«ОҤОҺУЛЛАН ЭРЭР ОЛОҤХО: ТААТТА УОННА МИН УЛУУҺУМ»

(ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ АЙАР КҮРЭХТЭҺИИГЭ)

Таатта – аатырбыт олоҥхоһуттар, ырыаһыттар, тыл уустара түөлбэлээн төрөөн-үөскээн ааспыт ытык сирдэрэ. Тааттаттан тардыылаах диэн эттэхтэринэ, тула өттүм сырдаан сүрэҕим сылаанньыйар, өйүм-санаам бөҕөхсүйэн айарга дьулуһар…

Иннибэр саха бастакы суруйааччыларын мөссүөннэрэ субу баардыы тиллэн кэлэллэр. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, Н.Д. Неустроев уонна саҥа сэбиэскэй литератураны төрүттээччи П.А. Ойуунускай курдук улахан талааннаах дьонноох буоламмыт саха уус-уран литературата ситэн-силигилээн, үүнэн-сайдан тахсыбыта эбээт! Кинилэр айымньыларын аахпатах, оскуолаҕа үөрэппэтэх саха оҕото, арааһа, суоҕа буолуо. Онон хас биирдиибит кыра эрдэхпититтэн Тааттаны кытта ситимнээхпит диэн өйдүүбүн, киэн туттабын. Бүгүн мин үлэбэр Кэбээйи улууһун поэттара Ойуунускай туһунан суруйууларын сырдатыам.
Бастатан туран, чаҕылхай талааннаах суруйааччы, буойун-поэт Тимофей Сметанин аан бастакынан бэчээттэммит айымньыларыттан биирдэстэринэн «Былатыан суолунан бардарбыан» диэн хоһооно буолар. Чахчыта, поэзия киэҥ туонатыгар саҥа кынат үүннэринэн эрэр эдэр киһиэхэ Тааттаттан тардыылаах талааннаах суруйааччы Платон Ойуунускай бастыҥ холобур быһыытынан сүрэҕэр-быарыгар иҥэн киирбитэ хоһоон буолан таҕыстаҕа. Ылан көрүөҕүҥ:

Муораттан муораҕа көрүлүүр,
Очуостан охсуллан уйулуур
Имэҥнээх-илбистээх тылынан туоламмын
Муусука сүрэҕэ буолларбыан,
Былатыан суолунан бардарбыан!

Суруйааччы Петр Аввакумов 1999 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт поэт хомуурунньугун иккис томун аан тылыгар маннык бэлиэтээн турар: «Тимофей Сметанин кэлин бу хоһоонун сөргүппэтэҕэ, ол өйдөнөр. Интеллигенция үрдүгэр түспүт репрессия туох-ханнык иннинэ саха суруйааччыларыттан П.А. Ойуунускайы суох гыммыта. Онон кини аата аһаҕастык этиллэрэ кутталлаах буолбута, ол эрээри Тимофей Сметанин кэрэхсэбиллээхтик, түргэнник ситэн-хотон барбыт айар үлэтигэр бу эппитин бигэтик тутуспута. Олоххо саха үлэһит дьонугар үөскээн, колхозка эрдэ оҕо сааһыттан эриллэн буспут-хаппыт киһи айар үлэтигэр эмиэ үөрэнии суолугар уһуннук сылдьыбатаҕа. Кини бөрүөтүттэн үчүгэй уус-уран таһымнаах, кырдьыгы этэр муударай өйдөөх-санаалаах кылгас, тэттик айымньылар утуу-субуу суруллан тахсаннар, хаһыаттарга бэчээттэнэн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин ыллар-ылан испиттэрэ». Тимофей Сметанин биһиги улууспут, өрөспүүбүлүкэбит биир тарбахха баттанар, дэгиттэр талааннаах суруйааччыта буола үүнэригэр Таатта өҥ буоруттан өрө анньан тахсыбыт норуот чулуу уола Платон Ойуунускай суолдьут сулус буолбута диэтэхпинэ, арааһа сыыспатым буолуо. «1937 сыллаахха кини айар үлэтин 20 сыллаах үбүлүөйүн киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Саҥа үүнэр суруйааччыларга, саха литературатыгар Платон Ойуунускай сабыдыала сүдү этэ», — диэн тоһоҕолоон этэн тураллар. (Саха литературата: уопсай орто үөрэхтээһин 10 кылааһыгар үөрэнэр кинигэ: 10 кылаас / [Н.Н. Тобуруокап, П.В. Максимова, Н.И. Филиппова]. – Бастакы тахсыыта. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 55с.)
Иккиһинэн, Кэбээйи улууһун бастакы үрдүк үөрэхтээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна, поэт Иван Романович Петров «Платон Ойуунускай тыллара» диэн хоһоонун бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Поэт Ойуунускай айар үлэтин далааһынын, суолтатын, аналын уус-уран, хомоҕой тылынан барт дьонугар тиэрдэр. Холобур:

Ойуунускай ох тыллара –
Сардаҥаран үүнэр күммүт
Саһарҕатын кыыһар кыымнара,
Төлөһүйэн үөскүүр ыччатым
Төрөөбүт саҥатын сайдыыта.
Ойуунускай ох тыллара –
Саха сирин сырдык дьылҕатын
Саас тыллар бастыҥ ньургуһуна,
Ас кутар бурдукпут куолаһын
Араҕас киистэтин сыдьаайа.

Дьон кэпсээниттэн, ахтыылартан аахтахха, Иван Романович Петров оҕо аймах сөбүлүүр, ытыктыыр учуутала этэ. Саха литературатын уруоктарыгар суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин, айымньыларын туһунан олус үчүгэйдик кэпсиирэ, хоһооннорун өйүттэн доргуччу ааҕара. Хомойуох иһин, 1948 сыллаахха хара балыырга түбэһэн буруйдаммыта. Иван Петров сиэн балта Р.А. Иванова ахтыытыттан: «– 1942 сыллаахтан буржуазнай-националистическай суруйааччылары хайҕааһын, көмүскээһин, пропагандалааһын, докумуон тылынан: «… Ойунский был настоящий писатель, его творчество поднимает дух и слово доходит до самых мозгов костей, несмотря на то, что его считают врагом народа. Я думаю, что его произведения будут выставлены со временем рядом с Кулаковским» (л.л. 156, 157) Дьэ, маннык бобон-хаайан оччотооҕу репрессия кэмигэр Иван Петров Платон Ойуунускай туһунан сырдык өйдөбүлүн кэҕиннэрэ, санаатын самнара сатаабыттара. Ол эрээри кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. 1955 сыллаахха, төһө даҕаны эрэйи эҥэринэн тэлэн дойдутугар эргиллибитин иһин, поэт айар үлэтин салҕаабыта, оскуолаҕа учууталлаабыта. Кини «Платон Ойуунускай тыллара» диэн хоһоонун 1974 сыллаахха суруйбута. Онон Таатта талыы сириттэн төрүттээх улуу суруйааччы уонна поэт, учуутал Иван Петров дьылҕалара алтыһан ааһаллар диэн көрдүм.

Үсүһүнэн, аныгы кэм поэта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Лена долгуннара» диэн улуустааҕы литературнай түмсүү салайааччыта Иосиф Григорьевич Кобяков «Ойуунускай» диэн хоһоонунан Тааттаны кытары ситиммитин көрөбүт.

Хаар түһүө, хаар ууллуо –
урукку охсуһуу дуораана умнуллуо.
Хаалыахтара арай омукпут
тылыгар,
хас саха киһитин
сүрэҕэр-быарыгар,
хараҥаҕа даҕаны тырымныы тыллар
ойуун, олоҥхо, оһуохай диэн тыллар уонна
норуотун дьолугар күлүбүрүү умайбыт
улуу Ойуунускай убайбыт.

Кырдьыга, поэт Иосиф Кобяков тоһоҕолоон этэрин курдук, саха бастакы суруйааччыларын дьылҕалара, айан хаалларбыт нэһилиэстибэлэрэ уонна Таатта сирэ-уота саха дьонун олоҕун кытары арахсыспат аналлаахтар, быстыспат дьылҕалаахтар. «Норуотун дьолугар күлүбүрүү умайбыт улуу Ойуунускай убайбыт» диэн поэт уот харахха этэр. Саха чулуу уолаттара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов о.д.а. саха норуота тыыннаах хааларын туһугар, саҥа тэриллибит өрөспүүбүлүкэ атаҕар турарын иһин олохторун толук уурбуттара эбээт!

Оттон мин ааптар быһыытынан тус бэйэм, ааспыты ахтан аастахха, 2017 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай экспедицияҕа кыттыыны ылан, уус-уран литература биһигэр ытык Тааттаҕа сылдьан үөрэн-көтөн, дьоллонон кэлбитим. Саха бастакы суруйааччылара төрөөбүт-үөскээбит сирдэрин көрөн-истэн, ымыылаах ыллыктарынан хааман дьикти кэрэ иэйиигэ куустарбытым. Ол онтон санаам өрө көтөҕүллэн «Таатта талыы сиригэр» диэн хоһоон оҕотун айбытым. Тааттаҕа сүрэх талаһара кэмнээх буолуо дуо?! Ол курдук:

Таатта талыы сиригэр –
Таптал тыллар, сүҥ кэрэ!
Талымас сүрэҕим кэйэн,
Талаһар эйиэхэ сэгэйэн…

Түмүктээн эттэххэ, Таатта уонна Кэбээйи улууһа – айар-суруйар дьон көмүс ньээкэ уйалара, уостубат улуу таптал, айымньылаах, бэриниилээх үлэ туоната буоланнар, уус-уран литература сайдарын туһугар туруулаһар биир бигэ ситимнээхтэр. «Оҥоһуллан эрэр олоҥхо: Таатта уонна мин улууһум» – кэскилэ иннигэр, кэлэр кэнчээри ыччатыгар.

Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Кэбээйи улууһа, Мукучу.

Читайте дальше