Тааттаттан тардыылаах Киэсэ Максимов

Таатта улууһун дьаһалтата, СӨ «Саха Бэчээт» САТ, «Таатта» хаһыат эрэдээксийэтэ тэрийбит, «Таатта» хаһыат тэриллибитэ 85 сыллаах үбүлүөйдээх күнүн көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи «Таатта уонна мин улууһум» айар куонкуруска анаан.

2024 сыл модун Россиябытыгар Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылларынан ситимнээн, мин бүгүн эдэр табаарыһым, Тааттаттан төрүттээх Киэсэ Максимов уонна кини дьиэ кэргэнин туһунан кылгастык кэпсиэхпин баҕарабын.

Ханнык баҕарар киһи ханна да олордор, өрүү дойдутун ахтар-саныыр. Ким ханна төрөөбүтүнэн дьиэ кэргэнин, улааппытынан ахтылҕаннаах дойдутун өрө тутар буоллаҕа.

Киэсэ күн-күбэй ийэтэ Александра Ивановна, ииппит амарах аҕата Марат Егорович Юнчановтар буолаллар. Дьиэ кэргэҥҥэ Киэсэ иккис оҕо, улахан убайа Иван — полиция майора, балта Сахаяна – дьиэ хаһаайката оҕотун көрөн олорор, быраата Макар – авиалесохрана үлэһитэ, бары ыаллар.

Оҕо саас… Ханнык да кэмҥэ ордук кэрэтийэн көстөр, ураты чаҕылхай күнэ, кыырпах былыта суох күп-күөх халлаана, дыргыл мүөттээх салгына минньигэстик өйүгэр-санаатыгар уһуктан, хараҕа чаҕылыйа уоттанар. Алын сүһүөх кылаастартан саҕалаан сайынын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар сылдьан, саҥа тэриллибит бааһынай хаһаайыстыбаҕа хортуоппуй көрүүтүгэр, сааһын хаар түһэриитигэр үлэлииллэрин кэмчи саҥалаах Киэсэ ис-киирбэхтик ахтар. Дьоно сүөһүлээх-астаах буолан от үлэтигэр буһан-хатан улааппыт. Саамай элбэх оту бааһынаҕа 30 төбө кэбиһиини туруорбут сайынын умнубат. Дойду тутула уларыйбыт кэмэ буолан кэтэх тиэхиньикэлэринэн, кыра тыраахтарынан оттообут отторун дьиэ таһыгар далга таһан иһэллэр эбит. Оскуолаҕа бигэ ортотук үөрэммит, ханнык баҕарар оскуолаҕа курдук, ырыаттан ураты үҥкүү ансаамбылыгар сылдьыбыт. Спортка иккис кылаастан саҕалаан, көҥүл тустууга сыстыбыт. Ол күнү олус үчүгэйдик өйдүүр, дьиэлээн истэҕинэ: “Кэл эрэ ноко, тустуохха эрэ, наһаа мэник уолгун дии”, — диир саҥаны истэн өрө көрө түспүтэ, тириэньэр Геннадий Ананьевич Попов турар эбит. Сарсыҥҥы күнүттэн киниэхэ көҥүл тустуу сиэксийэтигэр сылдьан барбытым диир. Онон бастакы тириэньэринэн тустууга уһуйбут киһитинэн улаханнык убаастыыр киһитэ Таатта улууһун биллэр тустууга Геннадий Попов буолар.

Ити курдук оскуоланы бүтэриэр диэри көҥүл тустуу сиэксийэтигэр эрчиллиигэ сылдьыбыт, оскуола көбүөрүттэн саҕалаан улуус түһүлгэтигэр тиийэ тустубут.

Спортка улахан ситиһиилэрим суохтар, ол гынан баран спордунан дьарыктанан, тус олоххо туруоруммут сыалы ситиһэргэ, эппит тылы толорорго, эппиэтинэстээх, чиэһинэй буоларга уонна, биллэн турар, чэгиэн доруобуйалаах чөл олоҕу тутуһарга сүрүн оҥкулу ылбытым, — диэн кэпсиир Киэсэ. Улахан ситиһиитэ суоҕум диирэ оруннаах эбит. Кини кэмигэр утарсааччылара Россияҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ тустан миэстэлэһэр уолаттар бааллара. Дьэ олор улахан мэһэй буолбуттар.

Мин тус бэйэм бастаан  Киэсэни, кыра соҕус уҥуохтаах киппэ киһини, Покровскай куорат Спортка дыбарыаһыгар гиирэ спордун күрэхтэһиитигэр көрбүтүм. Ити күрэхтэһиигэ кини бастаабыта. Уопсайынан, Хаҥалас улууһун 8  төгүллээх чөмпүйүөнэ. Кэлиҥҥи уон сылга соҕотоҕун кэриэтэ туруулаһан туран, спорт бу көрүҥүн өрө тардыста. Быйыл хаҥаластар гиирэ спордугар Сахабыт сиригэр инники күөҥҥэ таҕыстылар. Сыраласпыт сырата мэнээх хаалбата. Киниэхэ манна сүрүн өйөбүлү улуус гиирэҕэ спордугар федерациятын салайааччыта, Хаҥалас улууһун  баһаары утары сулууспатын  этэрээтин начаалынньыга, астаапкаҕа сылдьар Ис сулууспа подполковнига Федор Михайлович Севостьянов, “Спорт  дыбарыаһа” спортивнай комплексын дьоһуннаахтык уонна кэскиллээхтик үлэлиир дириэктэрэ Олег Иннокентьевич Иванов оҥорбуттара. Оттон гиирэ спордугар сыһыарбыт чугаһаппыт дьоннорунан, тириэньэрдэринэн биир дойдулаахтарын Иннокентий Иванович Бояровы, Георгий Гаврильевич Товаровы киэн тутта ахтар.

Тохсус кылаас  кэнниттэн тута, Дьокуускай куоракка ГПТУ-16 сыбаарсык идэтигэр үөрэнэ киирбит. Ол идэни тоҕо талбытын туһунан маннык кэпсиир:

6-с кылааһы үөрэнэн бүтэрэн баран сайын, ньирэйдэрбэр уу таһа сырыттахпына тэлиэскэм көлөһөтө уонна бөтүөнү ыйыыр күрүчүөгүм тостон хаалбыта. Ол булумахтана сырыттахпына, сыбаарсык идэлээх үтүө санаалаах убайым Иван Слепцов ыҥыран ылбыта. Тэлиэскэм көлөһөтүн оҥорон, ньоҕоруолунан арыылаан биэрбитэ, күрүчүөкпүн сыбаарканан иһэрдибитэ. Мин онно олус үөрбүтүм, дьиэбэр баран истэхпинэ “Улааттаххына “сыбаарсык”  буолаар, тимир үлэтэ хаһан да бүппэт уонна сатаатаххына бэйэҥ абыраныаҥ, дьоҥҥо туһалаах киһи буолуоҥ” диэбитэ. Көрүстэҕинэ наар тэлиэскэм көлөһөлөрүн арыылаан биэрэр этэ. Үлэһит буолан баран туох эмэ уустук үлэ сатанымаары гынна да кинини саныыбын. Олоро түһэн толкуйдуубун, оччоҕо барыта табыллар. Уу устарын курдук устан, санаа хоту сатанар.  Иван Слепцов билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Кэмигэр бэркэ да этэн,  алҕаан ыыппыт эбит,- диэн сүбэ-ама буолбут киһитин сылаастык саныыр.

ГПТУ- 16 бүтэрэн баран тута аармыйаҕа сулууспалыы барбыт. Сахатын сиригэр Тиксии- 3, икки сыл Аҕа дойдутун иннигэр ытык иэһин төлөөбүт. Аармыйа кэнниттэн үлэ булбакка эрэйдэнэ сылдьыбыт. Бастаан Ытык Күөлгэ «Жилкомсервис” тэрилтэҕэ үлэлээбит. Ити курдук уол оҕо, эр бэрдэ үлэ үөһүгэр киирбит. Оттон кэргэнинээн Изольдалыын билсиһиилэрэ ураты. Олоххо тардыһыылаах, ураты көрүүлээх дьон, дириҥ силистээх-мутуктаах Таатта уонна Хаҥалас ыччаттара, аныгы кэм сиэринэн куйаар ситимин нөҥүө билсибиттэр. Харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн тута кэриэтэ ыал буолбуттар, аал уоту оттубуттар, торҕо буруону унаардыбыттар. Итинтэн сиэттэрэн таптал, дьол уйгутун олохтоон сахалар тумус туттар дойдуларыгар Ытык Хаҥалас сиригэр олохсуйарга быһаарыммыттар. Билигин түөрт оҕолоохтор, улаханнара Арылхан 10 кылааска үөрэнэр, чэпчэки атлетиканан дьарыктанар, уһуну сүүрүүгэ бэйэлэрин саастыылаахтарыгар Хаҥалас улууһун чөмпүйүөнэ, Эрэл 3 кылааска үөрэнэр, тхэквондонан дьарыктаммыта иккис сыла, бэйэтин ыйааһыныгар өрөспүүбүлүкэ 2 төгүллээх кыайыылааҕа. Кыралара игирэлэр, кыыстаах уоллара Лиза уонна Елизар 1-гы кылааска бэрт ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Дьиэ кэргэнинэн сахалыы остуол оонньууларыгар хабылыкка, хаамыскаҕа бастаан тураллар. Ити курдук Покровскай куорат мааны далбар ыаллара Максимовтар чөл олоҕу, спорду уонна кэрэ эйгэтин иккиэннэрин сэргэһистиннэрэ илдьэ сылдьар ыаллар. “Эр киһиэхэ саамай табыллыыта олоҕун аргыһыгар, үтүө кэргэҥҥэ түбэһии дии саныыбын”, — диир Киэсэ. Кэргэнин Изольдатын өйөөн Киэсэ, Покровскай куорат «Саргы Түһүлгэтэ» норуот айымньытын уонна култуура Киинин сыанатыттан түспэт. Өрүү үтүө тэрээһиннэргэ кыттар. Кэргэнэ Изольда салайар «Ай-Ситим» ансаамбылын биир тутаах, төһүү киһитинэн буолар. Изольда «Олоҥхо Дорҕооно» төрүт үнүстүрүмүөннэр бэстибээллэрин барылын ааптара. Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ 2-с истиэпэннээх Дипломант үрдүк аатын ылан тураллар. Айа-тута сылдьар дьон.

Итини сэргэ, Киэсэ уопсастыбаннай үлэттэн туора турбат. Покровскай куорат «Эргис» эр дьон түмсүүлэрин биир тутаах бас-көс киһилэрэ. Түмсүүлэрэ аҕа оруолун дьиэ  кэргэҥҥэ үрдэтэргэ ылсан, сыллааҕы былааны ылынан, ол быһыытынан кыаммат ыалларга, кырдьаҕас дьоҥҥо көмөлөһөллөр, уопсастыбаннай үлэлэрин эйгэтэ киэҥ.

Этэргэ дылы, киһи ханна да тиийдэҕинэ, ханнык да эйгэҕэ үлэлээтэҕинэ өрүү үтүө санаалаах, олоххо көхтөөх дьону көрсөр. Кинилэр сүбэлэрэ-амалара өрүү өйөбүл, көмө буолар уонна оттон ыал аҕатын быһыытынан мин сүрүн сорукпунан дьиэ кэргэним иннигэр эппиэтинэстээх буолууну буоллаҕа. Онтукам ханнык да уустуктары, ыарахаттары туоруурбар сүдү  күүс буолар, — диир Киэсэ.

Аҕалар көҕүлээһиннэринэн араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, субуотунньуктар, күрэхтэһиилэр буолаллар, биирдиилээн ыалларга да көмөлөһөллөр. Итини таһынан үөрэх дьыла саҕаланыытыгар «Собери ребенка в школу!», кырдьаҕастарга-кыамматтарга «Дары осени»,  саҥа дьылы көрсө «Бумеранг добра», саас-күһүн аҕам саастаах дьоҥҥо «Байанай бэлэҕэ»диэн онтон да атын социальнай уһулуччу суолталаах  үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэргэ кыттар. Билигин баһаары утары «АДПИ», куораппыт дьоно-сэргэтэ сынньанар  сирин «Паарканы чөлүгэр түһэриэххэ» диэн аахсыйаларга көх-нэм буолар. Элбэх өрүттээх, киэҥ хайысхалаах уопсастыбаннай үлэҕэ кыттарыгар дьиэ кэргэнэ, чуолаан тапталлаах кэргэнэ Изольда өрүү өйүүллэр. Барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланан, онно иитиллэн, такайыллан тахсаллар диэн бигэ өйдөбүллээх, санаалаах.

Киэсэ өр сылларга  «Хангаласгазстройга», билигин ОДьХХ Хаҥаластааҕы филиалыгар сыбаарсыгынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.  Дойдутун талыы Тааттаны санаабатах, ахтыбатах күнэ диэн суох. Дьонугар-сэргэтигэр ыраас, сырдык санааны, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыыны, хас биирдии күнү туһалаахтык атаарыыны баҕарар. Чуолаан ыччат дьоҥҥо, эдэр саас олус түргэнник элэс гынан ааһар, дойдутугар Тааттаҕа дьоһуннаах суолу-ииһи хаалларар курдук олоруҥ, үлэлээҥ диир. Нэһилиэгин күннээҕи олоҕун, куйаар ситимин нөҥүө истэ-билэ олорор. Хас сайын ахсын, ахтылҕаннаах дойдутугар тиийэн, талба талыы Тааттатын кэрэчээн сибэккинэн симэммит күөх  хонуутун устун дьаарбайа хаамыа. Дыргыл мүөттээх салгынынан түөһүн толору тыыныа.

Олох Өлүөнэ эбэбит сүүрүгүнүү тохтоло суох кимиэллээхтик устан иһэр. Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка олохсуйбут Максимовтар  халыҥ аймах буолан, киэҥ-кэтит кэскиллэнэр, суон соргуланар, уйгулаах олохтонор туһуттан өбүгэлэрин олохторун салҕаан, удьуор утумун тутуһан төрөөн-ууһаан, үксээн-тэнийэн, үүнэн-үрдээн  иһэллэр. Дьоллоох-соргулаах буолуҥ, биир дойдулаахтарым, таатталар! — диир мүчүк гына, дойдутун санаан, ис-иһиттэн сырдаан олорон эдэр доҕорум Киэсэ Максимов.

Таатта дьоно-сэргэтэ, бу Ытык Хаҥаласка олорор-үлэлиир биир дойдулаахтарынан Киэсэ Максимовынан, кини дьиэ кэргэнинэн киэн тутуннуннар диэн баҕа санаалаахпын. Ханна да киһини кини үтүө аата, кини холобур буолар олоҕо, дьиэ кэргэнэ уонна кэрэчээн оҕолоро киэргэтэллэр.

Уйбаан УЙГУУРАП.

Читайте дальше