Таатта улууһугар Ольга Балабкина үлэлээтэ

Балаҕан ыйын 22 күнүгэр Ытык Күөлгэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина доруобуйа харыстабыла «Модернизация первичного звена» национальнай бырайыагын иһинэн тутуллан түмүктэнэн эрэр саҥа поликлиника үлэтин хаамыытын билистэ.
Нэһилиэнньэ олоҕор сүҥкэн суолталаах социальнай эбийиэги вице-премьергэ улуус баһылыга Айаал Бурцев, улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Александр Бытыков, тутуу үлэтин иилээн ыытар «МОНТАЖНИК» ПК салайааччыта Александр Михайлович Ханин, Тааттатааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардана Кононова кэллэктиибин кытары ыытыллыбыт үлэни билиһиннэрдилэр.


Билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир аныгы оборудованиеларынан хааччыллыбыт, 4 тыһ. кв. м. иэннээх, биир күҥҥэ 200 ыарыһаҕы көрөр кыахтаах баараҕай тутуу уота-күөһэ, уута киирэн, ититии ситимигэр холбонон, этээстэринэн үөһэ-аллара түһэр-тахсар лиибэ (лифт) үлэлээн, сиэрэ ситэн эрэр.
Билиҥҥи туругунан саҥа поликлиникаҕа ренгент аппарат, маммография курдук улахан оборудованиелар холбонон, анал хонтуруолу ааһаллара күүтүллэр.


Эбийиэги көрүү кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгүс хаачыстыбалаах эбийиэктэри олоххо киллэрэр «МОНТАЖНИК» ПК салайааччыта Александр Ханинтан Таатта улууһугар тутулла турар эбийиэктэри сураста уонна нэһилиэнньэ олоҕор сүҥкэн суолталаах тутуулары ыытар салайааччы Александр Ханины кытары илии тутуһан, барҕа махталын биллэрдэ.
Кэпсэтии кэмигэр А.М. Ханин 40 сыл анараа өттүгэр уопсай дьиэ быһыытынан киллэрбит эбийиэгэ улуус бар дьонугар поликлиника быһыытынан сулууспалаан кэлбитин сырдатта.
Ольга Балабкина тутуу үлэтин көрөн-истэн баран, поликлиника бырайыагар үгүс туруорсуунан эбии киллэриллибит массыына турар сирэ табыгастаахтык оҥоһуллубутун бэлиэтээн туран: «Все задания, которые были определены для подрядчиков, для руководства больницы, что больница должна быть удобной, комфортной для населения, с полноценной, современной доступной медицинской помощью, они выполнены» — диэн Тааттаҕа сырыытын түмүктээтэ.
Үрдүкү салалта саҥа поликлиника түмүктэнэн эрэр үлэтин кытары билсиһэн баран: «Буквально немного и для профилактики здоровья в эту поликлинику будут ходить с большим удовольствием», — диэн түмүк тылын этэн туран, саҥа поликлиника сиэрэ ситэн, Ийэ бэлиэ күнүгэр аһыллара буоллар диэн баҕа санаатын биллэрдэ.
Таатта улууһун олохтоохторо сотору кэминэн ыраах сиргэ көрдөрө барбакка, дойдуларыгар мэдиссиинэ хаачыстыбалаах өҥөтүнэн туһаныахтара.

Мария Павлова.

Читайте дальше