Бука барыгытын Республикабыт Государственноһын күнүнэн итиитик-истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиирбин көҥүллээн.
Михаил Ефимович Николаев салалтатынан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха республикатын Государственнай Суверенитетын туһунан декларацияны ылыммыта. Сахабыт Сирэ социальнай-экономическай бигэ туруктаах буоларыгар, дьоммут-сэргэбит олоҕун уйгута тупсарыгар, өй-санаа, үөрэх-билии сайдарыгар олук ууруллубута, инники саҕахтары арыйбыта, суолбутун ыйбыта.
Республикабыт инники сайдыыта хас биирдиибититтэн олус тутулуктаах. Билиҥҥи балысхан сайдыылаах, түргэн тэтимнээх олоххо өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн өрөйөн-чөрөйөн биэрэммит, омук, норуот быһыытынан энчирээбэт кэскилбитин тутуох тустаахпыт.
Күндү бар дьонум!
Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ ил-эйэ эҥэрдээх бигэ туруктаах олоҕу, чэгиэн чэбдик туругу, толору дьоллоох-соргулаах дьоһун олоҕу.
Эҕэрдэни кытта норуот депутата Прокопий Рахлеев.