Казань – Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин киин куората, Россия кырдьаҕас куораттарыттан биирдэстэрэ буолар. Казань куорат Аан дойдуга саамай элбэх ыалдьыттаах куоратынан аатырар, туристическай база сайдан сылын аайы 2 мөлүйүөнтэн тахса киһи ыалдьыттыыра бэлиэтэнэр.

Кэнники сылларга  Аан дойдутааҕы таһымнаах  улахан тэрээһиннэр буолаллар, ол курдук биир улахан хабааннаах тэрээһин «Планета искусств» диэн бэстибээл буолар.  Бу бэстибээл 2012 сылтан быыстала суох ыытыллар. Манна Японияттан, Индияттан, Испанияттан, Италияттан, Кытайтан, Бразилияттан, Мексикаттан, Ирландияттан, Австрияттан тиийэ кэлэн бэйэлэрин култуураларын сырдатан, ырыаларын ыллаан, үҥкүүлэрин көрдөрөн дууһалыын сылаанньыйан, сири-дойдуну көрөн, астынан бараллар.

Онтон быйыл бу күрэскэ биһиги биир дойдулаахтарбыт Сахабыт сирин,  улууспут аатын ааттатан кыайыы кынаттаах кэллилэр. «Ситик» үҥкүү ансаамбыла тэриллибитэ номнуо үһүс сыла буолла.  Салайааччы Елена Колесова үлэтин быыһыгар бэйэтин баҕатынан икки ансаамбылы тэрийэн, күн бүгүнүгэр диэри Таатта улууһун тэрээһиннэрин киэргэтэн, араас үҥкүүлэри туруоран, ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кытталлар. Бу буоллаҕа дии олох кэрэтэ, уоскулаҥа, абылаҥа. Ол сыалтан Елена үҥкүү кэрэ эйгэтин бар дьонугар тиэрдээри үҥкүүлүөн баҕалаахтары бииргэ түмтэҕэ. Аҕам саастаахтары уонна эдэр ийэлэри кытары биир тэҥҥэ хардыалаан, саҥаттан саҥа аартыктары күннэтэ арыйаллар.  Үҥкүү долгунугар уйдаран, үрүйэлии устан, 2021 сылтан ситиһиилэрэ тиһиллэн, эбиллэн үөрэтээччилэрин кытары кубалыы дайаллар.
Казань куоракка 29 чыыһылаҕа биир ураты, дириҥ ис хоһоонноох үҥкүүнү туруоран, куорат олохтоохторун сүргэлэрин көтөҕөн, дохсун ытыс тыаһыгар арыалланнылар. Ол курдук Сахабыт сирин устуоруйатын кэпсиир айылҕабыт өҥүнэн тигиллибит сахалыы таҥастаах киэҥ сыанаҕа тахсан, Аан дойду кэрэхсэбилин ылан, өссө арыллан, сандааран ис киирбэх кэрэ-нарын үҥкүү буолбутун туоһутунан бастакы Үрдэл үрдүк ааты сүгэн кэллилэр. Манна уратыта диэн аҕам саастаахтар уонна эдэрдэр биир холбоһук нүөмэр туруорбуттара барыбытыгар холобур буолар. «Эдэртэн билиитин, эрчимин, кырдьаҕастан сүбэтин холбуохха» диэн кырдьык олус элбэҕи этэр этии. Бу Аан дойдутааҕы тэрээһиҥҥэ аҕам саастаахтарбыт тэбис-тэҥҥэ эдэрдии эрчимнээхтик ойон-тэбэн, санаалара күүһүрэн, күлэн-үөрэн, кэмигэр бүөбэйдэнэн, сылаанньыйан кэлбиттэрин махтана кэпсииллэр, онтон эдэрдэр ытык дьонноруттан сүбэ-ама ылан, алтыһан, олус үчүгэйдик сылдьан, умнуллубат кэрэ бэлиэ күннэри атаардахтара.

Ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ Еленаҕа махталларын биллэрэллэр:
Күндү салайааччыбытыгар Еленаҕа махтаныа этибит үҥкүү кэрэ эйгэтигэр киллэрэн, ситиһиигэ кынаттаан, эрэл кыымын күөдьүтэн, хас биирдиибитигэр эрэнэн туран, улахан сыанаҕа таһааран, үҥкүүнү кытары дьолу түстүү барыбытын бииргэ түмпүккэр. Баҕарыа этибит эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу, инникитин даҕаны бу курдук өссө үрдүк ситиһиилэри дабайан үүнэн-сайдан, тыллан иһэргэр!

Уруйана.

Читайте дальше