Таатта улууһа Арассыыйа Дьоруойа албан ааттаах Родимир Максимовы уруйдуу-айхаллыы көрүстэ

Талыы-талба Таатта Өрөгөйдүүр күнүгэр Ытык сиртэн тахсыбыт бастакы Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовы чиэстиир дьоро күн биир дойдулаахтара толору саалалаах тыйаатырга тоҕуоруһа түмсэн, сүһүөхтэригэр туран, дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан алгыс тылынан айхаллыы, үтүө тылынан уруйдуу көрүстүлэр.

Биир дойдулаахтара, үгүскэ уһуйбут учууталлара ааттаабыттарыныы «алаас сиртэн аттаммыт сулус суоллаах буойуммут Родимир Максимов» анал байыаннай дьайыыга көрдөрбүт хорсун быһыыта Таатта улууһун устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллан, үйэлэргэ хаалыаҕа.
Үрдүкү наҕарааданы ылбыт Эр Хоһууммутун чиэстиир үөрүүлээх түгэҥҥэ өрөгөй ырыа доҕуһуолунан «Албан аат» уордьан толору кавалера Д.А. Петров аатынан Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйа, Саха сирин, Таатта улууһун былаахтарын күөрэччи тутан киллэрдилэр. Өрөгөй күнүгэр «Таатта улууһа» МО Аҕа баһылыга Айаал Бурцев чиэстээһин үөрүүлээх тэрээһинин: «Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Тааттаҕа Таптал. Эрэл. Итэҕэл сыла биллэриллибитэ. Бу сыл улууспутугар үтүмэн үгүс ситиһиилэри аҕалла. Ол курдук бэлиэ сыл Таатта улууһа бастакы Арассыыйа таһымнаах Дьоруойданна!» — диэн тылларынан саҕалаата, үөрүүлээх түгэҥҥэ СӨ норуотун маастара Федор Чярин оһуордаан-мандардаан оҥорбут чороонун уонна бар дьоммут аатыттан 1 мөл. солк. сэртипикээти туттарда.

СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Прокопий Рахлеев долгутуулаах түгэҥҥэ Родимир Максимовка улахан бурҕалдьы сүктэриллибитин чиэстээхтик тутан, бу үтүө холобурга үгүс үүнэр көлүөнэ иитиллэн тахсарын бэлиэтээн туран, 100 тыһ. солк. туттарда.

Чиэстээһин үөрүүлээх чааһыгар кырдьаҕас буойун, Аҕа дойду улуу сэриитин, педагогическай үлэ уонна успуорт бэтэрээнэ, 100 саастаах кырдьаҕас буойун Наум Трифонович Слепцов эдэр Дьоруойга бойобуой суолларын, үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэн туран, 100 сааһын туолан баран суруйбут кинигэтин уонна саха норуотун духуобунай лиидэрэ Б.Ф. НеустроевМандар Уус алгыһынан арчыламмыт, «Киэргэ» ювелирнай фирма үлэһитэ Руслан Неустроев оҥорбут үрүҥ көмүс харысхалын бэлэхтээтэ.

Сүрэх баҕатынан анал байыаннай дьайыы тирэх пуунугар сүҥкэн көмөнү оҥорон, сэмэй кылаатын киллэрсэ сылдьар волонтер Николай Мочкин устуоруйаҕа киирбит бэлиэ күҥҥэ Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов холобур буолар дьоруойдуу быһыыта биһиги саха Эр Хоһууттарбытыгар улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Родимирга Дьоруой үрдүк аатын кытта улахан эппиэтинэс сүктэриллибитинэн куруук тапталлаах Тааттатын ааттата сылдьарыгар, төрөөбүт улууһугар бигэ тирэх буоларыгар баҕарда.

Үрдүк наҕарааданан чиэстиир долгутуулаах түгэҥҥэ Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов бар дьонугар тус санаатын тиэртэ: «Ытык Таатта килбэйэр киинигэр биир дойдулаахтарым үрдүкү наҕарааданы ылбыт кэтэһиилээх үөрүүбүн үллэстэ кэлбиккитигэр махтанабын. Билиҥҥи уустук кэмҥэ анал байыаннай дьайыыга сахалар түмсүүлээхтэрин көрдөрөллөр. Ханнык баҕарар байыаска кини дьиэ кэргэнэ күүстээх тыылынан буолар. Оччоҕуна биһиги эрэллээхтик, хорсуннук инники сыалбытын ситиһэбит!».

Дьоро күн нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара «Бурхаакка» баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин анаан, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Талыы-талба Таатта сириттэн анал байыаннай дьайыыга эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын буолан, хорсунун көрдөрбүт Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов Улуу Кыайыыны уһансыбыт албан ааттаах Дьоруойдарбыт сырдык ааттарыгар сүгүрүйэрин биллэрэн, сибэкки дьөрбөтүн уурарыгар этэн турар: «Бу мин эрэ кыайыым буолбатах, кыайыы туһугар турууласпыт бииргэ сылдьыбыт доҕотторум эмиэ кыайыылара буолар».
Бу курдук Ытык Тааттаны дорҕоонноохтук ааттаппыт албан ааттаах Дьоруойбутун, күн күбэй ийэтэ сүрэхтээбитинии ааттыын даҕаны Дойдуга Эйэни түстээччини чиэстиир үөрүүлээх күн бар дьон бүттүүн үөрүүтүнэн буолла.
Бу күн этиллибит алгыс күүһэ саргыны салайыстын, үтүөҕэ сирдээтин!

Мария Павлова.

 

 

 

Видеоматырыйаалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин.

Читайте дальше