Аҕыйах сыллааҕыта Инстаграм лиэнтэтигэр дойдубут киинигэр Москваҕа олоро барбыт Таатта улууһун Уус Тааттатыттан төрүттээх кэпсии сылдьар, нууччалыы эттэххэ говорящай, араспаанньалаах бырааттыы Үчүгээйэптэр — Ючюгяевтар туһунан сырдатан ааспыппыт. Кинилэр дойду сулустарын кытта клип усталларын, биллиилээх дьону кытта бииргэ үлэлэһэллэрин, билсэллэрин ватсап ситимиттэн булан кэпсээн турардаахпыт. Аны билигин абыраллаах ватсаппыт сонунугар кыра быраат Саарын дойду саамай үрдүк хайатын Эльбрус чыпчаалыгар 5600 м үрдүккэ дабайбытын туһунан тилийэ көппүт сонуну үөрэ-көтө аахтыбыт, сэҥээрдибит, хаартыскалары көрөн дуоһуйдубут, астынныбыт.
Саарын туһунан кэпсээтэххэ, биһиги хаһыаппытыгар биир чаҕылхай суолун-ииһин хаалларбыт хаһыат корреспондена Лука Семенович Ючюгяев сиэнэ буолар. Аҕата өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр уус Александр Лукич, кини туһунан Москваҕа «Клинок» күрэхтэһиигэ тиийэн саха быһаҕынан бастаабытын кэннэ телеграм ханаалбытыгар таһаарбыппыт. Ийэтэ эмиэ Таатта улууһугар биллэр удьуор Дэбдиргэттэн төрүттээх Чупровтар кыыстара Анна Никифоровна. Саарын оскуоланы Дьокуускайга бүтэрбит. Айар үлэнэн дьарыктанар баҕалаах Москваҕа тиийэн, аатырар ВГИК-кэ үөрэнэн, оператор-видеограф идэтин баһылаан, билигин идэтинэн үлэлии сылдьар.
Бу хайаҕа ыттарга мээнэ киһи санаммат даҕаны. Оннооҕор бэйэбит мырааннарбытыгар тахсарга үгүс көлөһүн тохтооччу. Онон элбэх бэлэмнэниини, тэрээһин үлэни көрсөн, доруобуйатын туругун тупсарынан, өй-санаа өттүнэн күүһүрэн, климатын учуоттаан, көрсүллэр ыарахаттары барытын тулуйан, альпинист сүгэ сылдьар тэриллэрин барытын баһылаан, сири-уоту ориентировкалыырга үөрэнэн баран тахсаллара чуолкай. Саарын доҕотторун кытта 5 буолан барбыттар, олортон иккиэ буолан инструктордаах дабайбыттар. Дьэ бу кыайыы, дьол! 4,5 тыһ. м таҕыстыҥ да салгын тиийбэт, тыын хаайтарар, былыттар усталлар, эмискэ дохсуннук хамсаммаккын диэбит ийэтигэр Саарын.
Альпинизм диэн хорсун дьон бэйэни тургутан көрүүлэрэ буоллаҕа. Хайа уонна үөһээттэн сиргин-дойдугун көрөр туохха да тэҥнэммэт кэрэ буоллаҕа. Онон даҕаны улуу Высоцкай «лучше гор могут быть только горы» диэн эттэҕэ.
А.Неустроева.