Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут саҥа үс этээстээх, 4000 кв.м. иэннээх, күҥҥэ 200 киһини көрөр кыахтаах поликлиника ааспыт сыл сэтинньитигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэҕэ киирбитэ.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видеосибээс нөҥүө эбийиэги арыйыы үөрүүлээх тэрээһинигэр кыттыбыта. «Дойдубут хас биирдии эрэгийиэнигэр, кыра куораттарга уонна бөһүөлэктэргэ, дьон-сэргэ үрдүк таһымнаах аныгы мэдиссиинэ көмөтүнэн хааччылалларыгар туһуланар», – диэн Владимир Путин иһитиннэрбитэ.
Ытык Күөлгэ аһыллыбыт саҥа поликлиника «Модернизация первичного звена» бырайыагынан иккис ыйын нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүнэн хааччыйар. Киирэр аантан саҕалаан аһаҕас офистар үлэлииллэр. Ыарыһахтар көрдөрөллөрүгэр бары усулуобуйа «Бережливая поликлиника” бырайыагынан үрдүк хаачыстыбалаах оборудованиелар туруоруллубуттар. Поликлиникаҕа 16 срезтаах компьютернай томография үлэтин саҕалаан, номнуо уонча ыарыһахха диагноз туруоруллубут. Цифровой рентгент, малодозовай цифровой флюорограф «ПроСкан» аппараттарга 500-чэ киһини түһэрбиттэр. Рентгент маммограф аппаратка 60-ча киһи түспүт.
Маны таһынан бронховидеоскоп, видеоколоноскоп, гастроинтестинальнай видеоскоп, гемоскопия. Отоларинголог кабинетыгар эндоскопия, видеоскопия аппарата, стоматолог кабинетыгар цифровой радиовизиограф. Поликлиника физиокабинета толору саҥа оборудованиенан хааччыллыбыт, ол курдук амплипульс, лазернай, ультразвуковой терапия, электрофорез, магнитнай-терапия ыытыллар аппараттара ыарыһахтарга толору үлэлии турар.
Доруобуйанан хааччахтаах ыарыһахтарга бары усулуобуйа тэриллибит. Ол курдук көрбөт ыарыһахтарга анал ыйынньыктар, хаамарга аналлаах тутуһар сирдэр, суһал көмөнү ыҥырарга бэлиэлэр бааллар.
Ирдэбил быһыытынан поликлиникаҕа биир кэлим информационнай-справочнай сулууспа арыллыбыт. Сулууспа нүөмэрэ «122». Coll-кииҥҥэ эбии үлэһиттэр, залга администратор көрүллүбүт.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүлүнэн олоххо киирбит Тааттатааҕы поликлиника хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүн оҥоро турдун.
Елена Слепцова.