Тааттаҕа Өрөспүүбүлүкэ күнэ бэлиэтэннэ

Муус устар 27 күнэ чахчы даҕаны сахабыт норуотугар үгүһү кэпсиир сүдү суолталаах, бэлиэ күн буолар. Бу күн 1922 сыллаахха саха эдэр политиктара – Былатыан  Ойуунускай,  Максим Аммосов, Исидор Барахов, Степан Аржаков саха норуотун олоҕун, кэлэр кэскилин туһугар Саха сирэ Автономия буоларын ситиспиттэрэ. Ол туоһутугар муус устар 27 күнүн саха норуота биир сомоҕо буолан, ытык сирдэригэр түмсэн, чулуу дьонун ахтан-санаан, сүгүрүйэн ааһар.

Саха өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүн бэлиэтии СӨ бырабыытылыстыбата анаан-минээн Таатта улууһугар Чөркөөх нэһилиэгэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтэстэ.  Тоҕуоруһа мустубут ыалдьыттара  Былатыан Ойуунускай аатынан Саха судаарыстыбаннаһын түмэлигэр «Мин өрөспүүбүлүкэм» — диэн олус үчүгэй ис хоһоонноох оҕолор уруһуйдаабыт быыстапкаларыттан саҕалаан үүммүт күнү уруйдуу көрүстүлэр. Бу кэннэ сахабыт норуотун историятыгар киирбит чулуу дьоммут дьоһуннаах олохторун санаан, сүгүрүйэн туран Улуу Убайбыт Былатыан Ойуунускай төрөөбүт ытык алааһыгар Муҥха Дэлбэрийбиккэ үктэнэн туран «Кэлэр кэскилбит туһугар үүнүөхпүт-сайдыахпыт» — диэн бигэ тылларын этэн, сибэкки дьөрбөтүн ууран, ирэ-хоро кэпсэтэн, күүс-уох ылан, долгуйа бэлиэтээтилэр.  Онтон Ойуунускай төрөөбүт балаҕаныгар киирэн оттулла турар көмүлүөк оһоҕун иннигэр аал уот иччититтэн көрдөһөн,  алгыс тыллаах алаадьыттан амсайан, итии чэй иһэн саха тыынын иҥэринэн таҕыстылар. Манна Чөркөөх нэһилиэгин олохтоохторо кэлбит ыалдьыттарын олус истиҥник,  уруйдуу көрүстүлэр. Онтон салҕыы  Саппыйа алааһыгар Михаил Кулаковскай – Мойуор балаҕаныгар «Эн ииппит сүрэххин норуоппар аныыбын» — диэн олус дириҥ ис хоһоонноох Верховнай сэбиэт бастакы дьокутааттарын тиспит стела үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Манна Саха норуотун көҥүлүн уһаарсыбыт, кэскилин тэрийсибит Былатыан Ойуунускайы кытары дьокутааттаабыт улуу дьоммут киирдилэр.  Бу туһунан олох эргиирин үйэтитээччи Попов Николай Ефимович сырдатта.  Манна үйэтин тухары төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар турууласпыт улуу убайбыт тоҕус ытык сэргэ аттыгар бүтэһик кэс тылын эппитин оҕо-аймах уйадыйа иһиттэ.

Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Таатта улууһун аҕа баһылыга Айаал Бурцев, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Руслан Захаров, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов, СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын норуот депутата Прокопий Рахлеев, ону тэҥэ Дьокуускай куораттан  СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Чурапчы улууһун муниципальнай оройуонун аҕа баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев, СӨ спордун миниистирэ Леонид Спиридонов, СӨ сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ, Таатта улууһун куратора Николай Бочков  Таатта улууһун дьонугар истиҥ эҕэрдэ тылларын этэн туран, килбиэннээх бастыҥ үлэһит дьоммутун ааттаан туран, наҕараада туттартаатылар.

Ол курдук Таатта нэһилиэгин аҕа баһылыга Егор Павлов «Олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаланна, Баайаҕа нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүн специалиһа Надежда Слепцова «СӨ муниципальнай сулууспа туйгуна» үрдүк аатын ылла, Харбалаахтааҕы оҕо сайдар киинин физкультура учуутала Владимир Кривошапкин «Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна» буолла, ону тэҥэ анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Трофим Максимов «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаланна, Ил Дархан махтал суругун Петр Захаров, Туйаара Куприянова туттулар. Олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытыгар үтүөлэрин иһин махтал суругу Анна Николаева, Константин Мончурин, Саргылана Никифорова туттулар. СӨ баһылыгын администрациятын бэйэни салайыныы боппуруостарын департаменыттан махтал суругу Гаврил Варламов уонна Анна Бережнова туттулар. Маны тэҥэ инники кэскиллэрбит кырачааннарбыт 14 саастарын туолан үөрүүлээх-быһыыга майгыга сүрүн докумуоннарын —  пааспардарын туттулар.

       Бу курдук Таатта улууһугар Саха судаарыстыбаннаһын үөрүүлээх чааһа Былатыан Ойуунускай скверыгар ырыа- хоһоон дуорайан, эҕэрдэ тыл этиллэн, сибэкки дьөрбөтүн ууран, сомоҕолоһуу оһуохай үҥкүүтүнэн түмүктэннэ.

Уруйана.