Улуу суруйааччылардаах, аатырбыт олоҥхоһуттардаах, бары эйгэҕэ талааннаах, үтүө дьонноох талыы Таатта сирэ барахсан… Бу тылы оҕо сылдьан аан бастаан ийэбиттэн истибитим. Кини кэпсээниттэн эһэлээх эбэм Тааттаттан төрүттээхтэрим билбитим. Ол истибит күммүттэн күн бүгүнүгэр дылы Таатта улууһун кытта ситиммит быстыбат. Хаандыгаттан Дьокуускай куоракка айанныырбытыгар ытык Таатта сиринэн-уотунан ааһабыт. Ол хас айаннаатаҕым ахсын өбүгэлэрим сирдэрин ытыктыы –сүгүрүйэ көрөбүн. Тааттаҕа ыалдьыттыы тиийдэхпинэ, уу сахалыы саҥаны иһиттэхпинэ дууһалыын сырдыыбын.
Ийэбинэн дьонум –Силэпсиэптэр аҕа ууһа Таатта улууһун Уолбатыгар Байаҕантай диэн алааска олохсуйан олорбуттара. Уолбаттан хоту үс биэрэстэ бардахха, Байаҕантай диэн бэрт сир баар. Бу Байаҕантайга Силэпсиэп аймах уутуйан-олохсуйан ааспыта. Бэртээхэй айылҕалаах, сир аһын арааһа үүнэр, быйаҥнаах оттуур ходуһалаах, сылгы-ынах тоҕуоруйар дойдута. Ити алааска ытык бэлиэ сэргэ туруоруллубута.
Саҥаспыт Александра Порфирьевна бэйэтин ахтыытыгар маннык суруйбута: «Ийэлэрэ Колодезникова Дария Анисимовна (1884-1978) Таатта улууһун Уус Тааттатыттан төрүттээх. Дария аҕата Анисим (Анньыыһын) Васильевич Колодезников Екатерина диэн кыыһы кытта ыал буолан Таатта төрдүгэр “Түгэх иһэ» диэн сиргэ олорбуттара. Элбэх оҕоломмуттар: Дарыыйа бастакы оҕолоро, кини кэнниттэн Баһылай, Хабырылла, Арыппыана, Маайа, Өкүлүүнэ, Бүөтүр төрөөбүттэрэ. Дария ыал улахан оҕото буолан дьиэҕэ үлэтигэр көмөлөһөрө. Иистэнэрин сөбүлүүрэ. Уон сэттэ сааһыгар эдэр киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Ол киһитэ ыалдьан өлөн биир эрэ сыл олорбут. Онтон уон тоҕус саастааҕар дуруусканан саастаах огдообо Дайыыла Силэпсиэп диэн киһиэхэ кэргэн биэрбиттэр. Дайыыла бэйэтэ үс уоллаах эбит: Алексей, Максим, Спиридон. Даарыйа кэлин уолаттарбын кытта оонньуурум диэн ахтара. Ыал буоллаҕын нөҥүө сылыгар (1904 с.) кыыстанар. Бастакы оҕолорун Аана диэн ааттаабыттар. Кини кэнниттэн Ньукулай (1909) , Хабырылла (1911), Даарыйа (1915) төрүүллэр. Кыра кыыс Даарыйа икки саастааҕар (1917 с.) аҕалара Дайыыла оҕонньор олохтон туоруур. Даарыйа Дайыылалыын уон түөрт сыл олорбуттар. Түөрт сыл буолан баран 1921 с. Өймөкөөнтөн төрүттээх Тамайаахап Игнатий Львович диэн киһиэхэ кэргэн тахсар. Кини элбэх оҕолоох дьахтары кытта холбоһон араспаанньатын Силэпсиэп диэн уларыттарар. Кыыстаах уол оҕоломмуттар. Екатерина (1922) уонна Игнатий (1924)».
Эһэм Гаврил Данилович бииргэ төрөөбүттэр бары бэйэлэрэ олорбут, үлэлээбит кэмнэригэр дьон –сэргэ хайҕалын, ытыктабылын ылбыт дьоһун дьон.
Эһэм 1932 сылтан 40 сыл устата биэлсэринэн үлэлээбитэ. Кини кыра эрдэҕиттэн дьону эмтиир ыра санаалааҕа уонна кэлин бу баҕатын толорор кыахтаммыта: Якутскайдааҕы фельдшерскэй –акушерскай училищеҕа киирбитэ. 1932 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Таатта Чөркөөҕөр, Уолбатыгар, Уус Тааттатыгар, Муома, Өймөкөөн, Анаабыр оройуоннарыгар, онтон 1949-1970 с.с. Томпо нэһилиэктэринэн идэтинэн эҥкилэ суох үлэлээбитэ. 1950 сылтан Томпо оройуонун Кириэс-Халдьаайытыгар олохсуйбута. Анаабыр улууһун бастакы биэлсэрэ. Ити оройуоҥҥа 1938 с. биэлсэринэн анаммыта. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Анаабыр оройуонугар олох ыарахаттарыттан толлубакка, күүhүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Кэргэнэ Аграфена Прокопьевна түөрт оҕотун Анаабырга оҕоломмута.
1974 с. суруйбут ахтыытыгар маннык бэлиэтээбитэ: “Анаабырга маҥнай тиийдэхпинэ эмчити итэҕэйбэттэр этэ. Биир нэһилиэккэ тахса сылдьыбыппар: «Биһиэхэ биир үчүгэй булчут хараҕа суох буолбута биэс сыл уонна биир дьахтар тотор ыарыынан ыалдьыбыта үс сыл буолла, бу дьону эмтээтэххинэ, оччоҕо эмтэтиэхпит»,-дииллэр. Мин бу икки киһини балыыһабар илдьэ киирдим. Дьахтарым лиистик буолбут эбит, ону эмтээн таһааран кэбистим. Хараҕа суохпар операция оҥордум, биир ыйынан киһим харахтанан хаалла. Онтон ыла илии үрдүгэр сылдьыбытым, дьон итэҕэлин ылбытым. Күчүмэҕэйдик төрүүр дьахталлары оҕолорун баһын быһан баран ылаттыыр этим. Иккиттэн биирэ тыыннаах хааларыгар кыһаллар этим. Эмчит эрэ барыта сиргэниэ, куттаныа суохтааҕын таһынан, булугас өйдөөх буолуохтаах. Биирдэ маннык түбэлтэ буолла.Анаабырга үлэлиир кэммэр, арай түүн үөһүн саҕана ааммын тоҥсуйдулар, аһан биэрдим. Ыскылаат сэбиэдиссэйэ улаханнык куттаммыт: «Алта ыйдаах оҕобут улаханнык ыарыйда, бара охсуох»,-диэтэ. Мин кыраадыспын уонна иһиллиирбин ылан бардым. Оҕобут умса түһэр, тиэрэ түһэр уонна ытаа да ытаа. Кыраадыспын уурдум, иһиллээн көрдүм да туох да суох. Дьэ, мин толкуйга түстүм. Эмискэ бу уопсай дьиэ хаптаанньатынан утуппат буолла диэн дьон үҥсэрин өйдүү биэрдим. Мин биир кулгааҕар уу куттум, син биир. Иккис кулгааҕар эмиэ уу куттум. Биир хаптаанньа дагдас гынан таҕыста да, оҕобут оонньообутунан барда. Дьонум үөрүү бөҕө! Бу түбэлтэҕэ дьиҥ кырдьыга булугас өй абыраабыта. Үлэлээбит кэмим устата эҥин араас кутталлаах түбэлтэлэргэ сырыттым аҕай ини».
1947 сылтан Уолбаҕа ФАП тэриллибитэ. Манна 1947-1949 с.с. сэбиэдиссэйинэн Гавриил Данилович, акушерканан кини кэргэнэ Тарабуина Аграфена Прокопьевна үлэлээбиттэрэ. Эдэр эмчит бастакы дуоһунаһа «Лекпом по борьбе с эпидемией оспы” диэн эбит. Бу улахан суолталаах күүрээннээх үлэ Таатта оройуонугар ситиһиилээхтик барбыта.
Биһиги эһэбит Гавриил Данилович Слепцов олоҕун бүтүннүүтүн сөбүлүүр үлэтигэр медицинэҕэ анаабыта. Өр сылларга үтүө суобастаах үлэтин иһин «ССРС доруобуйа харыстабылын туйгуна» (1965 с.) бэлиэнэн, «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» (1946 с.), «В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар килбиэннээх үлэтин иһин» (1970 с.) мэтээллэринэн, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамоталарынан (1947 с., 1957 с.) наҕараадаламмыта. Байаҕантай нэһилиэгин ИК 1972 с. 20.06. быһаарыытынан юбилейнай Бочуот кинигэтигэр киирбитэ. Ахсынньы 1 күнүгэр 1976 с. Кириэс-Халдьаайыга ыалдьан өлбүтэ. Хондуудай диэн сиргэ кэргэнин таһыгар көмүллэн сытар. Кэргэнинээн Аграфена Прокопьевналыын 9 оҕону төрөтөн улаатыннарбыттара.
Улахан кыыс Анна Даниловна Баишева, ийэтэ Даарыйа кэпсииринэн иистэҥньэҥ, асчыт эбит. Баишев Василий Матвеевичка кэргэн тахсыбыт Василий Матвеевич Уолба оскуолатыгар учууталлаабыт. Кини убайыгар Иван Матвеевичтаахха дьукаах олорбуттар. Ол кэмҥэ оскуола оҕолорун улахан биримиэнэҕэ аһатар эбиттэр. Аһыыр сирдэрэ Егоров Александр дьиэтигэр эбит. Онно Анна повардаабыт. Үс оҕоломмуттар.
Улахан уол Николай Данилович олоҕо,үлэтэ куруутун холкуоһу, холкуостаахтары кытта быстыспат ситимнээҕэ. Оҕо эрдэҕиттэн ылата Сэбиэккэ уонна холкуоска үлэлээн, дьон олоҕун үчүгэйдик, дириҥник иҥэн-тоҥон, рыҥалаан билэринэн атыттартан туспалааҕа. Төрөөбүт нэһилиэгэ Уолбаҕа общественнай көмө кэмитиэтин итиэннэ нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, партийнай ячейка секретарынан, оройуоҥҥа МТС уонна райисполком инструкторынан, райсовет секретарынан, райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, холкуостар бэрэссэдээтэллэриэн барыта үйэ чиэппэрэ эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Ханнык баҕарар үлэҕэ дьиҥнээх партийнай сыһыаннаах принципальнай салайааччы этэ. 1938 с. репрессия ыар тыыныгар сымыйа дьыалаҕа балыллан хаайыллыбыта. 1940 с. буруйа суоҕа дакаастан хайыыттан тахсыбыта. Райком ыҥырыытынан Калинин аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.Саамай кытаанах сут-кураан, сэрии кытаанах дьылларыгар үлэлээн, оройуоҥҥа биир бастыҥ үлэлээх, Кыһыл Знамялаах холхуос оҥорбута. 1945 с. ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан “Аҕа дойду Улуу сэрииитин 1941-1945 сс. үтүө үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 43 сааһыгар күөгэйэр күнүгэр үлэлии сырыттаҕына 1952 с. соһумардык олохтон туораабыта.
Балта Дарья Даниловна Слепцова — РСФСР үтүөлээх, Саха АССР народнай артыыската. Айылҕа бэрсибит талаанынан кимиэхэ да хатыламмат араас дьылҕалаах оруоллары толорон хаалларбыта. Кини айан хаалларбыт чаҕылхай оруоллара Күннэйэ, Күн Чөмчүүгэ, Кэтирииһэ уос номоҕо буолбута. Көрөөччүлэр кинини көрөөрү биир пьесаны хаста эмэ көрөллөрө, тэҥҥэ ытаһаллара.Оччотооҕу театр айар үлэтин иилээн-саҕалаан илдьэн испит режиссердар С.А.Григорьев, В.В.Местников, Н.И. Слепцов, К.Г.Гоголев туруорар онньууларыгар Дарья Даниловна айар үлэтин умнуллубат туоһута буолбут чаҕылхай оруоллары оонньотолообута. Кэргэнэ Харитонов Николай Николаевич — Саха АССР үтүөлээх артыыһа. Иккиэн саха театральнай искусствота сайдарыгар үтүө суолу-ииһи хаалларбыттара. Соҕотох кыыстара икки оҕолоох.
Балта Екатерина Игнатьевна Мамонтова идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Уһун сылларга Томпо Кириэс Халдьаайытыгар, Таатта оройуонун Уолба, Баайаҕа, Чөркөөх, Ытык Күөл оскуолаларыгар, Хаҥаласка Булгунньахтаах, Тиит Арыы, Хачыкаат, Мохсоҕолоох, Покровскай оскуолаларыгар үлэлээбитэ. Үгүс эдэр ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ иитиигэ үгүс сыратын биэрэн, үтүө суобастаахтык үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.Кэргэнэ Степан Агеевич Мамонтов, Аҕа дойду сэрии тин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ ветерана. Екатерина Игнатьевна ССРС Верховнай Сэбиэтин уурааҕынан «За трудовое отличие», “Аҕа дойду Улуу сэрииитин 1941-1945 сс. үтүө үлэтин иһин ” мэтээллэринэн, РСФСР Минпроһун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Түөрт оҕоломмуттара.
Быраата Игнатий Игнатьевич Слепцов В.И.Ленин аатынан Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киириэҕиттэн ыла ырыаһыт оҕонон биллибитэ. Кини ырыаһыт-мелодист быһыытынан киэҥник аатырбыта. Биэс уонча ырыалааҕа, тылын үксүн бэйэтэ айара, олортон уостан түспэт ырыалара «Күөрэгэй», «Олус да улааппыккын», «Тааттаҕа», «Биллэргин» уо.д.а. 1972 с. Ленинград куоракка “Мелодия” фирмаҕа ырыаларын улахан грампластинкаҕа уһултарбыта.Тааттатааҕы народнай театрга артыыс, режиссер быһыытынан үлэлээбитэ. Артыыс быһыытынан уонунан пьесаҕа сүрүн оруолларга оонньообута. И.Избеков «Сыгый Кырынаастыыр» диэн туруорбут пьесата Бүтүн Сойуустааҕы народнай театрдар көрүүлэригэр Улан Удэ куоракка лауреат аатын сүкпүтэ бастаабыта. РСФСР, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин президиумнарын бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаламмыта. Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Гидросулууспатын туйгуна.1976 с.олохтон туораабыта. Кэргэнэ Александра Порфирьевна – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Учууталларын учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин тиһигин Бочуоттаах бэтэрээнэ, математика учуутала этэ. Алта оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ.
Бэс ыйын 18 күнүгэр Уолба сиригэр-уотугар таайбыт Игнатий Слепцов төрөөбүтэ 100 cылыгар аналлаах үрүҥ тунах ыһыаҕа ыһыллыаҕа. Силэпсиэп аймах Уолба ыһыаҕар мустаммыт ытык бэлиэ сэргэбитигэр куйаар ситим нөҥүө кэнэҕэски кэнчээри ыччаппытыгар төрүппүтүн-ууспутун билиһиннэриэхпит. Ситим салҕанар…
Лена Слепцова, Хаандыга бөһүөлэгэ.