Бүгүн – Ырыа күнэ. Онон 70 ырыа матыыбын ааптарын туһунан өссө сырдатыым. Олоҥхо биһигэ – Уус Алдан улууһа – ырыаһыт дьоннооҕунан биллэр. Оччоттон баччаҕа диэри ырыа-тойук хото ылламмыт сирэ-дойдута буоллаҕа! Аатырбыт улуукан төрүттээх, тоҕус Дьоруойдаах улуус хас биирдии тэрээһинэ ырыата-тойуга суох ааспата чахчы. Онно биир актыыбынай кыттааччы, көҕүлээччи, тэрийээччи улууспут киэн туттар киһитэ – мелодист, куруук байаан тутуурдаах Станислав Луковцев буолар.
Саханы саха дэппит улуукан дьоммут төрөөн-үөскээн тэнийбит талыы-талба Таатта улууһун Баайаҕатыттан төрүттээх Станислав 1963 сыллаахха олунньу14 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Онно оҕо сааһа ааспыта. Аҕата сэриии кыттыылааҕа Николай Харлампьевич, кэргэнэ олохтон эрдэ туораан, уолаттарын соҕотоҕун ииппитэ. Сэрииттэн 2-с группалаах инбэлиит буолан кэлбитэ. Баайаҕаҕа почтаҕа, олохтоох радиоузелга үлэлээбитэ. Пенсияҕа олорон дьоҥҥо унтуу улларыыта, олоппос, чаһы өрөмүөннээн, илиитин үлэттэн араарбатаҕа. Станислав октябренок, пионер, комсомол, пко чилиэнэ буолан, 9 -10-с кылааска үөрэнэ сылдьан, 5-6 кылаастарга баһаатайынан үлэлиирэ, авиамоделизм, дуобат куруһуоктарын ыытара. Оттон кини муусукаҕа таптала оҕо сааһыттан саҕыллыбыт эбит.
Кыра уолчаан байаан тыаһын истибит күнүттэн, байааҥҥа оонньуоҕун ыралаан барбыта. Салгыны кууһан байаанныыр курдук үкчү туттан муусука таһаарбыта буолара. Онуоха төрдүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына аҕата почтанан байаан сакаастаан соһуччу бэлэх оҥорбута оҕо сааһын биир дьоллоох түгэнэ буолар. Баҕалаах уол сэттис кылаастан оскуола кэнсиэрдэригэр солбуллубат баянист буолбута.
Киһи олоҕор дьылҕатын сөптөөх суолугар салайан биэрэр, далаһа уурар үтүө дьон хайаан да баар буолаллар эбээт. Кини кыра сааһыттан уопсастыбаннай үлэҕэ, муусукаҕа сыстан иитиллэн-такайыллан тахсыбытыгар старшай пионер баһаатай Татьяна Игнатьевна Андросова уонна муусука учуутала Марита Никитична Потапова улахан оруолу оонньобуттара. Станислав 1982 сыллаахха Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищены кыһыл дипломунан, 1988 сыллаахха Бурятияҕа Улан Удэ куоракка Илин Сибиирдээҕи Государственнай култуура институтун ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыгар Уус Алдан Балыктаах нэһилиэгин оччолорго саамай сулустаах кэмнэригэр сылдьар аатырбыт Найахы хоругар быраактыкатын ааспыта.
Кини онно уопут ылан, буһан-хатан таһаарыылаахтык үлэлээн, Найахыга үлэлии кэлэргэ санаммыта. Онно олохтоох Александра Румянцевалыын ыал буолан уоллаах кыыс оҕолонон, билигин биир уол оҕо сиэннээхтэр. Александра Николаевнаны билиһиннэрдэххэ, кини идэтинэн математика учуутала, 1993 сылтан Мүрү 2-с №-дээх оскуолатыгар үлэлиир. Россия уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, Уус-Алдан социальнай, экономическай сайдыытын, култуураҕа үтүөтүн иһин бэлиэ хаһаайына, Бороҕон народнай хордарын чилиэнэ.
Эдэр ыал Найахыга айа-тута үлэлии сырыттаҕына, бэйэтин көрдөрбүт эдэр, талааннаах исписэлииһи 1990 сыллаахха улуус киинигэр Бороҕоҥҥо үлэлэтэ ыҥыраллар. Ол күнтэн күн бүгүнүгэр диэри оҕолору муусука кэрэ эйгэтигэр уһуйан, улуус култуурунай сайдыытыгар төһүү кылаатын ууран айымнньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.
Кыра сааһыттан патриотизм тыыныгар иитиллэн-такайыллан улааппыт киһи, төрөөбүт дойдутун туохтааҕар да күндүтүк саныыр. Ол курдук, 2005 сыллаахха Уйбаан Бахсылыырап тылларыгар айыллыбыт Мандар Уус сүдү талааныгар анаммыт «Баайаҕа – үтүө дьон биһигэ», онтон салгыы Унаар Уйбаан тылларыгар «Таатта ырыата», Иван Дедюкин тылларыгар «Баайаҕабар, Томторбор» ырыаларын дойдутун дьоно, ыччата уостан түһэрбэккэ сөбүлээн ыллыыр ырыалара буолбута. Оттон төлкөтүн түстээбит, үлэһит буолан буһан-хатан, үүнэн-сайдан тахсарыгар, ыал аҕата буолар дьолу биллэрбит, көмүс ньээкэ сылаас уйа буолбут Уус Алдан дьоллоох туонатын иккис дойду оҥостон сөбүлээн олохсуйдаҕа. Онон бу талааннаах, үлэһит киһи икки киэҥ историялаах улууһу ситимниир, дойду тапталынан кынаттанан күннэтэ айа-тута үлэҕэ тиэтэйэр.
Станислав Николаевич Луковцев Бороҕоннооҕу оҕо ускуустуба оскуолатын музыкальнай салаатын норуодунай инструменнарын кылааһын үрдүк категориялаах преподавателэ. «Барҕарыы» фонда стипендията, СӨ култууратын туйгуна, Социалистическай Үлэ Геройа, ССРС үтүөлээх пилота, Валерий Кузьмин аатынан стипендия лауреата, Уус Алдан улууһун уонна Мүрү, Найахы нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, «Чыпчаал» стипендия лауреата, «Уус Алдан социальнай-экономическай сайдыытын култууратыгар уонна үөрэҕириитигэр үтүөтүн иһин» бэлиэ хаһаайына. Улуустааҕы «Тойон Мүрү» ырыа айааччыларын түмсүүлэрин, СӨ ырыа айааччыларын, баянистарын сойуустарын чилиэнэ. Улуустааҕы «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэрин, «Дуолан» эр дьон ырыа ансаамбылын салайааччыта. Арассыыйа үтүөлээх оҕо ансаамбыла «Кэнчээри», Найахы уонна «Тойон Мүрү» Бороҕоннооҕу норуодунай хордарын аккомпаниатора, «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы спортивнай оонньуу гимнин уонна сэттэ уонча ырыа, ол иһигэр, сүүрбэ өрөгөй ырыа ааптара. Аан дойдутааҕы уонна «Коллекционеры Якутии» түмсүү, сойуустарын чилиэнэ, Жуковскай куоракка буолбут «Макс» авиасалон кыттыылааҕа, «Ырыа ыллыгынан» 2008 с., «Сырдык үөрүү» 2014 с., ырыанньыктар ааптардара. СӨ Ил Дарханын гранын икки төгүллээх кыайыылааҕа (2013,2015 сс.).
Мария Аргунова