүттэн Саха сиригэр, хотугу муустаах кыраайынан биллибит сиргэ бастакы пединститут аһыллан үлэтин саҕалаабыта.  Пединституту салайар, сүһүөҕэр туруорар  эппиэттээх сорук Иван Пудович санныгар сүктэриллибитэ. СР Правительствота бэйэтин кэмин үөрэхтээх, үрдүк культуралаах, билиилээх-көрүүлээх, олус принципиальнай киһини директорынан анаабыта.

Тэрээһин  үөрүүлээх чааһыгар Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Алена Гуляева, ХИФУ ПИ педагогика кафедратын доценаАвгустина Колпакова,  Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейын салайааччыта Михаил Аржаков, кыраайы үөрэтээччи Маргарита Попова, чугас аймаҕа Иннокентий Жегусов эҕэрдэ, ахтыы сылаас тылларын эттилэр. Ол курдук, улуус баһылыгын солбуйааччы А.Г.Гуляева бэлиэтээн эппитинэн, Ытык Күөлгэ  тутулла турар улуус бастыҥ үөрэнээччилэрин   үөрэтэр киин А.Е.Мординов уонна И.П.Жегусов ааттарын иҥэрэр туһунан дьаһал бу сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр тахсыбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга иһитиннэрдэ. Бу олус кэмигэр тахсыбыт дьаһал буолла.  Михаил Аржаков бэйэтин этиитигэр,  өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын бөҕөргөтүүгэ, норуоттарыгар суолдьут сулус буолбут бас-көс дьоммут мэҥэ өйдөбүнньүктэрэ бу музей сиригэр  Былатыан Ойуунускайы сэргэ кэккэлэһэ туруохтарын туһунан эттэ. Үп-харчы көһүннэ эрэ, чулуу дьоммутун үйэтитэн иһиэхпит диэн бэлиэтээтэ. Иван Пудович мэҥэ өйдөбүнньүк тааһа кэнчээри ыччатарга үөрэххэ-билиигэ тардыһыыга ыҥыра туруохтун диэтэ. Кыраайы үөрэтээччи Маргарита Попова, биһиги улууспутуттан 9 биир дойдулаахпыт нарком комиссардарынан, икки чулуубут Правительство председателлэринэн үлэлээбиттэрин туһунан сырдатта.  — Бу көһөҥө таас бэйэбит Тааттабыт сириттэн, Иван Бочонин салайар Тааттаавтодор тэрилтэ булбутун, онон кэмигэр кістін чулуу киһибитин үйэтитэргэ анаммыт эбит, — диэтэ.  Онон олоххо  туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх буолара көһүннэ диэххэ сөп.

Мемориальнай дуосканы үөрүүлээхтик аһыы кэнниттэн, мустубут ыалдьыттар  Өрөгөй күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенигэр Михаил Ефимович Николаевка анаммыт быыстапканы музей специалиһа Марианна Барахова билиһиннэрдэ.  Быыстапкаҕа көрдөрүүгэ ХаІаластан «Михаил Николаев кииниттэн” кэлбит бастакы Президеммит М.Е.Николаевка бэлэхтээбит чэй иһэр наборун, бартыбыалларын, 2007 сыллаахха республика учууталларын эҕэрдэлииргэ анаан илиитинэн суруйбут текстэрин, ручката, документальнай киинэ көрдөрүллэллэр. Түгэнинэн туһанан «Николаев киин” салайааччытыгар Юрий Семеновка быыстапкабыт ис хоһоонун дириҥэтэн, норуот лиидэрин тус малын көрдөрүүгэ таһаарар кыахтаммыппытын махталбытын тиэрдэбит.

С.ХАЛГАЕВА.

Хаартыскаҕа үөрүүлээх тэрээһин түгэннэриттэн.

Читайте дальше