Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Талыы талба Таатта улууһун килбэйэр киинигэр, ытык мааны Ытык Күөлгэ Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүн тэрээһинэ Саха советскай литературатын төрүттээбит Былатыан Ойуунускай скверигэр ыытылынна.
Саха сирин саргылаах сайдыытыгар быраабы биэрбит уонна былаас туһугар, судаарыстыбаннаһы харыстааһыҥҥа, демократическай сыаннастары бөҕөргөтүүгэ, сокуон, сиэр-майгы туһугар туруулаһыыга эппиэтинэһи сүктэрбит, үрдүкү гражданскай иэһи олоххо киллэрэр суолу аспыт Государственнай суверенитет туһунан декларацияны ылыммыт балаҕан ыйын 27 күнэ буолар.
Тэрээһин Российскай Федерация, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Таатта улууһун гимнэринэн саҕаланна.
Улуус баһылыга Айаал Бурцев дьонун-сэргэтин эҕэрдэлээтэ уонна: «1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияны ылыммыта. Саҥа уларыйыылар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ быраап өттүнэн анал туругун чопчулаабыта уонна Россия Федерациятын кытта быстыспат ситимин бигэргэппитэрэ. Ол кэннэ өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ социальнай-экономическай хайысхатын, норуот олоҕун тупсарар туһугар бэйэтэ быһаарынан, көрүнэр буолта. Кырдьык даҕаны уустук, ыһыллыылаах кэмҥэ бу докумуон эрэгийиэн олоҕун-дьаһаҕын уонна экэниэмикэтин салгыы сайыннарарга бөҕө тирэх буолбута. Ол курдук, бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев салалтатынан өрөспүүбүлүкэбит аныгы устуоруйатыгар саҥа түһүмэх саҕаламмыта».
Бу күн Российскай Федерация гражданинын паспорын А.И.Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатын, Д.А.Петров аатынан Ытык Күөл 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын, А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй үөрэнээччилэригэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Маны таһынан «Илии сылааһа» иис сыаҕын тэрийиитинэн, СӨ Бырабыытылыстыбатын өйөбүлүнэн «Эр хоһуун» иистэнньэҥнэр күрэстэригэр үрдүк ситиһиилэрин, быстах хомуурга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, сылаас, хаачыстыбалаах таҥаһынан тус көмөлөрүн, үтүө суобастаах үлэлэрин иһин «Таатта улууһа» МО баһылыга Айаал Бурцев иистэнньэҥнэргэ махтал сурук туттарда.
Бэйэлэрин санааларын, эҕэрдэлэрин тиэртилэр Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павлов, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Гаврил Кычкин, Бүтүн Россиятааҕы «Движение впервых» оҕо уонна ыччат хамсааһынын олохтоох отделениетын салайааччыта Татьяна Тютрина, улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Иннокентий Дягилев.
Елена Слепцова.