1 9 5 1 с ы л л а а х х а а л т ы н н ь ы 21 күнүгэр Таатта улууһун кэрэ айылҕалаах сиригэр, Тэйэр Хайа тэллэҕэр, Кыыс Амма үрдүгэр Даайа Амматын сэлиэнньэтигэр Муухуннар дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ньукуускалаах, Балаайа бастакы хараҥаччыларын Мотя диэн ааттаабыттара.

Ийэтэ эдэр сааһыгар ыалдьан улахан кыыс түөрт бырааттарын, балтыларын кыра эрдэҕиттэн көрсүбүтэ. Аҕата булчут уонна сылгыһыт буолан дьиэ ыарахан үлэтин кыратыттан билбитэ. Ийэтэ айылҕаттан күн-дьыл билгэтин, ким ыалдьыттыы кэлиэхтээҕин эндэппэккэ билэрэ. Колхоз үлэтэ бүппэтэ. Уонугар диэри таһырдьа хараҥаҕа туохтан да куттаммакка сылдьара, оонньуура. Арай биир киэһээ ийэтэ Балаайа араас кутталлаах түгэннэри, үһүйээннэри кэпсээбитэ. Элбэх остуоруйалары, олоххо буолбут түгэннэри сырдаппыта. Онтон ыла мээнэ хараҥаҕа сылдьыбат буолбута. Хараҕар ойуулаан көрөр ураты дьоҕурдаах оҕо этэ. Дьонун курдук үтүө санаалаах, аһыныгас буола улааппыта. Кыра кылааска Кыйыга, улахан кылаастарга Чөркөөх орто оскуолатын бүтэрбитэ. Дьокуускайга культура училищетын бүтэрэн, режиссер идэтин баһылаабыта. Дойдутугар Кыйыга 1974 с. дипломнай үлэтигэр Гаврил Колесов «Булчут сиэнэ» айымньыны туруорбута. Олохтоохтор бу испэктээкилтэн улаханнык астыммыттара. Ол дьыл Чөркөөх ыччатыгар Гаврил Вырдылиҥҥа кэргэн тахсыбыта. Эдэр ыаллар Чөркөөххө олохсуйбуттара.

1975-1994 сс. тоҕус оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Сэттэ уол икки кыыс. Дьон сиэринэн сүөһүлээх астаах элбэх оҕолоох ыал буолан, бур-бур буруо таһааран олорбуттара. Матрена Николаевна үлэтигэр олус бэриниилээҕэ. Чөркөөх народнай театырыгар режиссердаабыта. Республикатааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара. Оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо уопсайа 100-тэн тахса үлэни туруорбута. 2002 с. Владивосток куоракка Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» испэктээкили туруоран «Кылаан Чыпчаалы» ылбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунунан буолбута.

2005 с. «Кустук» оҕо драматическай театырын улууска арыйбыта, култуура управлениетыттан штат ылан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 2007 с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр күн сириттэн эмискэ барбыта. Аҕабыт кэргэнигэр анаан «Оҕоҕо анаммыт олох» диэн кинигэни суруйбута. Кинигэҕэ элбэх киһи ахтыыта киирбитэ. Ол сыл үөрэхпин бүтэрэн кэлбитим. «Кустук» оҕо театырын салгыы үлэлэппитим. Бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев оҕо сааһын туһунан «Хотугу Хотой оҕо сааһа» испэктээкил сценарийын аҕабыт Гаврил Вырдылин суруйан бүтэрбитэ. Дьокуускайынан, Бүлүү бөлөҕүнэн, Илин Эҥэринэн көрдөрбүппүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыпыт. Тэттик киинэлэри, ералаштары устубуппут. Таһаарыылаах үлэ түмүгүнэн «образцовай» ааты көмүскээбиппит. Араас элбэх испэктээкили, тэрээһиннэри тэрийэрбит.

2015 сылтан Матрена Николаевна кэриэһигэр драмфестивал тэриллэн ыытыллар. Бастаан Илин Эҥэр улуустарга, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тэрээһин буола улаатта. Сылтан сыл географиябыт кэҥээн, кыттааччы үксээн иһэр. Тыйаатыры 2014 с. Татьяна Ивановна Захарова салайар. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи театральнай фестивальбытын ахсыс төгүлүн ыыттыбыт. Матрена Николаевна бастакы испэктээкили туруорбут кэмиттэн үйэ аҥара ааспытынан киэҥ далааһыннаах тэрээһин тэрилиннэ. Барыта 6 улуустан 19 коллектив, 230 оҕо кыттыыны ылла. Араас дьикти үчүгэй үлэлэри көрдөрдүлэр. Билиҥҥи режиссердар, оҕолор таһымнара лаппа үрдээбит. Театр араас албастарын туттан, оҕолор оонньууларын чочуйаннар киһини долгутар айымньылары көрдөрдүлэр.

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн, Матрена Николаевна үөрэнээччитэ, Саха театырын артыыһа, режиссер, продюсер Роман Дорофеев, чилиэннэринэн дьүөгэтэ Евдокия Избекова, «Юные якутяне» специалиһа Петр Сивцев, Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театрын режиссера Валентина Бурнашева, кыыһа, Ил Түмэн референэ Анна Павлова үлэлээтилэр.

Түмүккэ: анал бириис Чөркөөх орто оскуолатын бөлөҕө, «Бастыҥ көстүүм» «Феникс+» бөлөх (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас), «Бастыҥ салайааччы» Мария Стручкова (Кэскил с., Томпо улууһа), «Кэскиллээх бөлөх» Харбалаахтааҕы уопсай үөрэхтээһин холбоһугун 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, «Бастыҥ кыыс оҕо оруола» Полина Мошкова «Овация» театр студия (Хаандыга с., Томпо улууһа), «Бастыҥ уол оҕо оруола» Коля Яковлев «Айар-кут» (Төхтүр с., Мэҥэ Хаҥалас), 3 үктэл «Сүүрээн» (Чычымах с., Таатта улууһа), 2 үктэл «Төлөн» (Бөтүҥ с., Амма улууһа), 1 үктэл «Овация» (Хаандыга с., Томпо улууһа), 3 үрдэл (Томтор с., Өймөкөөн улууһа), 2 үрдэл «Айар кут» (Төхтүр с., Мэҥэ Хаҥалас улууһа), 1 үрдэл «Росток» (Кэскил с., Томпо улууһа), «Көрөөччү биһирэбилэ» «Феникс» бөлөх (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас) Кылаан Чыпчаал «Дебют» (Дьиикимдэ с., Горнай улууһа).

Бириис туруорбут аҕабытыгар, бииргэ төрөөбүттэрбэр, аймахтарбар, Таатта улууһун, Чөркөөх, Тыараһа дьаһалталарыгар, И.А. Аргунов аатынан киин библиотекаҕа, улуустааҕы үөрэх улуустааҕы ыччат салаатыгар, «Кустук» оҕо театырыгар араас сылларга дьарыктаммыт оҕолорго, ийэбит кылааһынньыктарыгар истиҥник махтанабыт.

Матрена Николаевна сырдыгынан сыдьаайар санаата билигин да сандаара сылдьара барыбытын үөрдэр. Арассыыйа үрдүнэн оҕолору театрга үөрэтии киириитэ ийэбит баҕа санаата этэ. Театр абылаҥнаах эйгэтигэр оҕолору, төрөппүттэри умсугуйаргытыгар ыҥырабыт. Ханнык да эйгэҕэ үлэлииргэ театрга дьарыктаммыккыт туһалыаҕа. Дьон иннигэр санааҕытын сайа этэргэ үөрэтиэҕэ.

Гаврил Вырдылин, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта.

Читайте дальше