Быйыл ыам ыйын 25 күнүгэр Саха сиригэр аан бастакытын Оһуохай күнүн бэлиэтээтибит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев бу ыйааҕын 2023 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр баттаабыта.
Саха өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн биллэриллибит Оһуохай күнүгэр аналлаах улууска «Таатта оһуохайын инники сайдыыта» төгүрүк остуолтан саҕаланна.
Төгүрүк остуолу улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салаатын фольклорга методииһа Майя Гаврильевна Егорова иилээн-саҕалаан ыытта. Кыттыыны ыллылар култуура, үөрэх үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, оһуохай этээччилэр, айар түмсүүлэр, уопсастыбанньыктар, сырдатар-иһитиннэрэр үлэһиттэр. Төгүрүк остуолга түөлбэ оһуохайын туһунан ким тугу истибитин, суруллубут матырыйааллары иһитиннэрии оҥордулар, санаа атастастылар.
Улууска оһуохайга үгүс элбэх үлэ ыытыллар, үгэскэ кубулуйбут күрэхтэр, тэрээһиннэр бааллар. Ол курдук, улууска 70-ча оһуохай этээччи, холонон көрөөччү, Дьохсоҕон нэһилиэгэр оһуохай түмсүүтэ, Таатта нэһилиэгэр «Күн Чөмчүүк», «Удьурхай», Тыараһа нэһилиэгэр «Кылыһах» бөлөхтөр, хас биирдии нэһилиэккэ айар түмсүүлэр үлэлииллэр.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтарын кэрэ кэпсээннэрин, сээркээн сэһэннэрин быһа тардан таһаарабыт. Октябрьскай нэһилиэк бэтэрээн учуутала Аграфена Аржакова: «Сээркээн сэһэнньит Егор Дмитриевич Андросовы кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэспиппиттэн, үлэлэспиппиттэн киэн туттабын. Кини «Былыр Таатталыы үҥкүү баара, дойду иччитин көрсүһүүгэ толороллор эбит этэ» диэбитэ. Онтон М.К.Попов Арыылаах оҕонньоро, оччолорго Ытык Күөлгэ олорбут Лэкээ оҕонньор кытта бу үҥкүүнү көрбүттэрин, ол кэннэ В.П.Сенькин оҕонньор Улахан Сайылыкка бу үҥкүүнү көрбүтүн, кэпсээбиттэрин истибитим. Оҕонньоттор кэнники былыргы эмээхситтэр үҥкүүнү харыһыйалларын этэллэрэ. Сахалыы үҥкүү ырыата Байаҕантай, Боотурусскай, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан, илин эҥэртэн саҕаламмытын этэллэрэ. Онон бу санаатахпына дойду иччитин көрсөргө, ыһыах иннинэ үҥкүүлүүллэр эбит диэн санааҕа кэлэбин”, — диэн бэйэтин санаатын эттэ.
Салҕыы дойду иччитигэр сүгүрүйүү диэҥҥэ тохтоон ааһар буоллахха, Уус Амма нэһилиэгин ытык киһитэ, СӨ үөрэҕин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Мария Петровна Прокопьева төрөөбүт дойдутугар олус элбэх суруйуутун, национальнай оскуолалары сайыннарыы концепциятыгар үлэлэспит учуутал үлэтин кийиитэ, оскуола фольклорга учуутала Татьяна Юрьевна Прокопьева: «Мария Петровна 1999 сыллаахтан дойду иччитигэр киирии диэн олус боростуой сиэри-туому толорор үгэһин бу күҥҥэ диэри биһиги оҕолоро илдьэ сылдьабыт. Кини хаалларан барбыт сиэрин-туомун, ыччаттарга, оскуолабытыгар үөрэнээччилэргэ кэпсиибит, туһанабыт. Амма Эбэбитигэр күһүн-саас сүгүрүйэбит, алгыс ылынабыт. Кини олус элбэх үлэтин үйэтитиэхпитин баҕарабыт, онтукпутун дьэ ылсан үлэлэһэн эрэбит», диэн кэпсээтэ.
Саха өрөспүүбүлүкэтин оһуохай үтүөлээх этээччитэ, олоҥхоһут Афанасий Попов: «Оһуохай суолтата дойду иччилэригэр сүгүрүйүү, үөһээ үрдүк Айыылартан күүс ылыныы диибин. Оһуохайга кыыстаах уол көрсөллөр, иккиэн илии-илиилэриттэн ылсан, кэккэлэһэ хаамсаллар, силбиһэллэр, үөһээттэн күүс ылан, сири кытта силбиһэн сыыйа ыал буолаллар. Онон түмсүөхтээхпит, кэҥээн иһиэхтээхпит. Оһуохайы этэргэ Үөһээ Айыылартан көҥүл ылыахтаахпыт, чугастан-ыраахтан дьоммутун ыҥыран, күүс-сэниэ ылыахтаахпыт, махталбытын тиэрдиэхтээхпит».
Төгүрүк остуол тула сытыы боппуруостар ырытылыннылар, элбэх санаа этилиннэ. Улууска оһуохай сайдыытыгар түмсүү саҥа састааба тэрилиннэ.
Күнүс киин трибунаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн биллэриллибит ОҺУОХАЙ КҮНҮГЭР анаммыт «Ил Эйэ оһуохайын түһүлгэтэ» тэрилиннэ. Оһуохайы таһаараллар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуохай этээччилэрэ Афанасий Попов, Иван Потапов.
Елена Слеццова.