Таатта дьонугар-сэргэтигэр эмиэ биир үөрүүлээх күн тосхойдо. Ол курдук Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Жилье и городская среда” национальнай бырайыагынан Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагыраамманан Таатта нэһилиэгин Ойуунускай аатынан уулусса 34 нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 42 кыбартыыралаах таас дьиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах дьиэни Петр Архипов салайааччылаах СК “ТОМТОР” тэрилтэ тутта.

Саҥа дьиэҕэ киирии сэрин-туомун алгысчыт Карл Христофоров алгыс этэн, Аал уоту аһатта.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Таатта улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов, СК «ТОМТОР” тэрилтэ салайааччыта Петр Архипов саҥа дьиэҕэ киирбит ыаллары эҕэрдэлээтилэр, дьиэ күлүүстэрин туттардылар, кыһыл лиэнтэни быстылар.

Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павлов: « «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагыраамманан 2010 сылтан үлэлэһэбит. Барыта 700-тэн тахса ыал көһөрүлүннэ,  80-тан тахса дьиэ көтүрүлүннэ. Аны 2025 сылга бу бырагыраама үлэлиэ, онно өссө күүскэ үлэлэһиэхпит», — диэтэ.

Дьиэни туппут СК «ТОМТОР” тэрилтэ салайааччыта Петр Архипов саҥа дьиэ символическай күлүүһүн Таатта нэһилиэгин баһылыгар Егор Павловка туттарда. Нэһилиэк баһылыга Егор Павлов тутууга суобастаахтык, кыһамньылаахтык үлэлээбит үлэһиттэри Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадалаата.

Саҥа дьиэ күлүүһүн туппут Тамара Слепцова: «Саҥа дьиэ күлүүһүн тутан үөрүүм муҥура суох. Уопсай дьиэҕэ олорор ыаллар бары биир дьиэ кэргэн курдук доҕордуу сыһыаннаахтык олоруоҕуҥ, дьиэбит таһын ыраастык тутан, киэргэтиэҕиҥ. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олохтообут, саҥа дьиэлэри туппут дьоҥҥо махталбыт муҥура суох, — диэн үөрүүтүн үлэһиннэ.

Елена Слепцова.

 

Видеоматериалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин

Читайте дальше