Таатта төрдүгэр тимир уустара өбүгэ ньыматын баһылыыр, кэскиллээх үлэлэрин үтүө түһүлгэтэ буолан ааста.
«Түмсүү – төлкө төрдө».
Б.Ф. Неустроев – Мандар Уус.
Күөх сайын үгэннээн турдаҕына, от ыйын 16-17 күннэригэр Ытык Таатта төрдүгэр Алдан нэһилиэгэр Булуҥ сэлиэнньэтигэр үс улуустан Чурапчы, Уус Алдан, Таатта тимир уустара хаһыс да сылларын түмсэн, айылҕа биэрбит боруодатыттан болгуо тимири уһаарар сатабылы көрдөрдүлэр. Уустар түһүлгэлэрэ өбүгэ үйэлэри уҥуордаабыт былыргы ньыматын арыйар бастыҥ сатабылыгар уһуйар үрдүк суолталаах, көрдөрөн үөрэтэр дириҥ ис хоһоонноох, баай үөрүйэҕи иҥэрэр бастыҥ тэрээһининэн буолла.
Үөрүүлээх тэрээһин үтүө алгыһын, күн оройо туолуон иннинэ, дьиэлээх хаһаайын, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Сергей Васильевич Тарабукин өбүгэ сиэринэн үс куту бөҕөргөтөр аналлаах алгыс тыл маанытынан саҕаланна. Ыраахтан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар алгыстаах кымыһынан айах тутуу сиэрэ толорулунна.
Киирии тылы тоҕус томтордоох Чурапчы улууһун тимир ууһа Попов Василий Степанович — Бааха Уус, маҥнай кэлбит да ыалдьыттарга тиийимтиэтик, судургу, ылыннарыылаах, ыллыктаах тылынан урууна суругунан тааска түһэриллибит төрүт өбүгэ тыла сахалыы суолтатын сүтэрбэккэ ааҕылларын бэлиэтээн туран, урууна суругунан ойуу-бичик сахалыы чорооҥҥо алгыс суолтатын үрдэтэн, тиэрдэрин дьон-сэргэ сэҥээрэрин курдук сэһэргээтэ. Ол кэннэ, тимир уһаарар оһохторугар бастакы уһаарыы саҕаланна. Олохтоох дьон-сэргэ үмүөрүһэ мустан, төрдүбүт-ууспут, силиспит-мутукпут киэҥ-дириҥ суолталааҕын билинэн, өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын эдэр ыччаттарбыт баһылаабыттарын көрөн дуоһуйдубут, астынныбыт!
Тэрээһиҥҥэ Мандар Уус уонна уһуйааччы Андрей Иванович Кривошапкин – Айыҥа үтүө сүбэтинэн сирдэтинэр Кузьма Аполлонович Федоров салайааччылаах «СилиС» уопсастыбаннай бөлөх урууна суругун ис дьиҥин үөрэтэр үлэтин эйгэтэ кэҥиир түгэнин, сыл ахсын дьон сэҥээритин ылар кыаҕа күүһүрэрин, былыргы өбүгэ суругунан алгыс көтөҕүү сиэрин илэ-чахчы көрдүм.
Автор: Раиса Маркова