Көлүүр оҕус хаамыытынан
Санаа хоту олох устар,
Алтан сэргэ аалыытынан
Ытык сирим ситэр, тупсар.
Мария Алексеева «Ытык Күөлбэр».
«Култуура — омук дууһата» диэн норуот муудараһа мээнэҕэ этиллибэт. Үрдүк култуурата суох уопсастыба инникитэ суох, кэхтиигэ барар. Култуура киһини өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн иитэн таһаарар сүдү күүстээх, биһиктээн улаатыннарбыт Ийэ тыл кэриэтэ иккис тылга тэҥнэһэр.
Былыргы дьыллар быдан быыстарыгар, урукку дьыллар кулан уорҕаларыгар, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх бороҥ саха устар ууну сомоҕолуур байҕал курдук баай тыла-өһө, норуотун муудараһа, фольклора, биир киһи тыйаатыра – олоҥхо, ырыа-тойук, өбүгэ үтүө үгэһэ үйэлэри уҥуордаан, көлүөнэлэри үүннэрбитэ.
Норуот талба талааннаахтара иитэн-үөрэтэн таһаарар сүдү күүстэригэр, умсугутар абылаҥнарыгар тирэҕирэн, дьону көҕүлүүр сыалтан самодеятельноһы сайыннаран, үйэ анараа өттүгэр дойду үрдүнэн култуура дьиэлэрэ тэриллибиттэрэ.
Арассыыйаҕа култуура дьиэлэрэ 1890 сыллаахтан «норуот дьиэтэ» диэн ааттанан аһыллыбыттара. Бу дьиэлэр норуоту сырдыкка-кэрэҕэ уһуйан, култуурунай олоххо сирдиир сыаллаах киэҥ хабааннаах үлэлэрэ саҕаламмыта. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн «култуурунай өрөбөлүүссүйэ» систиэмэтинэн норуот дьиэлэрэ «үлэ кулууба» диэн ааттара уларыйан, социальнай-политическай өйү-санааны уһугуннарар сыаллаах үлэ ыытыллыбыта. XX үйэ 30 сылларыгар култуура сырдатар эйгэтин үөрэхтээһиҥҥэ, дьон-сэргэ сынньанар эйгэтин тэрийиигэ улахан болҕомто ууруллан, дойду үрдүнэн култуура дьиэлэрэ тэриллибиттэрэ.
Саха АССР 10 сыла туолуутугар култуурунай-сырдатар тэрилтэлэринэн Тааттаҕа уонна Уолбаҕа икки ааҕар балаҕан, 11 кыһыл муннук, Ытык Күөлгэ кулууп баар буолбута. Оччотооҕу кэмҥэ култуура тэрилтэлэрин ахсаан өттүнэн элбэтии эйгэтэ кэҥээн, үөрэх, култуура таһыма үрдээн, сайдыы суолун тутуһарга төһүү күүһүнэн буолбута.
1934 сыллаахха Таатта оройуонугар 578 кв.м. иэннээх култуура дьиэтэ (Районный Дом Культуры) тутуллан бүтэн, үлэҕэ киирбитэ. Улахан саалаҕа киинэ, испэктээх, кэнсиэр көрдөрөр этилэр. Ол кэмтэн саҕалаан, култуура дьиэтин үлэһиттэрэ талба талааннаах олохтоохтору түмэ тардан, улахан хамсааһыны таһааран, култуурунай-сырдатар үлэ күөстүү оргуйбута. Ол туһунан учуутал идэлээх, Таатта устуоруйатын сурукка тиһэн хаалларбыт Никифор Харлампьевич Андросов «Сырдык суолунан» кинигэтигэр киллэрбитэ: «Улуу нуучча, атын бырааттыы норуоттар култуураларын уонна искусстволарын үтүө үгэстэригэр уһуйтаран эрэр Таатта талба ыччата бэйэтин норуотун айымньытын сөрүүн сүөгэйдии ыймахтаан, сүрэҕэр-быарыгар бүөбэйдээн сайыннарбыт үлэһит дьоно уус-уран дьоҕуру, норуот талаанын, уран тарбаҕы, көмүс күөмэйи сир симэҕинии сириэдитэ үүннэрбитэ. Ол да иһин култуура оройуоннааҕы дьиэтэ аҕыйах сылынан (1937 с.) П.А. Ойуунускай аатын сүгэр чиэстэммитэ. Култуура дьиэтин маҥнайгы дириэктэринэн Данил Егоров, художественнай салайааччынан Лука Турнин үлэлээбиттэрэ. Бастаан түөрт эрэ үлэһиттээҕэ». (Андросов, Н.Х. Сырдык суолунан. 1972. С. 31).
Саха сиринээҕи Главсудка уонна прокуратура систиэмэтигэр өр сылларга следователинэн үлэлээбит Михаил Григорьевич Слепцов 1938 с. оройуоннааҕы култуура дьиэтин биир хоһугар библиотекарынан ананан, 1941 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Онтон 1945 с. култуура дьиэтин биир хоһугар музей аһыллыбытыгар М.Г. Слепцов дириэктэрдээн, 1946 с. туспа дьиэлэниэр диэри үлэлээбитэ.
Кыраайы үөрэтээччи Федора Михайловна Харитонова аҕата Михаил Слепцов: «Култуура дьиэтин бастакы дириэктэринэн Уолба киһитэ Данил Егоров, спектакль декорациятын Иван Васильевич Попов оҥорор этэ», — диэн суруйан хаалларбытын кинигэтигэр тиспитэ. (Харитонова, Ф.М. Ытык Күөл. 2012. С. 54). Ону таһынан Михаил Слепцов оройуоҥҥа аан бастаан аһыллыбыт култуура дьиэтин хаартыскаҕа түһэрэн, улуус биир баай устуоруйалаах улахан тэрилтэтин билиҥҥи кэмҥэ эргитэн, үйэтиппит киһинэн буолар.
Култуура дьиэтэ уһун кэмнээх устуоруйата сэһэргииринэн Тааттаҕа култуура уонна духуобунай сайдыы эйгэтэ кэҥээн, араас хайысхалаах үлэ ыытыллан, дьону-сэргэни түмэр, эргийэр киининэн буолбута.
Ол курдук 1940 с. оройуоҥҥа 14 ааҕар балаҕан, 6 колхоз кулууптара, 19 кыһыл муннук уонна култуура дьиэтэ үлэлээннэр дьоҕурдаах ыччаттары: Пелагея Емельянованы, Степан Винокуровы, Анна Егорованы, Надежда Петрованы, Азия Черкашинаны, Ф. Клакиновы, В. Николаеваны, Лука Турнины, Павел Чаховы уо.д.а. иитэн таһаарбыттара. 1937 с. Саха АССР тэриллибитэ 15 сылыгар Дьокуускайга ыытыллыбыт уус-уран самодеятельноһы көрүү олимпиадатыгар 11 оройуонтан, уопсайа 322 киһи кыттыбыта, ол иһигэр Тааттаттан 8 киһи көхтөөх кыттыыны ылбыта. Онно Анна Егорова уонна Лука Турнин үчүгэй сыанабылы ылбыттара. Ол кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэргэ, олимпиадаларга таатталар инники күөҥҥэ сылдьыбыттара. 1953 с. Арассыыйа үрдүнэн уус-уран самодеятельностары көрүүгэ оройуон 20 талыы-талба ыччата өрөспүүбүлүкэҕэ киирэн, 1 миэстэни ылбыттара. Онно Сара Галимуллина, Мария Константинова, Константин Байбаллыков, Михаил Тихонов, Гаврил Неустроев о.д.а. лауреаттарынан ааттаммыттара. 1957 с. ахсынньытыгар Москваҕа ыытыллыбыт саха литературатын уонна искусствотын биэчэрдэригэр оройуон уус-уран самодеятельноһын 27 бастыҥ ыччата ситиһиилээхтик кыттыбыта. 1959 с. Саха сирин ыччатын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлигэр култуура орйуоннааҕы дьиэтин уус-уран самодеятельноһа кыттан, улахан ситиһиилэммитэ. Оскуола үөрэнээччитэ Нина Хоютанова, В. Ким, В. Орлова, И. Слепцов, И. Жегусов о.д.а. лауреаттарынан буолбуттара. Култуура дьиэтиттэн өрөспүүбүлүкэ биллэр мелодистара: Денис Данилов, Федот Аргунов, Игнатий Слепцов, Александр Чахов үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһиттэринэн Ф.Ф. Клакинов, Ф.С. Аргунов, Л.Н. Турнин, И.И. Слепцов, Т.И. Бурнашева буолбуттара. (Кузьмина. Е.Ф., Харитонова Ф.М., Хатылыкова К.А. Таатта нэһилиэгин үйэлээх суола. 2016. С. 294-295).
Култуура дьиэтэ олоҕу хамсатар сүдү күүһүнэн буолан, дьону-сэргэни сомоҕолуу түмэр салайааччыларын, айымньылаах үлэһиттэрин, норуот кутун туппут талааннаахтар көмөлөрүнэн нэһилиэк култуурунай олоҕун үрдүк таһымҥа тэрийэн, олохтоохтору биир тыыҥҥа киллэрбиттэрэ.
Оройуоҥҥа култуура дириэктэрдэринэн Егор Даниловтан саҕалаан, Р.С. Никифоров, Н.Х Андросов, Э.А. Бурнашев, Т.П. Бурнашева, Д.Д. Мончурина, М.П. Решетникова, З.Н. Колесова, Р.С. Диодорова, А.С. Данилова, Ю.А. Неустроев, А.П. Сергеев, С.Г. Антоев, К.И. Христофоров, Д.Н. Пинигин — Сосин, Л.С. Васильев, М.Г. Кириллин, М.В. Степанова, А.П. Лопатин ананан, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Билигин бары хайысханы тэҥҥэ тутан, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэринэн Гаврил Вырдылин айымньылаахтык үлэлиир.
Бу курдук Таатта оройуонугар култуура дьиэтин сайдар саҕахтара саҕаланан, дэгиттэр талааннаах биир дойдулаахтарбыт айа-тута үлэлээн, дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ылан, култуура сайдыытыгар бэйэлэрин суолларын тэлэн, сырдык ааттарын хаалларбыттара.
Билигин кинилэр арыйбыт аартыктара кэҥээн, Ытык Таатта талба талааннаахтара төрөөбүт дойдуларын аатын ааттаталларынан киэн туттабыт.
Хаартыскаҕа: 1. Оройуоннааҕы култуура дьиэтэ Ф.М. Харитонова тус архыыбыттан.
2. Улан Удэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы театральнай кэллэктииптэри көрүү. У. Избеков «Сыгый Кырынаастыыр» испэктээх, режиссер Е.А. Хатылыкова, 1973 с. Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин архыыбыттан ылылынна.
Мария ПАВЛОВА.