Кэнники биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарар үгүс социальнай эбийиэк олоххо киирдэ. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев быһа эпииргэ бэлиэтээбитинэн 2023 сылга 274 социальнай суолталаах эбийиэк тутулунна.
Таатта улууһугар улахан болҕомто ууруллан, Бэдэрээлинэй уонна эрэгийиэннээҕи бырагырааммалар көмөлөрүнэн доруобуйа харыстабылыгар үгүс үлэ ыытылынна. Нэһилиэнньэлээх пууннарга балыыһа техническэй баазатын хаҥатыыга үлэ ыытыллан, Уолбаҕа, Хара Алдаҥҥа ФАП-тар, Дьохсоҕон нэһилиэгэр амбулатория тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Улуус киинигэр стационарнай балыыһа хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллыбыта, араас таһымнаах бырагырааммалар көмөлөрүнэн сыаналаах оборудованиелар ылыллыбыттара, суһал көмө массыыналара кэлбиттэрэ.
Таатта улууһугар саҥа поликлиника аһыллыытыгар Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видеонан сибээс нөҥүө үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыттыыны ылбыта дьоһун суолтаны биэрдэ.
Ытык Күөлгэ «Доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөҕүн саҥардыы» («Модернизация первичного звена») бырагыраамма иитинэн үлэҕэ киирбит 3 этээстээх, 4 тыһ. кв.м. иэннээх, биир күҥҥэ 200 ыарыһаҕы көрөр, аныгы оборудованиеларынан хааччыллыбыт саҥа поликлиника иккис ыйын таһаарыылаахтык үлэлээн, нэһилиэнньэни мэдиссиинэ бары өҥөтүнэн хааччыйар.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитин курдук улахан нэһилиэнньэлээх куораттартан итэҕэһэ суох, улуус олохтоохторо уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон үрдүк таһымнаах испэсэлиистэринэн хааччыллыбыт, саҥа оборудованиеларынан толору хааччыллыбыт «Кыһамньылаах поликлиника» бырайыагынан киэҥ-куоҥ уораҕайыгар дойдуларыттан ырааппакка, миэстэтигэр тустаах мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһаналлар.
Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир поликлиника регистратураны таһынан, быраас кабинетыгар сирдиир, доруобуйаларынан хааччахтаах көрбөт ыарыһахтарга аналлаах ыйынньыктар, истиэнэни кыай көмөлөһүннэрэн хаамарга аналлаах тутуһар сир арыаллыыр буолан, көрдөрөр ыарыһахха улахан көмөлөөх. Ону тэҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон суһал көмөнү ыҥырарыгар администраторга тута биллэрэр бэлиэҕэ тиийэ учуоттанан, сытар ыарыһаҕы үөһэ таһаарар, түһэрэр лифкэ тиийэ табыгастаахтык оҥоһуллубут.
Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ Саха сирэ оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан инники күөҥҥэ турар. Онтон Таатта улууһа өрөспүүбүлүкэ көрдөрүүтүттэн 17% үрдүк. Саҥа эбийиэккэ оҕолоох ийэҕэ анаммыт кырачааны аһатар, анал хос аһыллан, бары усулуобуйа тэриллибит. Поликлиника иһинэн Колл-кииҥҥэ администратор көрүллэн, «122» биир кэлим төлөпүөн сулууспата үлэлээн, нэһилиэнньэни кытта көдьүүстээх үлэ ыытыллар.
Олохтоох нэһилиэнньэ Бэдэрээлинэй бырайыагынан олоххо киирбит мэдиссиинэ киинигэр ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир тэриллэринэн — 16-срезтээх компьютернай томограф, диагноһы туруорар рентген аппараат, бронховидеоскоп, видеоколоноскоп, видеоскоп гастроинтестинальнай видеоскоп, көһө сылдьар ФЛГ уонна маммограф аппараатынан о.д.а. хааччыллан, ону тэҥэ — офтальмолог, отоларинголог, дерматолог, тиис барааһын кабинеттара толору саҥардыллан, ыарыһахтар миэстэтигэр бары өҥөнү туһаналларыгар улахан чэпчэтиини, эмчиттэр үлэлииллэригэр бары усулуобуйа тэрилиннэ.
Бу туһунан Тааттатааҕы поликлиника сэбиэдиссэйэ Саргылана Гаврильева тыа сирин олохтоохторо аныгы аппарааттарынан хааччыллыбыт хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһаналларын бэлиэтээтэ: «Доруобуйа харыстабыла Мэҥэ бырайыак бастакы сүһүөх эмп тэрилтэлэрин модернизациялааһын бырагыраамматынан күҥҥэ 200 ыарыһаҕы көрөр кыамталаах саҥа поликлиникабытыгар 6 тыһ. кэриҥэ ыарыһах көрдөрүннэ».
Рентгенолог быраас Айталина Стручкова саҥа аппарааттар көмөлөрүнэн хаачыстыбалаах үлэ ыытылла турарын сырдатта: «Саҥа поликлиникаҕа үлэлээбиппит икки ый буолла. Ыарыһахтар дойдуларыттан ырааппакка, саҥа 16-срезтээх компьютернай томографка түһэллэрэ олус табыгастаах, быраас диагноһы туруорарыгар олус көмөлөөх буолла. Уопсайа маммографияҕа — 60, рентген аппараакка — 500 ыарыһаҕы көрдүбүт».
Баай үөрүйэхтээх, үрдүк категориялаах гастроэнтеролог быраас Александр Слепцов киин сиртэн итэҕэһэ суох тыа сиригэр мэдиссиинэ сайдыытын туһунан бигэ санаатын биллэрдэ: «Саҥа поликлиникаҕа киирэммит үс саҥа аппараат: видеогастроскоп, видеобронхоскоп, видеоколоноскоп кэлбитэ. Бэдэрээлинэй бырагырааммалар үлэлииллэрэ олус кэрэхсэбиллээх, 60 тахса киһи көрдөрөн, аппараатынан туһанна. Тыа сирин мэдиссиинэтэ сайдар кэскиллээх уонна инникилээх».
Таһаарыылаахтык үлэлии турар поликлиникаҕа көрдөрүммүт Тааттыныскай нэһилиэк олохтооҕо Михаил Карбаканов тыа сирин мэдиссиинэтэ сайдыы суолун тутуспутун туһунан санаатын үллэһиннэ: «Күһүн сиспин эчэтэн, аныгылыы олох сиэринэн тутуллубут саҥа тутуллубут поликлиникаҕа уочарата суох түргэнник УЗИ, ЭКГ, рентген аппарааттарга көрдөрүммүтүм. Сиһэ ыалдьыбыт киһиэхэ эмтиир киин лифтээх буолан түһэргэ, тахсарга олус табыгастаах. Аны Илин Эҥэргэ олус наадалаах аппараакка компьютернай томографияҕа түһүөхтээхпин. Саҥа поликлиника олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан үлэлии турара олус үчүгэй. Поликлиникабыт өссө даҕаны сайда, саҥа оборудованиенан хааччылла турдун».
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн үлэлиир «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүлүнэн олоххо киирбит Тааттатааҕы поликлиника бүгүҥҥү күҥҥэ кыһамньылаах сыһыаннаах үлэһиттэринэн, үрдүк таһымнаах быраастарынан хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорон, үрдүк таһымҥа таҕыста.
Мария Павлова.