От ыйын 22 күнүгэр Тааттаҕа үгүс суруйааччы уутуйан үөскээбит биһигэр, аартыгы арыйбыт саха Саарыннара олорон ааспыт түөлбэлэригэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев үлэлээтэ.
Тыараһаҕа айар тыл аҕатыгар сүгүрүйүү
«Таатта улууһа» МО Аҕа баһылыга Михаил Соров Чурапчы – Таатта силбэһэр киинигэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаевы көрсөн, дэлэгээссийэни арыаллаата. Тыараһаҕа Айсен Сергеевич айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй тилэҕин сылааһа иҥмит, 9 сааһыгар диэри эһэтигэр Куонааскыга иитиллибит сиригэр, айан аартыгар турар искибиэргэ сылдьан, дириҥ ытыктабылын биллэрдэ.
Ил Дархан Айсен Николаев нэһилиэк олохтоохторун кытары көрсөн дьон-сэргэ санаатын иһиттэ. Олохтоохтор ортолоруттан икки уола анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар күн күбэй ийэ Күннэй Турнина уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ Петр Чехордун нэһилиэккэ тыҥаан турар тыын боппуруоһу – ититии ситимигэр холбонуу үбүн быһаарыыны туруорустулар.
Оскуола тутуута – оҕо, учуутал, төрөппүт үрдүк үөрүүтэ
Салгыы дэлэгээссийэ нэһилиэк олохтоохторо уһун кэмҥэ күүппүт баҕа санаалара олоххо киирэн, 2021 сыллаахха Ил Дархан дьаһалынан тутуллубут М.Н. Турнин аатынан оскуолаҕа сырытта. Өрөспүүбүлүкэ салалтата нэһилиэк бүттүүн үөрүүтэ буолбут икки этээстээх аныгылыы сиэрдээх үөрэх кыһата үүнэр кэнчээри ыччаты киэҥ билиигэ сирдиир, бастыҥ сатабылы баһылыырга уһуйар, учууталлар айа-тута үлэлииллэригэр бары усулуобуйа тэриллибитин көрөн астынна.
Халаан уутун содула
Улуус баһылыга Михаил Соров уонна Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Прокопий Турнин быйылгы сааскы халаан уутун содулугар аҥардас Тыараһа нэһилиэгэр 17 эбийиэк эмсэҕэлээбитин, эбийиэктэр аахталара уонна бырайыактара оҥоһуллан, докумуоннара экспертизэҕэ ыытыллыбытын сырдаттылар, СӨ Бырабыыталыстыбата үп-харчы өттүнэн өйүүрүгэр кэккэ этиилэри киллэрдилэр.
Муҥха Дэлбэрийбит алааска сүгүрүйүү түгэнэ
Айсен Николаев Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар Муҥха Дэлбэрийбиккэ СӨ (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата Виктор Лебедев олоххо киллэрбит күн уотун сылааһыттан иитиллэр аныгы лаампалаах, сынньанар муннуктаах Таатта эбэни туоруур муостатынан туораан, мэҥэ өйдөбүнньүккэ сибэкки дьөрбөтүн ууран, Ытык сиргэ сүгүрүйдэ.
Саха Саарына Былатыан тɵрөɵбүт балаҕаныгар сылдьан, симии оһохтоох кɵмүлүɵк аал уотун аттыгар мааны сандалыга олорон, П.А. Ойуунускай сиэн балта Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах умсугутуулаах сэргэх сэһэнин истэн, баай ис хоһоонноох бэлэх кинигэлэри тутта. Тэрээһиҥҥэ норуот дьокутаата Виктор Лебедев бар дьоҥҥо анаммыт үйэтитиигэ үлэтин салгыыр инники былаанын сырдатта.
Былатыан Ойуунускай сырдык аатын сүгэр Судаарыстыбаннас түмэлин сэбиэдиссэйэ Михаил Аржаков инники турар ɵрɵмүɵн үлэтин билиһиннэрдэ. Түгэнинэн туһанан, түмэл салайааччыта сэтинньи 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай тɵрɵɵбүтэ 130 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээhиҥҥэ ыалдьыттыырыгар ыҥырда.
Айсен Николаев: «Саҥа поликлиниканы балаҕан ыйыгар киллэрэр кыах баар».
СӨ Ил Дархана Ытык Күөлгэ үс этээстээх, 4 тыһ. кв. м. иэннээх, биир күҥҥэ 200 ыарыһаҕы көрөр кыахтаах «Модернизация первичного звена» национальнай бырайыак бырагырааматын чэрчитинэн тутулла турар поликлиника үлэтин-хамнаһын кытары билистэ.
Бэдэрээлинэй бырайыак иитинэн тутулла турар улахан социальнай суолталаах мэдиссиинэ комплекса ыарыыны эрдэттэн диагностикалыыр компьютернай томография уонна диагноһы туруорар рентген аныгы анал аппараттарынан хааччылан, нэһилиэнньэ ыраах сиргэ көрдөрө барбакка дойдутугар эмтэнэр кыахтаныаҕа. Саҥа поликлиника тэтимнээхтик тутуллан, бу сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киириэҕэ.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка Тааттатааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардана Кононова поликлиника тутуутун хаамыытын сырдатта: «Тутуу киирдэҕинэ, саҥа таһымҥа тахсыахпыт. Сүрдээх элбэх саҥа оборудованиелар кэлээри тураллар. Компьютернай томографияттан саҕалаан, колоноскоп, рентген аппараттара. Сайдыы барыаҕа диэн эрэнэбит», — диэн туран, барҕа махталын биллэрдэ.
Видео материал You Tube: https://youtu.be/gV7mq8nGPAM https://youtu.be/t0SusoyCasY
Тааттатааҕы киин балыыһаттан оҕо офтальмолог бырааһа Татьяна Дьячковская: «Биэс сыл иһигэр «Модернизация первичного звена» бырайыак иһинэн, СӨ Бырабыыталыстыбата уонна доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ улахан болҕомтону ууран, кинилэр өйөбүллэринэн Таатта улуугар үгүс үлэ ыытылынна. Нэһилиэнньэлээх пууннарга балыыһа техническэй баазата хаҥатыыга: Уолбаҕа уонна Хара Алдаҥҥа саҥа ФАП-тар аһылыннылар, Дьохсоҕон нэһилиэгэр саҥа амбулатория тутулунна. Улуус киинигэр стационарнай балыыһа хапытаалынай өрөмүөнэ оҥоһулунна. Араас бырагыраамалар көмөлөрүнэн сыаналаах кэриэйскэй оборудованиелар кэллилэр» — диэн мэдиссиинэй эйгэтигэр ыытыллыбыт үлэлэри билиһиннэрдэ.
Видео материал You Tube: https://youtu.be/Cn7wnXf1SFM
Сэллиги утары охсуһар диспансер сэбиэдиссэйэ Петр Тарасов СӨ Быраабыыталыстыбата мэдиссиинэ үлэһиттэрин өйүүр эдэр үлэһиттэргэ аналлаах бырагыраамалара улахан көмөлөөҕүн бэлиэтээн туран: «Кэнники биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ да, улууска да мэдиссиинэҕэ улахан болҕомто уурулунна» — диэн санаатын үллэстэр уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка, СӨ Доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьеваҕа Тааттатааҕы киин балыыһа кэллэктиибин аатыттан махталын биллэрдэ.
Видео материал You Tube: https://youtu.be/AozeTrQxDPU
Бар дьон дьокутаата, СӨ (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕын тутууга, олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Ефимов: «СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тус бэйэтин туруорсуутунан Ытык Тааттаҕа 450 миэстэлээх интернаттаах лиссиэй, 200 миэстэлээх саҥа поликлиника тутулла турар, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан саҥа элбэх квартиралаах дьиэлэр киириэхтэрэ, Таатта үрэххэ быһыттары саҥардыы үлэлэрэ ыытыллыаҕа, Тааттаҕа диэри Бэдэрээлинэй суолга асфальт тэлгэниэхтээҕин курдук үгүс үлэ ыытыллар» — диэн санаатын үллэһиннэ.
Видео материал You Tube: https://youtu.be/TCJpA3uvPlw
Cаҥа оскуола 2024 сылга диэри тутуллуоҕа
Ил Дархан Айсен Николаев, Арассыыйа премьер-миниистирэ Владимир Мишустин быһаччы дьаһалынан уонна Бэдэрээлинэй уонна өрөспүүбүлүкэ анал бырайыагын иитинэн тутулла турар 450 миэстэлээх, 100 оҕо олорон эрэ үөрэнэр интернаттаах оскуола тутуутун хаамыытын кытары билистэ.
Билиигэ сирдиир үөрэх кыһата Тааттаттан үүнэн-сайдан тахсыбыт философия наукатын дуоктара, профессор, СГУ бастакы ректора А.Е. Мординов сырдык аатын сүгэр.
Тааттатааҕы лиссиэй тутуутун хаамыытын «Монтажник» ПК салайааччыта Александр Ханин сырдатта. Ил Дархан Айсен Сергеевич благоустройство өттүгэр оскуола тэлгэһэтин тупсарарга бэдэрээччиттэри кытары ыкса ситимнээх үлэни ыытарга сорудахтаата.
Олохтоох нэһилиэнньэттэн тутууну хонтуруоллуур уопсастыба салайааччыта, элбэх оҕолоох төрөппүт Мичил Харитонов үөрүүтүн үллэстэр: «Долгуйа кэтэһэбит, үөрэбит оҕолорбут саҥа оскуолаҕа үөрэнэллэриттэн, тыаттан киирбит оҕолор үөрэнэллэригэр бары усулуобуйа тэриллэриттэн».
Видео материал You Tube: https://youtu.be/l8OQAGK9Mi8
Ил Дархан Айсен Николаев: «Кэлэр биэс сылга оҥорон таһаарар бородууксуйаны элбэтэн,
нэһилиэнньэни хааччыйарга үлэ ыытыллыахтаах«.
СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев «Таатта» ТХПК үрүҥ аһы оҥорон таһаарар эбийиэгэр сырытта, Илин Эҥэрдээҕи оҥорон таһаарар бородууксуйаны дэлэтэр тэрилтэлэр салайааччыларын кытары көрүстэ.
Көрсүһүүгэ Уус Алдантан «Дүпсүн» ТХПК, Суоттутааҕы «Уйма» ТХПК, «Мүрү-Ас» ТХПК, «Павловскайдааҕы үүт соҕотуопкалыыр собуот» ТХПК, «Чурапчы» ТХПК, «Амма» ТХПК үрүлүйэр үрүҥ илгэттэн, эмис эт астан оҥоһуллубут бородууксуйаларын быыстапкалаан көрдөрдүлэр. Быыстапка кэмигэр потребительскэй кэпэрэтииптэр олохтоох бородууксуйаларын билиһиннэрдилэр, үөрэтэн көрбүт кэккэ кыһалҕаларын үллэһиннилэр.
«Таатта» ТХПК дириэктэрэ Дмитрий Алексеев Ил Дархан Айсен Николаевка оҥорон таһаарар бородууксуйа арааһын көрдөрдө, дэлэй ас-үөл быыстапкатыгар Айсен Сергеевич Таатта арыытын амсайда.
Киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиигэ кэпэрэтииптэр оҥорон таһаарар бородууксуйаларын элбэтии, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыы, сүөһү-сылгы ахсаанын үрдэтии, атыыга тахсар бородууксуйа эйгэтин кэҥэтии, аныгы саҥа оборудованиеларынан хааччыйыы, үлэ каадырдарын бэлэмнээһин боппуруостара турдулар. Оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэр тута миэстэтигэр сөптөөх хоруйдары ыллылар.
Видео материал You Tube: https://youtu.be/vAyyCF0Hy14
Айсен Николаев СМИ, прессалары кытары көрүстэ
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ улахан социальнай суолталаах, уһуннук күүтүллүбүт эбийиэктэринэн поликлиника, оскуола хаачыстыбалаах тутуулары көрөн үөрбүтүн биллэрдэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин национальнай бырайыактары олоххо киллэрэн, үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үгүс үлэ ыытыллан, тыа сиригэр тус сыаллаах, аадырыстаах Бэдэрээлинэй үп-харчы көрүллэрин бэлиэтээтэ. Ытык Күөлгэ саҥа поликлиника тутуута сүрүн өттө бүтэн, үлэ түмүктэнэн, балаҕан ыйыгар киллэрэр кыах баарын биллэрдэ. Бырайыак чэрчитинэн көрүллэр саҥа оборудованиелары туруоран, монтажтаан, уотун, уутун холбоон, аҕыйах нэдиэлэнэн эбийиэк үлэҕэ киирэр кыахтаммытын, благоустройство өттүгэр бэдэрээччиттэри кытары ыкса ситимнээх үлэ ыытылларыгар сорудах биэрбитин сырдатта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын сайыннарыы тула киэҥ кэпсэтии ыытыллыбытын, кэпэрэтииптэр биир сыалы туруорунан нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга, саҥа ньымалары киллэриигэ бииргэ үлэлиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ: «Икки өттүттэн сөбүлэҥ быһыытынан үлэ бардаҕына, Саха сиригэр оҥоһуллубут ас дэлэй буолуохтаах» — диэн санаатын үллэһиннэ.
2025 сылга национальнай спорт көрүҥэр ыытыллар XXII «Манчаары оонньуутугар» Ытык Күөлгэ 1000 миэстэлээхтырыбыналаах элбэх функциялаах стадион спортивнай комплекса, Чөркөөххө спорт саалата, Дьохсоҕоҥҥо мини-стадион тутуллуоҕа. Атырдьах ыйыттан күүрээннээх үлэ саҕаланан, күүстээх үлэ ыытыллан, тутуу улахан өттө эһиил бүтүөхтээҕин билиһиннэрдэ.
Түмүккэ Айсен Николаев: «Таатта дьоно-сэргэтэ былыр-былыргыттан түмсүүлээхтэринэн, үлэһиттэринэн биллэллэр. Куоталаһыыны үрдүк таһымнаахтык ыытыахтара» — диэн эрэнэрин биллэрдэ.
Видео материал You Tube: https://youtu.be/Lw-mABIeSRE
Автор: Мария Павлова