Таатта-Чурапчы далбар хотуттара көрүстүлэр

Ыам ыйын 28 күнүгэр, улуустааҕы дьахтар сүбэтин салайааччыта Варвара Будикина уонна Екатерина Бурнашева салайааччылаах «Айылҕаана» түмсүү эбээлэрэ ыаллыы сытар Чурапчы улууһугар билсэ, үөрүйэх атастаһа сырыттылар.

«Утум» норуот уус-уран оҥоһуктарын үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрсөн, тута ытыс үрдүгэр түһэрэн ылан, хара аантан сылаас истиҥ эйгэҕэ киллэрэн кэбистилэр.

Хардарыта билсиһии кэнниттэн, «Утум» иһинэн үлэлиир түмсүүлэр айар эйгэлэрин кэпсээтилэр, айымньыларын көрдөрдүлэр. СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Надежда Прокопьевна Ахматова салайар «Силик» төрүт иис түмсүүтүн иистэнньэҥнэрэ сыралаах, ымпыктаах үлэлэрин түмүгэ — көрүөхтэн кэрэ бууктаах соннору көрөн, сөҕүү-махтайыы үлүскэнэ буолла.

Маны сэргэ «Сиэл тойуга» түмсүү салайааччыта СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Варвара Гаврильевна Бурнашева ситиини хатыыга хас эмэ сыллаах билиитин, сатабылын үллэһиннэ.

Кэрэни сэргиир, үйэлээҕи үксэтэр дьарыктаах Таатта-Чурапчы далбар хотуттара бу хардарыта үтүө эрэ дьайыылаах көрсүһүүттэн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, сүбэ-ама ылыннылар, хас биирдиилэрэ туох эрэ саҥаны көрөн, билэн, өссө айарга-тутарга саҥа санаалар үөскээтилэр.

Жанна Бурмистрова.

Читайте дальше