Таатта дьонугар-сэргэтигэр икки бүк үөрүү тосхойдо. Ол курдук Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Жилье и городская среда” национальнай бырайыагынан Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр А.Кулаковскай аатынан уулусса 35 нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 66 кыбартыыралаах уонна А.Кулаковскай аатынан уулусса 35/1 нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 48 кыбартыыралаах таас дьиэлэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарарга туһаайыллыбыт “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бэдэрээлинэй бырагырааманан үгүс үлэ ыытылынна. Аҥардас бу бырайыагынан Ытык Күөлгэ 21 толору хааччыллыылаах дьиэ, 700-кэ ыал көһөрүлүннэ.

Таатта улууһа  Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Тулаайах төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйыы» бырагырааманы олоххо киллэрэргэ күүскэ үлэлэһэр. Ол курдук 10 тулаайах оҕо толору хааччыллыылаах дьиэ күлүүһүн тутта.

Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах дьиэлэри Михаил Копырин салайааччылаах ООО “ЭлитСтройКоМ” тэрилтэ тутта.

Саҥа дьиэҕэ киирии сэрин-туомун Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Ыһыаҕын” Кылаан кыайыылааҕа, олоҥхоһут Алексей Николаев алгыс этэн, Аал уоту аһатта.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Таатта улууһа” МО баһылыга Айаал Бурцев, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Святослав Сунхалыров, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов, ООО «ЭлитСтройКоМ” тэрилтэ салайааччыта Михаил Копырин саҥа дьиэҕэ киирбит ыаллары эҕэрдэлээтилэр, дьиэ күлүүстэрин туттардылар, кыһыл лиэнтэни быстылар.

 

Дьиэлэри туппут ООО «ЭлитСтройКоМ” тэрилтэ салайааччыта Михаил Копырин саҥа дьиэлэр символическай күлүүстэрин Таатта нэһилиэгин баһылыгар Егор Павловка туттарда. Нэһилиэк баһылыга Егор Павлов Михаил Михайлович Копыриҥҥа «Таатта нэһилиэгэр кылатын иһин» бэлиэни туттарда.

Саҥа дьиэ күлүүһүн туппут Трощанскай уулусса олохтооҕо

70-с сылларга туттуллубут Трощанскай уулуссатан олохтооҕобун, саҥа дьиэ күлүүһүн тутан үөрүүбүт муҥура суох. Оҕолорбут бары манна улаатан, үөрэнэн, бэйэлэрэ тус ыал буолан сиэн, хос сиэн бэлэхтээбиттэрэ. Уопсай дьиэҕэ олорор ыаллар бары биир дьиэ кэргэн курдук доҕордуу сыһыаннаахтык олорбуппут. Бэйэ-бэйэҕэ туох тиийбэтинэн көмөлөсүһэн күн бүгүнүгэр диэри эйэлээхпит. Оҕолорбут дьиэ таһыгар бары бииргэ оонньоон, бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордуу сыһыаннаахтар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олохтообут, саҥа дьиэлэри туппут дьоҥҥо махталбыт муҥура суох, — диэн санаатын үлэһиннэ.


Видео материалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин.

Елена Слепцова.

 

 

 

 

Читайте дальше