Сүөһү иитиитэ бары өттүнэн барыстаах

Былыр-былыргыттан саха киһитин сүрүн дьарыга сүөһү иитиитэ буолар. Тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор буолан этинэн аһаатаҕына чэгиэн туруктаах, бигэ тирэхтээх буолар.

Дьүлэй нэһилиэгэ тыа хаһаайыстыбатынан, чуолаан сүөһү иитиитинэн дьарыктанар. Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Акулина Ивановна Егорова кэпсиир: «Нэһилиэккэ 150ча хаһаайыстыба араас көрүҥ тыа хаһаайыстыбатын кыылларын иитэллэр, онтон 12тэ –тэриллиилээх хаһаайыстыба (урбаанньыттар). Ыанар ынахха 54 хаһаайыстыба субсидия 37 тыһ. ылбыттара. Нэһилэкпит сирэ уота кыра буолан сыл ахсын атын сиргэ оттуурга күһэллэбит.Маны таһынан сылгы олус  элбээн мэччирэн сир суох буолан сылгы дэриэбинэҕэ киирэн аһыыр буолла. Ол түмүгэр сайынын ньирэй мэччирэнэ суох буолла, ыанар ынаҕы атырдьах ыйыттан саҕалаан эмньик ыыталлар, үүт ыаһына сыл аайы намтаан иһэр. Быйыл кыстыкка киирии кэминэн, сайыммыт туран биэрэн оту оттоотубут, былааны 103 бырыһыан толорон олоробут. Үүт былаана 131 туонна, 10 хаһаайыстыба туттарда. Алтынньы ый түмүгүнэн 98 бырыһыан – 128 туонна туттарылынна. Сыл бүтүөр диэри былааммытын толорор сорук турар.

Нэһилиэккэ “Ситим” бааһынай хаһаайыстыба салайааччы Афанасий Николаевич Кузьмин “Үрүҥ бас” диэн сиргэ базалаах. Бу улахан хаһаайыстыбабыт буолар. 100-с төбө сүөһү турар арочнай хотонноох. Кини кыһынын  чааһынай ыаллар сүөһүлэрин эмиэ туруорар. Сүөһүлэр чиптэнэн күһүҥҥү сүтүү көстөрүгэр туһалаах буолла. Үүппүтүн “Таатта” СХПК-ҕа туттарабыт, сайын устата күн аайы молоковоз массынанан тиэйиллэр, кыһын тоҥорон ыытабыт. Нэһилиэккэ үүт собуота суоҕа сүөһү иитээччилэри атахтыыр.

2016 сылтан Минсельхоз линиятынан“Уһун ынах” бырагыраама ынах сүөһүну саҥа иитиэн баҕалаах ыалларга  диэн киирбитэ. Бу бырагырааманан нэһилиэк олохтоохторо туһаммыттара, билигин да үлэлии турар, олус биһирээтибит.

Араас бырагыраама баара үчүгэй, ыччаты тыа сиригэр олохсутууга, үгэскэ кубулуйбут дьарыкка эдэрдэри сыһыарыыга, тыа сиригэр агробизнеһи тэрийиигэ туһалаах дии саныыбын.

Маны таһынан 1 тыһыынчаттан тахса төбө сылгылаахпыт, мантан 800тэн тахса биэ уонна эдэр сылгылар.  Кыстыгы этэҥҥэ туорууллар ини, хайдах кыстык кэлэрин анааран билии суох.

Дьиҥэр тыа хаһаайыстыбата диэн сүөһү, сылгы иитиитэ эрэ диэн буолбатах, сири таҥастаан үүнүүнү ылыыттан саҕалаан, хортуоска олордуута, оҕуруот аһын үүннэрии, түргэнник ситэр салаа — сибиинньэ, куурусса иитиитэ барыта киирэр.»

Елена СЛЕПЦОВА.

 

 

Читайте дальше